«Өлөөн эбэ үрдүгэр» XXХI оройуоннааҕы сахалыы ырыа күрэҕэ

 

Өлөөҥҥө ырыа бырааһынньыга.

 

Тапталлаах Өлөөнүм үрэҕин үрдүгэр

Сахалыы  ырыаҕа түһүлгэ ыҥырар

Кулууп дьиэҕэ мустан ырыа-тойук тардан

Эдэр ыччат кэлин, бар дьону уруйдуу...

 

Прокопий Павлов тыл. уонна мел.

 

«Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон» дьаһалтатын культураҕа салаата, «Илкит» этнокультурнай киин түһүлгэтигэр 2022 сыл атырдьах ыйын 3-5 күннэригэр Россия норуоттарын культураларын нэһилиэстибэтин уонна Саха республикатын Ийэ сылларыгар аналлаах, үүнэр – сайдар кэскиллээх, айар –куттар, ыллыыр – туойар эдэр саас-  Өлөөн эбэ Хотун эдэр ыччаттарыгар, 35 үөһээ саастаахтарга аналлаах үгэскэ кубулуйбут «Өлөөн эбэ үрдүгэр» XXХI оройуоннааҕы сахалыы ырыа күрэҕэ дьоммутугар-сэргэбитигэр, эрчимнээх эдэр ыччакка хаһан да хатыламмат күндү көмүс түгэни бэлэхтээтэ. «Өлөөн эбэ үрдүгэр» XXХI оройуоннааҕы сахалыы ырыа 1989 сылтан бу ыытыллыаҕыттан 547 ырыа куттаах талаан арылынна,38 ырыа куттаах ырыаһыт Муҥутуур Кыайыылаах үрдүк аатын сүкпүтэ -108 лауреат, 108 дипломант үрдүк ааты бииртэн биир чаҕылхай ыччат сайдан, үүнэн таҕыстылар. Бу ырыа фестивалттан кынаттанан олоххо бэйэтин суолун-ииһин булбут ырыаһыт элбэх. Бастаккы күҥҥэ  Өлөөн нэһилиэгин Бочуоттаах  олохтооҕо, элбэх оҕо күн-күбэй ийэтэ, хос эбээтэ, үлэ бэтэрээнэ  Готовцева Анна Егоровна кыттачыларга бэйэтин Алгыс тылын, ырыатын бэлэх уумута.

…Ырыаһыттар, ырыа айааччылар ааттара-суоллара умнуллубат, ырыалара мэлдьи тыыннаахтар. Ити курдук экраҥҥа ахтан-санаан аастыбыт ырыа күрэҕин урукку сыллар кыайыылаахтарын, тэрийээччилэрин. Бары өйдүүбүт-саныыбыт, кинилэр ырыа куттаах,  ырыаҕа дьиҥ бэриниилээх, айымньылаах үлэлэрэ хаһан да умнуллуо суоҕа, сүрэхпитигэр хатаныа… Кыттааччылар, суольдуттары, дьүүлүүр сүбэни кытта бастаккы күҥҥэ   Прокопий Павлов тылыгар уонна мелодиятыгар “Өлөөҥҥө фестиваль” диэн ырыатынан астылар.     Үс күн үөрүүлээх күннэри иилээн -саҕалаан бырааһынньыктааҕы түһүлгэни ыыталларыгар ыҥырдылар эдэр көлүөнэ суолдьуттара: Наталья Амбросева, Валентин Николаев уонна оскуола үөрэнээччилэрэ: Сандаара Татаканова, Эрнест Степанов.

Күндү ырыа куттаах ыччаттарбытын эҕэрдэлээтэ уонна алҕаата күрэх тэрийэр бөлөҕүн салайааччыта Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуна, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Прокопьевна Николаева.

Кыттааччылары 7 киһиттэн састааптаах Дьүүллүүр сүбэ сыаналаата:

  1. Надежда Николаева – бэрэссэдээтэл, Культура салаатын начальнига;
  2. Александр Васильев – бэрэссэдээтэли солбуйааччы, Өлөөн эдэр ыччатын түмүүгэ төһүү күүс буолбут 80-90 сылларга ырыа күрэҕин суолдьута, сценарнай бөлөх кыттыылааҕа, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ;
  3. Валентина Готовцева-Соломонова- XIX «Өлөөн эбэ үрдүгэр-2010» сахалыы ырыа күрэҕин Кылаан кыайыылааҕа;
  4. Розалия Павлова — XXI «Өлөөн эбэ үрдүгэр-2012» сахалыы ырыа күрэҕин Муҥутуур кыайыылааҕа;
  5. Мария Семенова — XXVII «Өлөөн эбэ үрдүгэр-2021» сахалыы ырыа күрэҕин Муҥутуур кыайыылааҕа;
  6. Яков Егоров — XXX «Өлөөн эбэ үрдүгэр-2022» сахалыы ырыа күрэҕин Муҥутуур кыайыылааҕа;
  7. Ньюргун Бурцев – Саха Өрөспүүблүкэтин мелодистарын чилиэнэ, композитор, ырыаһыт, баянист.

 

Быйылгы күрэххэ оройуоммут бары нэһилиэгиттэн уопсайа 14 кыттааччы, ол курдук Дьэлиҥдэттэн – 4, Харыйалаахтан – 2, Өлөөнтөн – 4, Ээйиктэн – 4 эдэр ыччат уонна аҕа саастаах күөн көрүстүлэр. Аныгы технология сайдан, интернет киирэн, ыраах сытар нэһилиэктэрбит Дьэлиндэтэн, Эйиктэн кыттаччыларбыт куйаар ситиминэн кыттыбытара.

Бастаккы күҥҥэ «Өлөөн Эбэ үрдүгэр» ХХXI оройуоннааҕы сахалыы ырыа күрэҕин «Айхаллыыбын төрөөбүт дойдубун»  I түһүмэҕэ саҕаланан бииртэн биир ырыаһыт  айар талаанын көрдөрдүлэр. Иккис күҥҥэ күрэх 2 түһүмэҕэ «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ».  Бу түһүмэх аата да этэрин курдук кыттааччылар нарын таптал истиҥ иэйиитин ырыаларыгар анаатылар. Ити курдук ырыа куттаах ыччаттарбыт Өлөөммүт дьонугар –сэргэтигэр күрэх үс күн кэрэ, умнуллубат, долгутуулаах киэһэни бэлэхтээн, саха ырыатын ыллаан дууһабытын долгуттулар. 31 сыл тухары ырыа кэрэ алыбын сэргээччилэр кэккэлэрэ халыҥаабытыттан, дойдубут туһунан ырыа айыллан үксээбитэ биһигини тэрийээччилэри олус үөрдэр.

 

Эдэр ыччат  (14-35 саастарыгар)

 

КЫАЙЫЛААХТАР

 

ТОЛОРООЧЧУЛАР
 

МУҤУТУУР КЫАЙЫЛААҔА

Айыына Борисова (Оленек)
 

ЛАУРЕАТ I ҮРДЭЛЭ

Альберт Николаев (Оленек)
 

ЛАУРЕАТ II ҮРДЭЛЭ

Айаал Горохов (Жилинда)
 

ЛАУРЕАТ III ҮРДЭЛЭ

Мичил Боеков (Эйик)
 

ДИПЛОМАНТ I ҮРДЭЛЭ

Марфа Егорова (Жилинда)
 

ДИПЛОМАНТ II ҮРДЭЛЭ

Валерия Кучарова (Эйик)

 

Аҕа саастахтар  (36 үөһээ)

 

КЫАЙЫЛААХТАР

 

ТОЛОРООЧЧУЛАР
МУҤУТУУР КЫАЙЫЛААҔА Христина Лукинова (Жилинда)

 

ЛАУРЕАТ I ҮРДЭЛЭ

 

Акулина Алексеева (Харыялах)
ЛАУРЕАТ II ҮРДЭЛЭ Любовь Павлова (Жилинда)

 

ЛАУРЕАТ III ҮРДЭЛЭ Елена Федорова (Харыялах)

 

ДИПЛОМАНТ I ҮРДЭЛЭ Талаана Лебедева (Оленек)

 

ДИПЛОМАНТ II ҮРДЭЛЭ Анатолий Лебедев (Оленек)

 

ДИПЛОМАНТ III ҮРДЭЛЭ

 

Валентина Васильева (Эйик)
НОМИНАЦИЯ Мотрена Сабардахова (Эйик)

 

 

Бу күрэҕи тэрийэрбитигэр күүс-көмө буолбут Айыы санаалаах, амарах дууһалаах спонсордарбытыгар Муҥутуур Кыайылааҕар Айыына Борисоваҕа (Оленек) Саха Өрөспуублукэтин култуураатын үтүөлээх үлэһитэ, Өлөөн күөрэгэйэ, Өлөөн музыкальнай оскуолатын өр сылларга үлэлээбит директора Тамара Лазеровна Данилкина аатынан Сергеевтар аҕа уустара  30 тыһынча уу харчынан туттардылар. Саха Өрөспүүблүкэтин  «Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон» МТ (Аҕа Баһылык Иванова Л.С.), «Өлөөн национальнай нэһилиэк» МТ (Романов В.Н.), «Кирбэй национальнай нэһилиэк» МТ (Николаев В.В.), «Дьэлиҥдэ национальнай нэһилиэк» МТ (Семенов Н.С.), «Солоҕоон национальнай нэһилиэк» МТ (Степанова Н.В.), «Аарык» этнокультурнай киинэ (Дмитриева С. М.).

Өлөөн ыччатын талаана аһылларыгар, төрөөбүт дойдугутугар бэриниилээх,  дойдуга ураты салгына, кэрэ айылҕата экраҥ нөҥүө көстүбүтэ олус киэргэппитэ. «Өлөөн Эбэ үрдүгэр» оройуоннааҕы сахалыы ырыа күрэҕин тосхолун таҥан суруйбут, проегы олоххо киллэрбит Надежда Прокопьевна Николаеваҕа, Александр Петрович Васильевка, күрэх идеятын авторыгар Ия Прокопьевна Федороваҕа, күрэх спонсордарын кытта үлэлэспит Ульяна Никифорова, Сардана Симонова, ырыаһыттары бэлэмнээбит –Уйгу Семенов «Аарык» Этнокультурнай Киин, Наталья Федорова – „Илькээни“ Этнокультурнай Киин, Ньургуйаана Игнатьева – „Илкит“ Этнокультурнай  Киин, Звукоператор – Сулус Семенов, видеооператор – Семен Семенов. Сценарист – Надежда Николаева.

 

Дата обновления страницы: 30.08.2022

Октябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031