Өлөөн оройуонугар Бүттүүн Республикатааҕы “Норуот үгэһин” күрэҕэ

Өлөөн оройуонугар Бүттүүн Республикатааҕы “Норуот үгэһин” күрэҕэ

Муус устар 5-6 күннэригэр Өлөөн эбэҥки напциональнай оройуонугар А.С.Иванов аатынан“Илкит” сырдатан кииҥҥэ Бүтүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Норуот үгэһин» көрүү күрэҕэ биһиги оройуоммутугар улахан тэрээһин быһыытынан дьон сүргэтин көтөҕөр бырааһынньык буолан ааста. Республика үрдүнэн Муниципальнай тэриллиилэри тоҕус зонаҕа арааран, балаһыанньа быһыытынан тэрээһин салҕанар. Муниципальнай тэриллии “Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон” тохсус зонатыттан, биһиги ахсыс зонаҕа (Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ, Эбэн-бытантай, Үөһээ дьааҥыы) киирдилэр. Биһиэхэ ыаллыы сытар МТ “Анаабыр долган-эбэҥки национальнай оройуон” олохтоох нэһилиэнньэтэ кэлэн күөн көрүстэ. Араас ис хоһоонноох быыстапкаларын ыйаан дьон биһирэбилин ыллылар. Муус устар 6 күнүгэр күрэхтэһэр концертнай программаларын нэһилиэнньэҕэ көрдөрдүлэр. Бу улахан тэрээһиҥҥэ дьүүллүүр сүбэ Дьокуускай куораттан Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин кылаабынай специалиһа — Жиркова Жанна Николаевна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын театрын уус-уран салайааччыта, «Российскай Федерация культуратын Үтүөлээх үлэһитэ» – Никитина Любовь Алексеевна кэлэннэр Өлөөн эбэҥкилэрин фольклорун көрөн, сөҕөн, хайгаан бардылар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии балаһыанньатынан бастакы көрүү оройуоммут нэһилиэктэринэн олунньу ый 18-21 күннэригэр 2022 сыл саҕаланыыта олохтоох нэһилиэнньэ бэйэтин кыаҕынан тус-туспа ис хоһоонноох концертнай программаларын онлайн форманнан кыттан күрэхтэһии сыалын ситиспитэ. Бииртэн биир үчүгэй программалаах концертартан Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ чаҕылкай нүөмэрдэр талыллан киирэн дьон сэҥээрэн көрдө. Балаһыанньа ирдэбилининэн маннык жанрдарга көрүү буолла: 1-тынан – эбэҥки фолькорун абыычайын, 2-нэн –үҥкүү, 3-нэн – театр,4-нэн – вокал, 5- нэн – ДПИ (декоративно-прикладной искусство). Концертнай программаҕа уопсайа 231 киьи араас жанрдарга ситиһиилээхтик кыттан жюри үрдүк сыанабылын ыллылар. Төрүт эбэҥки омук буоларбытын эбэҥки таҥнар таҥаһын, киэргэллэрин, туттар тэрилин араас көрүҥүн көрдөрөн өссө төгүл дакаастаатыбыт. Эбэҥки төрүт омугун төрүт баайын көрдөрөр айымньылардаахпытынан, суруйааччылардаахпытынан киэн туттабыт. Ол курдук сыанаҕа Өлөөн чулуу уола, медицина билимин учуонайа-Иннокентий Иннокентьевич Винокуров «Любовь в Яранге» айымньыта, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх үлэһитэ» Татьяна Протасова сценарийынан, режиссер-“Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын Үтүөлээх үлэһитэ” Сима Толстякова туруоруутунан музыкальнай этно-спектакль көрдөрүлүннэ. Ветеринария “Үтүөлээх үлэһитэ” Өлөөн ытыктанар бэтэрээнэ-Василий Афанасьевич Христофоров документальнай айымньыта «Слово о Христофорке» Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын «Үтүөлээх улэһитэ» режиссер Руслан Тараховскай туруоруутунан Өлөөн эбэҥки оройуонугар биир улахан төрүт норуот культуратын төрүт баайынан буолла.
Бу тэрээһиҥҥэ идэлээх артыыстартан итэҕэһэ суох оруоллары чаҕылкайдык арыйбыт Өлөөн чулуу эдэр ыччаттарын киэн тутта ааттыахха сөп: Влад Семенов, Влад Бятинскай, Юрий Ефимов, Христофор Христофоров уо.д.а.
«Любовь в Яранге» Этноспектакль театральнай жанрга Өлөөн культуратыгар биир сыаналаах, биһирэбиллээх репертуар быһыытынан буоларын «Российскай Федерация Үтүөлээх коллектива» “Орончикан” үҥкүү коллективын араас сыллардаа5ы выпускницалара бэйэлэрин үрдүк талааннарын, сомоҕолоохторун көрдөрдүлэр.
Эбэҥки фольклорун биэбэйдээн илдьэ сылдьар «Аарык» народнай долгано-эвенкийскай ансамбля тэриллиэҕиттэн бэйэтин сүдү баайын эдэр көлүөнэҕэ тиэрдэн кэлтэ барыбыт үөрүүбүт, салайааччыларбыт сыралаах үлэлэрин түмүгэ буолар. «Алакуо» этнофольклорнай анасмбль быйылгы Российскай Федерация култуураларын нэһилиэстибэлэрин сылынан оройуоҥҥа эрэ буолбакка Өрөспүүбүлүкэ хас да оройуонун тэрээһиннэригэр айаннаан бэйэлэрин төрүт омуктарын фольклорун көрдөрөн дьон биһирэбилин ылыан ылла.
Биһиги оройуоммутугар өр сылларга хормейстер идэлээх үлэһит тиийбэт буоллаҕына, быйыл үөрэхтээх специалист кэлбитэ киһи хараҕар быраҕыллар хамсааһын таҕыста диэн бэлиэтиибит.
Бүтүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү күрэҕэ МТ «Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон» жюри сыанабылынан Өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакыннан урдук сыанабылынан ааста. Оройуон чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээн актыыбынайдык кыттыбыт туох баар норуоппут артыыстарыгар өссө да ситиһиини, доруобуйаны баҕарабыт. Бары маннык көхтөөх, түмсүүлээх буоларгытыгар баҕарабыт.

Методист НТ ИМЦ Р.Аммосова

Дата обновления страницы: 11.04.2022

Октябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031