Владимир Захаров

Владимир Захаров ыллыыр ырыалара

«Табаһыттар ырыалара»

Иван Кузьмин хоһооно,
Владимир Захаров матыыба

Туундара тунаар иэнинэн,
Тыал – кус баҕар дьаарбайдын.
Суолу тибэн силлиэ түһэн
Сулустары саґыардын

Хос ырыата:

Хоту дойду, дохсун тымныы
Хоһуун дьоннуун атастыы.
Ьоо!ьоо! Сиэлэн иґиий ньуоҕуһутум эбэн биэриий!
Ьоо!ьоо! Сиэлэн иґиий ньуоҕуһутум эбэн биэриий!

Арыт халлаан суорҕаннаахпыт
Арыт сыа хаар тэллэхтээхпит,
Дьогдьоон хайа сыттыктаахпыт,
Дьукээбилгэ иттэбит.

Хос ырыата:

Уу сүүрүгүн курдук үллэн
Ураа ланкыр муостаахтарбыт,
Күн-түүн элбии турдуннар диэн
Кыһын сайын кыһаллабыт.

Хос ырыата:

Саас кэлиитэ ыраах хоту
Ыстаадаларга тиийиэхпит,
Тыйыс тымныы муора хоту
Тоҕойугар дьиэлэниэхпит

Хос ырыата:

3_Владимир Захаров Табаһыт ырыата

 

«Мин төрөөбүт Өлөөнүм»

Иван Егоров хоһооно,
Владимир Захаров матыыба

Араҕас өҥнөөх таастардаах,
Аарыма улахан хайалардаах,
Көмүстүү күлүмнүүр бэйэлээх,
Көҥүллүк устар сүүрүктээх.

Хос ырыата:
Мин төрөөбүт Өлөөнүм,
Мин тапталлах эбэккэм. 

Хоту дойду биллиилээх,
Хорсун хоодуот дьоннордоох,
Үлэҕэ — үөрэххэ дьулуурдаах,
Үлэґит сэмэй ыччаттаах.

Хос ырыата:
Мин төрөөбүт Өлөөнүм,
Мин тапталлах эбэккэм.

Ситэри биллибэт саппаастаах,
Сиригэр дэлэгэй кылааттаах,
Сахалыы «Айхал» диэн ааттаах,
Сандаарар алмаас куораттаах

Хос ырыата:

2_Елена Голомарева Мин таптыыр Өлөөнүм

 

Дата обновления страницы: 11.11.2021

Март 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031