Бу дьыл кулун тутар 18-19 күннэригэр Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкээтээҕи этнокултуурнай кииннэр “Өбүгэ үгэһигэр төннүү – билиҥҥи кэм ирдэбилэ”– “Время традиций” бэстибээллэрэ буолан ааста. Манна култуура салаатын уонна “Илкит” этнокултуурнай киин үлэһиттэрэ баран кыттыыны ылан кэллибит. Кулун тутар 18 күнүгэр этнокултуурнай кииннэр бэйэлэрин билиһиннэрииттэн саҕаланна, биһиги кулууппут директора Юрий Ефимов видеоролигынан кэпсээн дьону сөхтөрдө, кулууппут иһин, таһын махтайа көрдүлэр. Наһаа да үчүгэй кэрэ дойдуга олороҕут эбит дииллэр. Ол кэннэ араас секцияларынан маастар кылаастар, төгүрүк остуоллар буоллулар, үлэһиттэр билиилэрин хаҥатыннылар, көрдүлэр, билистилэр. Ордук интэриэһинэй “НЭД” – “нематериальная этнокультурная достояния” буолла. Ол аата өбүгэлэрбититтэн кэлбит абыычайдарбытын, туттар тэриллэрбитин, аспытын ырытан суруйан кэлэр көлүөнэҕэ билиһиннэрэн, үөрэтэн хаалларыахтаахпыт. Биһиги сөп хайысханы тутуһан тирии имитиибит, этэрбэс, коврик тигиитин, иҥиир сап хатыытын, “һинньэ” анньар маастар кылаастары ыытар эбиппит, өссө оҕолор бэйэлэрин төрүттэрин үөрэтэллэригэр бары үөрэх тэрилтэлэрэ, библиотекалар, култуура кииннэрэ үлэни күүһүрдүөхпүтүн наада. Төрүччү өбүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ буоларын умнумуоххайыҥ, бары бииргэ сомоҕолоһон үлэлиэххэйиҥ диэн ыҥырабын. Кулун тутар 19 күнүгэр межрегиональнай “Мир Арктики-2024” быыстапка, Өлөөнтөн төрүттээх уолбут Алик Никитин кэрэ куолаһынан ыллаан быыстапканы арыйда. Бу быыстапкаҕа 96 киһи, ол иһигэр 70 маастардар 14 улуустан, Дьокуускай куораттан, Камчаткаттан, ону таһынан художественнай училище уһуйааччыларын уонна үөрэнээччилэрин араас үлэлэрэ турдулар. Биһиги оройуоммут эмиэ туора турбакка, көмүс тарбахтаах маастардарбыт үлэлэрин илдьэн туруордубут. Дьон биһирэбилин Мария Николаевна Агаева ылла, кини үлэтин интэриэһиргээн көрдүлэр таба түүтүн сирийэн араас оҥоһуктары бэргэһэттэн саҕалаан матарааска тиийэ оҥорбутун олус сэргээтилэр. Чахчы ис сүрэҕиттэн иэйэн, дууһатын ууран оҥорбута биллэр. Көрбүт киһи барыта сөхтө, интэриэһиргээтэ, “уруккубутун, оҕо эрдэҕинээҕибитин санаатыбыт” — дииллэр. Эдэр иистэнньэҥ Саргы Боягир эмиэ үлэлэрин илдьэн бастакы улахан быыстапкаҕа сүрэхтэниитин ааста, дьон үлэтитин көрөн бэйэтигэр опыт эбиннэ. Онтон киэһэ “Сияние звезд Арктики” улахан концерт буолла, манна биһиги улуус үс нүөмэри биэрдибит. Иннокентий Винокуров суруйуутугар “Империя тунгусов Айсин Гурун” спектакылтан быһа тардан көрдөрдүбүт, манна куоракка олорор, үөрэнэр, командировкаҕа сылдьар “Орончикан” үҥкүүһүттэрэ Прасковья Алексеева-Илларионова, Айсена Николаева, Олеся Иванова, Евдокия Графова, Сахаайа Никифорова, Сайа Голомарева, Саргы Карпова, Катя Сидорова, Лада Суздалова, Варя Николаева, Дайаана Егорова, Алик, Настя Никитиннар, Сергей Васильев, Никифор Протодьяконов, Марианна Петрова, Христина Ефремова кэлэн күүс-көмө буоллулар. Төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээхтэрэ, үҥкүү алыбыгар уһуйуллубуттара, дойдубут чиэһэ диэн патриотическай санаалара күүстээҕэ икки хонук иһигэр үөрэтэн, чочуйан үҥкүүлээн дьон биһирэбилин ылыан ыллылар. Спектакль арыллыытыгар үөһэттэн тотемнарбыт музыканы кытта тэҥҥэ түһэн көрөөччүлэр “саҥа аллайбыттара” сцена кэтэҕэр иһиллибитэ. Иис-уус алыбын иҥэриммит маастардарбыт үлэлэрин, тотемнарбытын концерт кыттыылаахтара хайдах маннык оҥорон таһааралларый диэн сөхтүлэр, махтайдылар. “Хоһуун” уолаттар триолара, “Дуннэ” кыргыттар дуэттэрэ, Валерианна Новгородова-Тетерина суолата ытыс тыаһын доҕуһуолунан толорулуннулар. Улахан тэрээһин кыттыылаахтарыгар, биир дойдулаахтарбытыгар, умнуллубат түгэни бэлэхтээбиккитигэр барҕа махтал, таптал, баһыыба! Дойдубут кэрэ айылҕата, барыбытыгар дуоһуйууну эрэ бэрсэн, туппуппут тупсан, ылсыбыппыт ыпсан, санаабыппыт сатанан иһиэхтин. Ыарыы-тумуу ырааҕынан аастын, куттал санаа куота көттүн, санаарҕабыл санаа ыалласпатын, хомолто санаа хоммотун, бигэ санаа бигэргээтин, кыайыы-хотуу кыттыстын, үөрүү-көтүү үрдээтин. Үлэҕитигэр, үөрэххитигэр үрдүк ситиһиилэри, дьоллоох, доруобай буолуҥ!