Семеновтар сыдьааннара

“Төрдүбүтүн санаан иннибитин түстүөххэ”

Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун удьуордарын

 Адаарыҥса Сэмэн аҕа уустарын тосхоло.

 

Алтынньы ый 11 күнэ 2021сыл                                       Өлөөн бөһүөлэгэ

Суолдьут:  Дьоллоох киһи сааһырар,

                    Дьоллоох киһи үгүс хаары улларар дииллэринии,

                    Сааһырбыт киһи — Сээркээн сэһэн аатырар,

                    Мунньуммут санаатын үллэстэр,

                   Оҕотугар, дьонугар түҥэтэр.

Былыр Ньукулай ыраахтааҕы саҕана Красноярскай кыраайга биир нуучча киһитин сыылкаҕа ыыппыт, ол киһитэ Дьэһиэйгэ кэлэ сылдьан, олохтоох дьахтарга Һыгый Баһылай диэн уол оҕону “бэлэхтээн” барбыт. Ити иннинэ уонна кэнники бу дьахтар Дьонтоос уонна Ньукуус диэн оҕолордоох эбит. Һыгый Баһылай кэлин улаатан, көс олохтоох Дьэһиэй дьахтарыныын ыал буолан алта оҕону төрөтөллөр, олортон маҥнайгы оҕолоро — Адаарыҥса Сэмэн төрүүр, онтон атыттара бары кыргыттар эбит.

Адаарыҥса Сэмэнтэн Өспөхтөр, Оһоҕостоохтор, Семеновтар төрүттэрэ үөскээн-ууһаан барбыттара. Ол курдук адаарыҥса Сэмэн Кэтириинэни кытта 8 оҕолоноллор (биэс уол, үс кыыс). Саамай улахан уоллара  “Максыыка Бүөтүр”, һаха Уйбаан, кыралара Ырыган Христофор, кыргыттар Киристиинэ, Маарыйа, Аана.

Адаарыҥса Сэмэн  оҕолоро уруу-аймах дьоно ыраахтааҕылаах Россия, Сэбиэскэй былаас саҕана өбүгэ саҕаттан дьарыктаммыт үгэстэринэн – таба иитиитинэн, булдунан Саха сирин хотугулуу-арҕаа, Красноярскай кыраай Таймыыр Тумул арыытынан , Попигай Дьааҥыы киэҥ сирдэринэн, ойуурдаах туундара, ойуур зоналарын уонунан-сүүһүнэн тыһыынча үөрдээх табалаах, аҕа-ийэ ууһа көс ыаллар олохторун оҥостон, туспа культуралаах, үгэстээх, туспа кыра ахсааннаах норуоттар бөлөхтөөн олорбут эбэҥки-тоҥус абориген омук буолан олохторун оҥкулун олорон аастахтара, кэллэхтэрэ.

  1. Бастакы оҕо биһиги Эһээбит Максыыка диэн хос аата, суруллар аата Семенов Петр Семенович диэн, кини 12 оҕолоох, онтон түөрдэ уол Уоһук, Сэмэн, Өлөксөй, кыра Өлөксөй.
  2. Атамыы Киристиинэ кэргэнэ Быһыйа Хабырыыл, кинилэр 11 оҕолоохторо.Быһыйа улахан кыыһа Прасковья Гаврильевна Соломонова (Ирина Прокопьевна ийэтэ), улахан Өлөөнө –ЕГ Христофорова ( ВА Христофоров ийэтэ), кыра Өлөөнө Е.Г.Николаева (Борис Иванович николаев ) ийэтэ.
  3. Һаха Уйбаана – Өспөх Уйбаан Семенович Дьэһиэй олохтооҕо биэс оҕолоох.
  4. Өспөх Тыыкаан сурукка Тихон Семенович Семенов алта оҕолоох,(Варвара Васильевна Семенова аҕата)

5.Һэкир Баһылай –Өспөх Василий Семенович -6 оҕолоох (лауреат ПП Христофоров эһэтэ)

  1. Маарыйа-Ботулу Мария Семеновна -6 оҕолоох ( Семен Спиридонович Христофоров эбэтэ, Лэглээрин Уйбаан эбэтэ)
  2. кыра кыыс Аана –Солоҕоон Ньукулай кэргэнэ оҕолоро Ыстапаайа, Байбал, Балбаара. ( Ыстапаайа -Мария Афанасьевна ийэтэ, Байбал- ЕХГоломарева эһэтэ, Балбаара- Михаил Николаевич Семенов-Амака ийэтэ)
  3. Кыра уол Христофор Семенович Семенов – Ырыган Куруступуор, маҥнайгы кэргэниттэн үс уоллаах: Дьагдааскы, Оноопур,Ниэстэр, Хабыын уонна икки оҕону Өкүлүүнэни, Бүөтүрү ииппиттэр. Иккис кэргэнэ үс оҕолоох Мария, Андрей, Варвара. Варвара Христофоровна Семенов аҕата)

Биһиги хос Эһээбит Максыыка- Семенов Петр Семенович оҕолоро:

  • Улахан уол Иосиф Петрович Семенов таба иитэр ыстаадаҕа уһуннук биригэдьиирдээбитэ, олус мындыр өйдөөх киһи, табалар-ыттара ыарыйдахтарына бэйэтэ эмтиир, наада буоллаҕына аттааччы, оһолго уҥуох тостуутун тутааччы, табаларын үөрү удьуордаан , ханнык таба оҕотун барытын ааҕа билэр дьоҕурдаах, тус-туспа булчут, табаһыт ыттаах буолар эбит, таба суолун эргэтин-саҥатын, хас хонуктааҕытын ааҕа билэрэ үһү. Кини соҕотох уола Эдуард Семенов, художественнай самодеятельность активнай кыттааччыта, норуот эмчитэ, Саха республиткатын культуратын туйгуна.
  • Иккис уол Семен Петрович Семенов үйэтин тухары табаҕа үлэлээбит киһи. Кини олус сэбэрдик-ыраастык таҥнар идэлээх, хайдахтаах да ардахха улаханнык илийбэттии тутта сылдьара үһү. Кини уола Христофор Семенович Семенов –Бытык Куруступуор. Көрөр-харайар табатын үөрэ олум төроөлкөй бөдҕҥ үөрдээх буолара, таба санаатын табан, көрөн-харайан буолан үчүгэй көрдөрүүлээх буолара. Кини уола Василий Христфорович Семенов –Таас Хайа таба дьүһүнүн үчүгэйдик билэр табаһыт.
  • Үһүс уол Улахан Өлөксөөн –ветеринар Аана аҕата.
  • Төрдүс уол Кыра Өлөксөөн – Балтаан кыра үөрэхтээх, нэһилиэк Сэбиэтин сэкэрэтээринэн, ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит киһи. Кини оҕолоро Альбина Алексеевна Слепцова, Раиса, Аанчык ….. сиэнэ Миша Андреев
  • Кыргыттара: Дьэбдьиэн, Киристиин, Саҥа кыыс-Борускуо, Киспэ Аана,Сөдүөччүй, Натаас, Дьоодьун Маарыйата. Өлөөнө – Полуэктова Уйбаан, Ньукулай, Розалия ийэлэрэ. Кэргэнинээн олохторун таба иитиитигэр анаабыт дьон, оҕолоро сиэннэрэ билиҥҥэ диэри табаҕа үлэлииллэр.

Максыыка — Семенов Петр Семенович кыыһа Натаас — Семенова Наталья Петровна биһиги эбээбит. Кини оҕолоро:Ульяна, Христофор, Николай, Степан, Василий, Лазарь Семеновтар.

Василий Данилович  Екатерина Васильевнаны кытта 1959 сыллаахха ыал буолбуттара, ыстаадатаҕа көһө сылдьыбыттара.

Екатерина Васильевна от ыйын 2 күнүгэр 1939 сыллаахха, онтон Василий Данилович 1936 сыллаахаа элбэх оҕолоох колхозтаахтар дьиэ-кэргэннэригэр төрөөбүттэрэ.

1963 сыллаахха экспедицияҕа үлэлии барбыттара, экспедиция үлэтэ таба үлэтин курдук ыарахан үлэ. Сайын таһаҕас ыырдар табаларыгар, түптэ оҥоруу эмиэ сүрдээх түбүктээх үлэ, кыра оҕолорун илдьэ сылдьан  таба маныыллара, көрөллөрө-харайаллара. 9 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ, 4 уол, 5 кыыс. Оҕолорун барыларын кыраларыттан үлэҕэ үөрэппиттэрэ, үөрэҕи таптыырга такайбыттара, бары үөрэхтээх үлэһит буола улааппыттара.

Улахан уол Аркадий васильевич 1960 сыллаахха сэтинньи ый 12 күнүгэр маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо оҕо курдук ойор-тэбэр сааһа окко түспүт оҥоһуутунан, киһи сиэринэн  Кирбэй нэһилиэгэр ааспыта. 1978 сыллаахха Өлөөн орто оскуолатын бүтэрээт, комсомольскай путевканан булчутунан аҕатын кытта бултуу барбыта. Булт сезона бүттэҕинэ бултуур табаларын  ыстаадаҕа таһааран көрөллөрө, онно биригэдьиир Николай Васильевич Иванов табаҕа сыһыаннааҕын таба көрөн, ыстаадаҕа бостуугунан хаалларбыта. 25 сыл бостуугунан үлэлээн баран, таба иитиитигэр улахан уопуттаах, табаны көрө билэр улахан дьоҕурдаах  киһини совхоз салалтата  саҥа тэриллэр  ыстааданы  туттарбыта. 2006 сылга 700 төбө  субай  табаны тутан, үтүө үлэһиттэрдээх  саҥа ыстааданы  сатабыллаахтык дьаһанан 93%  тыыннаах иитэн таһаарбыта. Үлэни, сырыыны  кыайар, эппит  тыла ылыннарыылаах, эдэр  эрчимнээх салайааччы, эдэр ыччат наставнига буолбута. Эдэр дьонун үлэһиттэрин  бырааһынньыктарга ыытара, бэйэтэ үөрүгэр хаалара. Табаһыт, булчут идэтин мээнэ киһи баһылаабат. Үлэни таптыыр, айылҕаҕа ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, сиэри-туому тутуһар, өбүгэлэрин дьарыктарын ытыктыыр киһи дьиҥнээх табаһыт, булчут буолар.

Ол сиэринэн уолаттар бары ыстаадаҕа таба иитиитигэр эҥкилэ суох үлэлээбиттэрэ. Ол курдук улахан уол Аркадий Васильевич үйэтин аҥаара ыстаада биригэдьииринэн үлэлээн кэлбитэ, Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ульяна, Екатерина Саха республикатын культуратын туйгуннара, Домна  Васильевна 1 категориялах фельдшер, Саха республикатын доруобуйатын харыстабылын туйгуна. Наталья Васильевна М.Х.Николаев аатына Өлөөн орто оскуолатын үрдүк категорялаах саха тылын учуутала, кыра кыыс Прасковья Васильевна Өлөөн оройуонун дьаһалтатыгар дьиэ кэргэн отделын специалиһа. Кыра уол суоппар идэлээх этэ.

Дата обновления страницы: 02.08.2023

Октябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031