Өлөөн туонатыгар Норуот маастарын күнэ

Өлөөн туонатыгар Норуот маастарын күнэ

Саха Республикатын Президенин 1227 нүөмэрдээх ыйааҕынан 2012 сылтан Норуот маастарын күнэ бэлиэтэнэр буолта сылтан сыл аайы суолтата кэнээн, таһыма урдуур. Өлээн эбэҥки национальнай оройуон былыр былыргаттан уран тарбахтаах, иис-уус алыбын иҥэриммит Далбар Хотун эбээлэрбит өбугэ саҕаттан илдьэн кэлтэрэ.
Өлөөн оройуонун культуратын салаата киэҥ далааьыннаах былаан онорон хас биирдии нэһилиэк дьоно кыттыылаах, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэри былааннаан оройуон дьоно — сэргэтэ өрө көтөҕүүлээхтик кыттарын ситистэ.
Бу үэрүүлээх күннэри кулун тутар 4 кунугэр киэһэ 7 чаастан Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон “Илкит” сырдатар кииҥҥэ оройуон нэһилиэктэриттэн кэлэн, саамай талааннаах эдэр ыал ийэлэрэ кыттыылаах дьикти кэрэ көстуулэрин, мындыр өйдөрун,сатабылларын, уран тарбахтарын улэтин көрдөрөр “Алтама Уняптун” (“Көмүс сүүтук») дьоро киэьэннэн Норуот маастарын күнэ саҕаланна.
V оройуоннааҕы «Алтама Уняптун» (“Кыһыл көмүс сүүтүк”)
Кулун тутар 4 кунугэр А.С.Иванов аатынан «Илкит» эбэҥки сырдатар киинин дьиэтигэр 5-с оройуоннааҕы «Алтама Уняптун»(Кэмус суутук) курэс буолан ааста. «Кэмус суутук» ааты ылар иьин дьиэ кэргэннэрин билиьиннэрэн, талба талааннарын кэрдэрэн, уран тарбахтарынан тикпит таҥастарын аукциоҥҥа атыылаан, эбэҥкилии эбугэ ырыатын на5ыллык ыллаан,иис тургэн хамсаныытыттан көрдөрөн, төрут омукпут туттар тэриллэрин туьунан музей научнай сотруднига П.Т.Саввинов бэлэмнээбит историческай боппуруостарыгар эппиэттээн, киэьээҥҥи былааччыйаларын кэтэн долгулдьуьа хаамсан, дьиэ кэргэни өрөгөйдүүр дьоро мааны киэьэни бэлэхтээтилэр. Киэьэни «Аарык» этнокультурнай сырдатар киин үлэһиттэрэ Светлана Дмитриева, Прокопий Андреев иилээн-са5алаан ыыттылар.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Өлөөн оройуонун Культураҕа салаатын начальнига Н.П.Николаева, субэ көмөлөһөөччулэрэ: бэтэрээн домоводство учуутала,Өлөөн оройуонун норуот маастара, үөрэҕирии туйгуна К.Г.Киреева, «Алтама Уняптун» араас сыллар кыайыылаахтара: А.С.Николаева,С.Р.Корякина, С.В.Степанова.
Биьиги бүгуҥҥү курэспит героинялара : Кирбэй, национальнай нэһилиэктэн, Кирбэйтэн төрүттээх Федоровтар дьиэ кэргэн саамай улахан кыыьа, “Өлөөн” МУП улэһитэ, 4 о5о кун кубэй ийэтэ Кристина Васильевна Бургай. Намтан төрүттээх иитээччи идэлээх, 3 оҕо күн күбэй ийэтэ Мария Петровна Аргунова; Дьэлииҥдэ национальнай нэһилиэктэн: чулуу табаһыт Сергеевтэртэн, элбэх оҕолоох Павловтар дьиэ кэргэттэриттэн силис тарпыт эдэркээн ийэ Зарина Сергеевна Жиркова; Дьэлиҥдэ нэһилиэгин 10 о5олоох Павловтар дьиэ кэргэн, Дьэлиҥдэ нэһилиэк библиотекаря, ыал кун кубэй ийэтэ Любовь Семеновна Павлова; Өлөөн национальнай нэһилиэктэн “Өлөөн” МУП иистэнньэҥэ, элбэх оҕо кун кубэй ийэтэ Ия Яковлевна Сергеева.
Культура начальнига Н.П.Николаева режиссерскай толкуйунан, дьоро киэьэ талыы талба ийэлэрбит куҥҥэ сүгүрүйүү хартыынатыттан сыана сабыыта ытыс тыаһынан арылынна. Бииртэн биир кэрэ кэстуулээх национальнай көстүүмнээх, талба талааннаах, ураты иис дьарыктаах, тарбахтарыттан сүүтүк түспэт ураты дьарыктаах кыттааччыларбыт бастыҥы талар түһүмэхтэрэ көрөөччүлэри долгутуон долгутта. Кыттааччылар бары дьоһун-мааны ыал ийэлэрэ, үлэһит үтүөлэрэ, талааннаах бастыҥнара, ырыаһыт ылбаҕайдара. Саҥаран-иҥэрэн, туттан-хаптан, оностон-симэнэн сыанаҕа тахсыбыттара – бу кэрэтин!
Үгэскэ кубулуйбут көрөөччүлэргэ өбүгэ таҥаһын күрэһэ быйыл да өрө көтүҕүллүүлээхтик барда.
Күрэхтэһии түмһгунэн «Тимир сүүтүк»(“Сэлэмэ уняптун”)- М.П.Аргунова, «Алтан суутук»(“Чучинма уняптун”)-К.В.Бургай, «Боруонса сүүтүк» (“Бронзама уняптун”)-Л.С.Павлова, «Үруҥ көмүс сүүтүк» (“Мэҥүмэ уняптун”)-З.С.Жиркова, «Кыһыл кэмүс сүүтүк» (“Алтама уняптун”) үрдук ааты Сергеева Ия Яковлевна ылла. Номинация кыайыылаахтара бука бары дипломнарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Түмүктээн эттэххэ, кыттааччылар бэлэмнэрин, тэрээһин да өттүн көрөр эбит буоллахха, дьүүллүүр сүбэ уонна көрөөччүлэр бэлиэтээһиннэринэн, сүрдээх сэргэх, силигэ сиппит күрэх, улахан бырааһынньык буолан ааста.
«Алтама Уняптун» «Кыһыл көмус сүүтүк» күрэс тэрээһинэ үгүс түбүгү эрэйэр улахан дьаһал. Өлөөн нэһилиэктэн 1 кыттааччыэрэ баара, Солоҕоон нэһилиэктэн олох кэлбэтэхтэрэ хомолтолоох.Онон күрэһи өйөөбүт, эбэҥки норуотун материальнай культуратын үрдүк таһымҥа тахсарыгар өйөбүл буолар Өлөөн оройуонун дьаһалтатыгар баһылык Л.С. Ивановаҕа, нэһилиэктэр баһылыктарыгар, тэрээһини ыытыыга активнай салайааччыларбытыгар «Аарык» этноцентр салайааччыта С.М.Дмитриева5а, специалист П.Х. Андреевка, «Илькээни» этноцентр салайааччыта О.Е.Алексееваҕа, специалист М.А.Карповка барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Раиса Аммосова, култуура салаатын үлэһитэ.

 

Өлөөҥҥө норуот маастарын күнэ бэлиэтэннэ.

Уус өбүгэ оһуорун ойуулуур
Умсугутар талба талааннар,
Уран тарбахтаах мааны хотуттар,
Умсулҕаннаах иистэнньэҥнэр.
Өлөөн Далбар Хотуттара
Эбээлэрбит, ийэлэрбит,
Эдьиийдэрбит, балтыларбыт,
Айар куттаах күндү дьоммут.

Арассыыйаҕа норуоттар култуураларын үйэлээх баайын сыла, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах, кулун тутар 5 күнүгэр Өлөөн туонатыгар өрөгөйдөөх күн – Норуот маастарын күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээтибит.Уһук Хоту олорор, айар-тутар аналлаах, баай историялаах, эбэҥки норуотун культуратын сайдыытыгар биллэр-көстөр хаалларбыт дьонноох-сэргэлээх Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун, норуот материальнай культуратын сайыннарыыга дьаныардаахтык, үрдүк таһаарыылахтык үлэлээбит, иистэммит дьоммут мааны таҥастарын кэтэн бастакынан Дьэлиҥдэ нэһилиэгин, иккис Кирбэй нэһилиэгин, үһүс Өлөөн олохтоохторо бүһүөлэкпит киин уулуссатынан сэлэлии хааман, ыраастанан сиэр-туом ыытар площадкабытыгар кэллибит. Сиэр-туом алгыһын ытык кырдьаҕаспыт Николай Николаевич Саввинов ыытта, ол кэннэ нэһилиэгинэн мааны таҥас көрдөрүүтэ уонна хороводунай ырыанан түмүктээтибит. Билиҥҥи уустук сыстыганнаах хамсык хааччахтааһын кэмигэр норуот ускуустубатын уонна уус- уран оҥоһуктартын өрө туппут культурнай сырдатар кииммит үлэһиттэрэ бэйэлэрин тула биир санаалахтарын түмэн тэтимнээхтик үлэлииллэр, талааннаах мааны Хотуттар үлэлэрин быыстапката буолла, манна Дьэлиҥдэ нэһилиэгэ 6, Кирбэй нэһилиэгэ 14, Өлөөн нэһилиэгэ – 11 илиилэригэр талааннаах маастардар бииртэн биир үчүгэй дьэрэкээн оҥоһуктара дьон хараҕын сымнаттылар, үөртүлэр, бэйэлэрэ эмиэ үөрэннилэр, уопут атастастылар.
Бу тэрээһиҥҥэ Дьэлиҥдэ, Кирбэй нэһилиэктэрэ олус көхтөөхтүк кытыннылар. Сэлэлээн хаамыыга Өлөөн олохтоохторо түөлбэнэн кыттыахтааах этилэр даҕаны, хомойуох иһин үһүс эрэ түөлбэ олохтоохторо кытыннылар, баҕар үлэ күнэ буолан мэһэйдээбитэ буолуо. Ол эрэн үрдүк таһымнаах дьоммут норуот уус-уран оҥоһуктарын норуокка таһааран кыттыбыттарыгар махтанабын.
Санааны сырдатар,
Эрэли күүһүрдэр,
Ыллыктааҕы түстүүр,
Инникини кэрэһэлиир,
Үтүөкэн дьоммутугар,
Чэгиэн-чэбдик доруобуйаны,
Сырдык ыраас санааны баҕарабын.

Ульяна Никифорова, култуура салаатын үлэһитэ.

 

 Выставка эта — чудесный подарок нам, поклоняющимся настоящему искусству.

О, древняя земля Севера, не описать словами

Там дышится легко, если душа чиста

Там предков зов, неповторимый дух свободы

Земля Хосунов, земля искусных Мастеров!

 

Наш район богата народными мастерицами. Они поистине сокровищницы эвенкийской культуры северных народов. Веками развивалась традиция народного искусства, передавались из поколения в поколение особые, родовые приметы каждой утвари, легкой теплой, удобной одежды, с узорами в меховой мозаике и бисерными орнаментами.

В г. Якутске 10 марта 2022 г. в здании ГБУ «Музей музыки и фольклора народов Якутии» Республики Саха (Якутия) ярким событием культурной жизни Оленекского района стало открытие персональной выставки народного мастера Оленекского эвенкийского национального района, заслуженного работника в сфере обслуживания наслега Розалии Ивановны Полуэктовой. Выставка приурочена ко Дню Мастера в Республике Саха (Якутия). Поздравили и отметили Розалию Ивановну Глава МР «Оленекский эвенкийский национальный район» Лена Степановна Ивановна, директор ГБУ «Музей музыки и фольклора народов Якутии» Мария Ильинична Корнилова, председатель постоянного комитета Государственного Собрания (Ил Тумэн) РС(Я) по вопросам коренных малочисленных народов Севера и делам Арктики Елена Христофоровна Голомарева, помощник депутата Государственной Думы РФ, народный депутат Государственного собрания (Ил Тумэн) РС(Я) V созыва, отличник здравоохранения РФ, РС(Я) Жанна Эдуардовна Егорова, управляющий Государственного учреждением – отделение Пенсионного фонда по РС(Я) Георгий Михайлович Степанов, I вице президент Ассоциации коренных малочисленных народов Севера Любовь Викторовна Христофорова, почетный президент Ассоциации коренных малочисленных народов Севера Борис Ануфриевич Николаев, заслуженный учитель ЯАССР, ветеран народного образования РС(Я) и Оленекского района, учитель-учителей РС(Я), почетный гражданин Кирбейского наслега Оленекского района Елена Серафимовна Максимова, народный художник Якутии, член союза художников России, заслуженный работник культуры РС(Я) Анна Николаевна Зверева, от имени женского совета Оленекского района Валериана Андреевна Новгородова. Гости в уютной обстановке с настроением говорили теплые слова благодарности, поздравляли Розалию Ивановну букетами цветов и памятными подарками. Отрадно, что персональную выставку «Узоры земли Урэн-хосуна» пришли поздравить и земляки Оленекского района: Куннэй Иванова, Валериана Новгородова, Саргылана Карпова, они украсили красивыми душевными песнями о малой родине и гостья студентка Института народов Севера РГПУ им. А.И. Герцена Галина Веретнова. На выставке равнодушных посетителей не было, а было много восхищенных. Люди искренне радовались, что прикоснулись к истинной красоте зимних меховых комплектов мужской, женской, детской одежды, изделий из бисера, ковриков «кумаланы» и т.д. Розалия Ивановна в знак благодарности директору ГБУ «Музей музыки и фольклора народов Якутии» Марии Корниловой, подарила большое панно.

Женщина Оленька – хранительница очага, насколько она умела введении хозяйства, сильна духом жизни, зависит жизнь её сородичей. Розалия Ивановна родилась в кочевой семье эвенков из рода Бэлгээр. Из поколения в поколение передавался традиционный уклад жизни на севере. Так прошло ее детство в бескрайних просторах Оленекской земли и    тесно связано с шитьем традиционной одежды эвенков. Природный дар, унаследованный от матери и бабушки, помог ей освоить свойственные только северным народам приемы выделки оленьего сырья, кройки и шитья национальной одежды. Ее родители, как и все другие их сородичи, зимой занимались охотой, а летом со своим стадом оленей кочевали в тундре. Одевать, кормить, научить необходимым для жизни навыкам дочерей, зависит от матери, и такой матерью является наша Розалия Ивановна. Младшая дочь Наталья Васильева научилась у матери сшить национальную одежду и выделывать шкуры оленя, муж Николай Яковлевич в 2005 г. организовал родовую общину «Куотаа», руководил и рыбачил, охотился на дикого оленя и сшил спецодежду для охотников.   До сих пор Розалия Ивановна бодра летом и осенью на родной земле на даче рыбачит, собирает дары природы: ягоды, грибы и шьет изделия и одежду для своих детей, внуков. Розалия Ивановна уважаемая женщина в районе, одна из первых организаторов женского движения. Политинформатор среди ветеранов тыла и труда. Работала старшим бухгалтером совхоза «Оленекский», начальником отдела пенсионной службы Оленекского улуса при Департамента ПС РС(Я), а с 1999 – 2002 гг. работала начальником ГУ УПФ – ЕПС РФ при Республике Саха (Якутия), руководителем подразделения Пенсионного фонда России.

От имени работников культуры в лице начальника Управления культуры Оленекского района Надежды Николаевой сердечно поздравляем Розалию Ивановну с первой персональной выставкой! Своими «золотыми» руками, она творит красоту, украшает наш мир, дарит радость! Желаем вам крепкого здоровья, новых творческих достижений, лёгкости и вдохновения! Пусть ручная работа доставляет удовольствие! Пусть не покидает вас творческий порыв и поиски новых идей, дарующие радость родным и близким! Спасибо за ваши золотые ручки!

 

Общ. корреспондент газеты «Сардаҥа»

 Методист ИМЦ ОРУК С.Х. Симонова

 

Дата обновления страницы: 31.08.2022

Октябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031