Иванова Татьяна Тарасовна

Игнатьева Татьяна Тарасовна

(25.11.1937 – 28.09.2018)

         Кини төрүт олохтоох эбэҥки табаһыттар дьиэ кэргэттэригэр сэтинньи ый 25 күнүгэр 1937 сыллаахха төрөөн, кыра эрдэҕиттэн, табаһыт үлэтин этинэн-хаанынан билэн бэрт эдэр сааһыттан ученик- бостуугуттан саҕалаан табаһыттаан, дьиэ үлэһиттээн сылдьыбыта, кэргэн тахсан кэргэниннээн Василий Николаевичтыын эмиэ ыстаадаҕа игирэ оҕолонуор дылы сылдьыспыта. Онтон дэриэбинэҕэ киирэн баран кинини үлэҕэ эппиэтинэстээҕин иһин балыыһаҕа завзоһунан пенсияҕэ тахсыар дылы үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Сыралаах үлэтин туоһулара буолаллар элбэх махтал суруктара, грамоталара. Кини эдэр эрдэҕиттэн тарбаҕар талааннаах иистэнньэн буолан биһиэхэ кыргыттарыгар араас сиэдэрэй оһуордаах саҕынньах, этэрбэс, унтуу, бэргэһэ, үтүлүк арааһын сиэдэрэйдээн кэтэрдибитэ. Кини ол үлэлэрэ араас быыспапкалары кэрийэн, нэһилиэк, оройун, Республика устун кыттан саас кулун тутар ыйга “Мастер народных художественных промыслов” РС(Я) с 2018 г, 457 № удостоверенияны уонна мэтээли ылан үөрүүтэ олох кынаттааҕа буоллар халлааҥҥа да көтүөх курдуга, “үлэм дьэ сыаналаммыт, улахан кыыһым Баалам сүүрэн-көтөн” диэхтээбитэ. Сытар буолан саамай доҕоро суотабай телефона этэ, ол онтутунан эрийэн билэр дьонугар барытыгар кэпсээбитэ, Маастар буоллум диэн. Куораттан кэлэн мэтээлин биэрбиппэр үөрэн хаста да эргичиҥнэтэн көрөрө, сотору-сотору кэпсиирэ. Ийэбит барахсан наһаа үлэһит, хаһан да мээнэ олорбот этэ. Ол иһин биһи кыргыттар ийэбитин батан ким эрэ иискэ, ким эрэ баайар, ким эрэ оҕуруо тута сылдьабыт. Оннооҕор сиэннэрэ эмиэ иис абылаҥын баһылаан, билигин биир сиэнэ театр оперы и балета иистэнньэнинэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.

       “Аарык” долгано-эбэҥкийскэй народнай ансамбыл актыыбынай кыттыылааҕа, бэйэтэ хоһоон хоһуйар, оһуокай тылын айан оһуокай таһаарааччы, хомусчут бэрдэ этэ.

    1. ФИО мастера:           Игнатьева Татьяна Тарасовна
    2. Звание: «Мастер народных художественных промыслов» РС(Я)» №457 -2018г.
    3. Прочие звания:
    4. Год и место рождения: 25.11.1937г
    5. Годы окончания и наименования учебных заведений: Годы и места работы:
    6. Участие в выставках: Участник республиканских выставках
    7. Награждения. удостоен грамотами, дипломами

Дата обновления страницы: 16.11.2021

Декабрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031