Сээркээн удьуорун салҕааччы

Кирбэй нэһилиэгин көс олохтоох дьонтон Куруступуор Ньукулаайап-Сээркээн сыдьааннара.

Алтынньы ый 7 күнэ. Илкит этнокультурнай киин

Суолдьут: Үтүө буоллун ытык мааны Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон олохтоохторо, ыалдьыттара!
Куйаар ситимин нөҥүө Эһигини барыгытын тапталлаах Өлөөммүт төрөөбүт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Таас үйэлэр түҥ түгэхтэригэр өбүгэ дьоммут аал уоппут кыымнарын сандаардыбыт арааннара, олохпут суола-ииһэ орохсуйбут омооннордоох, эмэхситэ иитэр-аһатар аан ийэ дойдубут уоскутар, угуйар улуу тартарыылаах, туос тыылар суолларын симэлитэ саһыарбыт уулара — Күн күлүгүн көрүнэр сиэркилэ ньуурдаах күөллэрэ, көмүс күлүмнээх, үтүмэн үгүс баай үрэхтэрэ — бу барыта төрөөбүт – үөскээбит төрүт түөлбэбит, айгыр-силик айылҕабыт – айылгыбыт биһигэ, харысхал, көмүскэл буолар күндүттэн-күндү дойдубут, тапталлаах Өлөөммүт!
Суолдьут: Хас киһи барыта хантан эрэ ситимнээх,
Туохтан эрэ оҥоһуулаах
Төрөөбүт төрүт дойдулаах
Аймах-билэ дьоннордоох.

Суолдьут: Хоһооҥҥо хоһуллубут, ырыаҕа ыллааммаыт Өлөөн эбэ үрдүк кырдалыгар төрөөн-үөскээн, ууһаан Сээркээн сыдьааннара XVIII-XIX үйэттэн саҕалаан таба иитиитинэн, булдунан дьарыктанан түөлбэлээн олорбуттара. Хара тыаннан симэммит, сис хайалардаах, таба кыыл таҥаралаах, тайах кыыл иччилээх Сээркээн оҕонньор Куруступуор Ньукулаайап, дьиэ-уот тэринэн ыал буолан 5 оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, көрсүө-сэмэй ыччаттарданан, хорсун-хоодуот дьонньордонон дьикти кэрэ бэлиэ дойдуга ууһаан-тэнийэн олорбута.
Куруступуор Ньукулаайап 5 оҕолоох:
Николаева Мавра Христофоровна (Маабыра) 4 оҕолоох, 13 сиэннээх, 40 хос сиэннээх, 64 хоссхос сиэн, 8 хосхосхос сиэн -129
4 оҕолоох- Аана, Маарыйа,Киристиинэ, Анисим
Аана 3 оҕолоох 8 сиэннээх, 21 хос сиэн, 8 хос,хос сиэн

Маарыйа – 5 оҕо, 25 сиэн, 32 хос сиэн,
Киристиинэ – 5 оҕо, 7 сиэн, 11 хос сиэн

Мавра Христофоровна оҕолоро, сиэннэрэ оройуон араас тэрилтэлэригэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар, кинилэртэн биирдэстэрэ Валентина Саввична Саха республикатын үөрэҕириитин бочуоттаах ветерана, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун бочуоттаах мецената.

Андреева Домна Христофоровна (Дуобускаан) 1890 с. -4 оҕолоох, 12 сиэннээх, 25 хос сиэн, 21 хос хос сиэн – 62
Дьөгүөр –
Дьууньа – 3 оҕо, 6 сиэн, 9 хос сиэн
Ньукул –
Катя – 9 оҕо, 19 сиэн, 12 хос сиэн

Евдокия Васильевна оҕолоро бары удьуор табаһыттар. Кыыһа Федосия Николаевна Кирбэй нэһилиэгин инбэлииттэрин тэрилтэтин салайааччыта.

Екатерина Васильевна оҕолоруттан Аркадий Васильевич Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ульяна, Екатерина Саха республикатын культуратын туйгуннара, Домна Васильевна 1 категориялах фельдшер, Саха республикатын доруобуйатын харыстабылын туйгуна.

Николаев Илья Христофорович (Ылдьаа) 1903с 5 оҕолоох, 20 сиэннээх, 48 хос сиэн, 42 хос хос сиэн — 115
Дьэбдьиэн – 2 оҕолоох, 11 сиэн, 11 хос сиэн
Дьөгүөр — 6 оҕолоох, 11 сиэн, 4 хос сиэн
Степан -10 оҕо, 14 сиэн,10 хос сиэн
Борускуо – 2 оҕо, 12 сиэн, 17 хос сиэн
Христофорова Василисса Христофоровна (Мачылыын)
Христофорова Евдокия Христофоровна (Огдооччуйа)

Евдокия Ильинична сыдьааннарыттан Егор Егор Лганов ветеран-табыһыт, ыччат наставнига, Ирина Михайловна олохтоох автор.
Егор Ильич кыыһа Наталья Егоровна милиция майора, юстиция ветерана, уолаттара илиилэригэр талааннаах ыччаттар, маһы тимири ыллатан уһаналлар. Сиэннэрэ да талааннаахтар.
Степан Ильич уон оҕолоох аҕа баһылык улахан уола Александр ыҥырыкка сылдьар мас ууһа.
Прасковья Ильинична оҕолоро оройуон араас тэрилтэлэригэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар, сиэнэ Иван Борисович “Суглан” депутата, Росстелеком инженера.

Христофорова Василиса Христофоровна, 1 уоллаах, 7 сиэннээх, 10 хос сиэн, 5 хос хос сиэн – 23
Христофоров Христофор Николаевич элбэх оҕолоох ыал аҕата.Улахан сиэнэ Василисса Христофоровна Кирбэй нэһилиэгин бибилиотекатын билиотекара, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара. Улахан уол Герман коммунальнай хаһаайыстыба тутаах үлэһитэ. Оҕолоро сиэннэрэ оройуон араас тэрилтэтигэр үлэлии –хамсыы сылдьаллар.
Сээркээн оҕонньор сыдьаана уопсайа 329 киһи
Суолдьут: Олох диэн айымньы, хайдах олоҕу олорон, олох устун айаннаан, айан таһаарарыҥ бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах.
Эдэр көлүөнэ ыччаппыт
Кэхтибэт кэрэни кэрэһэлээ,
Үтүө дьоннорбут
Этэн хаалларбыт тылларын,
Олорбут олохторун, үтүө үгэстэрин
Төрүччүгүтүн үөрэтиҥ, билиҥ диэн ыҥырабыт!

Дата обновления страницы: 02.08.2023

Апрель 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930