Өлөөн оройуонун култуураҕа салаатын тэрилтэлэрин Сүбэ мунньаҕа

Ааспыт сыл үтүө түмүктэрэ, саҥа сыл инники соруктара
Өлөөн оройуонун култуураҕа салаатын тэрилтэлэрин
Сүбэ мунньаҕа

Быйылгы 2022 сыл култуура тэрилтэлэригэр, хас биирдии култуура үлэһиттэригэр сүҥкэн суолталаах, эппиэтинэстээх сылынан биллэр, ол курдук Норуот ускуустубатын уонна Россия норуоттарын култуураларын төрүт баайын сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Саха АССР төрүттэммитэ 100, Оройуоммутугар Аҕа сылларыгар аналлаах сылы Өлөөн Култууратын эйгэтин үлэһиттэригэр айар үлэбитигэр киэҥ хабаанаах айар үлэбит саҕаланан үлэ күргүөмнээхтик бара турар.
Муус устар 4 күнүгэр сарсыарда 10ч00 А.С.Иванов аатынан “Илкит” этнокультурнай кииҥҥэ Өлөөн оройуонун нэһилиэктэриттэн култуура этнокультурнай кииннэрин, Оройуоннааҕы киин библиотечнай система, Т.Л.Данилкина аатынан Оҕо искусстватын оскуолатын үлэһиттэрин кыттыылаах Сүбэ мунньаҕа үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Сүбэ мунньахха кыттыыны ыллылар 47 култуура үлэһиттэрэ, ону таһынын ыҥырыылаах ыалдьыттар, бу сылга бастакыннан Өрөспүүбүлүкэ тэрээһинигэр культуура түмсүүлэриттэн Дьокуускай куоракка Маастар күнүгэр Өлөөн оройуонун аатыттан дефиле –парадка кыттан хотугу улуустар икки ардыларыгар күрэххэ бастакы миэстэни ылбыт «Илькээни” этнокультурнай киин иһинэн үлэлиир «Алакуо” этнофольклорнай ансамбль
кыттыыны ылла.
Сүбэ мунньаҕы аһыллыбытынан эҕэрдэ тылынан анааран салайан ыытта РФ үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Өлөөн оройуонун култуураҕа салаатын салайааччыта Н.П.Николаева, эҕэрдэ тыллары ууннулар муниципальнай оройуон баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы баһылыга Павлова Т.Е., Өлөөн национальнай нэһилиэгин баһылык солбуйааччыта Васильев Х.П.
Быйылгы култуура үлэһиттэрин Сүбэ мунньаҕар специалистар тоһоҕолоон туран тирээн турар боппуруостарга уонна инники соруктарга эбии докладтары онордулар, ырыттылар, опыт атастастылар, Култуура эйгэтин ааспыт сыл үтүө түмүктэрин, саҥа сыл инники соруктарын туһунан эбии докладтары араас темалары ырытан оҥордулар култуура тэрилтэлэрин директордара, специалистара уонна IT – киин:
Боекова В.А.- ИМЦ методиһа – “Дорожная карта”, АИС, НОК, PRO.Культура РФ, Нацпроект “Культура”.
Аммосова Р.С. – ИМЦ норуот айымньытын сүрүннүүр методиһа – “Анализ отчетности культурно – досуговых учреждений культуры за 2021г народного творчества”.
Никифорова У.В. – ИМЦ экономиһа – “Об очетности АИС, о выполнении плана внебюджета учреждений культуры на 2022 – 2024 гг”
Симонова С.Х. – ИМЦ методиһа – “О реализации Пушкинской карты в учреждениях культуры”
Корякина В.Р. – А.С. Иванов аатынан Илкит этнокультурнай киин директора – “Мир культуры из прошлого к настоящему”
Алексеева О.Е. – Кирбэй национальнай нэһилиэгин “Илькээни” этнокультурнай киин директора – “Активизация интереса населения культурному наследию”
Дмитриева С.М. Дьэлиҥдэ национальнай нэһилиэгин Аарык этноцентр директора – “О деятельности и планирование работы МБУ ЭЭЦ “Аарык на 2022г” (Проблемы, Опыт, Практика)
Семенова Н.Д. – ЦБС сүрүннүүр библиотекарэ – “Модельные библиотеки: Тренды и преспективы.
Сергеева И.А.- Оҕо ускуустубатын оскуолатын директора – “Основные направления деятельности школы искусств”
Бенчик Н.В. – Хотугу норуоттар историко — этнографическай музейын директора – “Сохранение культурных традиций, памятников истории и культуры Оленекских эвенков”.
2021 сыл ахсынньы 16 күнүгэр оройуоҥҥа саҥа технологияннан үлэлиир IT – киин арыллан үлэтин саҕалаабыта. Бу саҥа тэрилтэ директора Антонова Л.Е. бу тэрилтэ үлэтин хайысхатын билиһиннэрдэ.
Сүбэ мунньах иккис чааһыгар дискуссионнай площадкаҕа араас темаларга кыттыыны ыллылар:
Никифорова У.В. – ИМЦ экономиһа – 2021 сыл бастыҥ проега “Мы сильны родом”
Семенов В.В. — А.С. Иванов аатынан “Илкит” этнокультурнай киин солбуйааччы директора – 2021 сыл бастын проект Этнокомплекс сакральной силы земли Оленекской “Дагаман бугала”
Быйылгы сылга ыытыллар Международнай, Республиканскай фестиваллар, күрэхтэр балаһыанньаларын билиһиннэрдэ ИМЦ методиһа Симонова С.Х. 2021
Сүбэ мунньаҕын кыттыылаахтара биир сомоҕо буолан, биир санааннан былааннаахтык үлэлээтэхтэринэ ыытыллар тэрээһиннэр үрдүк таһаарыылаахтык, көрөөччү үрдүк сыанабылын ылан, хас биирдии ыытыллар тэрээһин үрдүк хаачыстыбалаахтык ыытылларын ситиһэргэ соруктанан үлэлииллэрин бигэргэттилэр.
Күндү Кэрэ Эйгэ үлэһиттэрэ, айымньылаах үлэҕитинэн дьоһун кылааты киллэрсэ туруҥ. Айар үлэҕит алгыстаах буоллун, ыытар тэрээһиҥҥит салалла турдун! Эһиги талбыт чэпчэкитэ суох үлэҕит сөпкө сыаналаннын, өйөбүллэннин. Дьон — сэргэ ытыктабылын, махталын ыла туруҥ, үтүөнү эрэ үксэтиҥ, кэскиллээҕи эрэ кэрэһэлээҥ!
Баҕарабын тус олоххутугар, дьиэ кэргэҥҥитигэр уйгу – быйаҥҥнаах дьоллоох олоҕу, чэгиэн чэбдик доруобуйаны!

Суруйда Боекова В.А. ИМЦ методиһа
Муус устар ый 8 күнэ 2022 сыл.

Программа совещания — скачать

Дата обновления страницы: 14.04.2022

Октябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031