Сандал саас кэлбитинэн уруйдаан – айхаллаан Өлөөн эбэҥки национальнай иис-уус алыбын иҥэриммит Далбар Хотуттарбытыгар итии-истиҥ Эҕэрдэ! Эһигини барыгытын Саха Республикатыгар Маастар күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Саха Республикатын президенин Егор Борисов 2012 сыллаахха 1227 нүөмэрдээх уураа5ынан кулун тутар ый 5 күнэ – Норуот маастарын күнүн бэлиэтиир ыйааҕа тахсыбыта. Онтон ыла хас сыл аайы Норуот маастарын күнүн Өлөөн оройуонун култуураҕа салаата нэһилиэк иис-уус абылаҥын албастарын баһылаан, тарбахтарынан имэрийэн, өбүгэлэр ситимнэрин сүүтүктэринэн силбэһиннэрэн, кистэлэҥнээх кэпсээннэрин кыһыҥҥы саҥыйахпытыгар, мэхсэбитигэр тиһэннэр, үйэлэргэ хаалар оҥоһуктарынан хараҕы үөрдэр Саха Республикатыгар Норуот маастарын күнүгэр аналлаах араас тэрээһиннэри ыытабыт. Ол курдук,
Олунньу ый 29 күнүгэр “Өлөөн айылҕатын кэрэ бэлэхтэрэ” атыы-эргиэн дьаарбаҥката дьон биһирэбилин ылыан ылла. Быыстапка үөрүүлээх арыллыытын Саха республикатын култууратын үтүөлээх үлэҺитэ, Өлөөн эбэҥки оройуонун култуураҕа салаатын салайааччыта Надежда Николаева, Саха республикатын култууратын туйгуна, Өлөөннөөҕү историко-этнографическай түмэл директора Наталья Бенчик арыйдылар. Манна нэһилиэктэринэн бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт оҥоһуктарын дьон дьүүлүгэр таһааран, бэйэлэригэр дохуот киллэһиннилэр. Онтон салгыы Саха Республикатын уус-уран оҥоһуктарын маастардара Р.И.Полуэктова — Өлөөн, М.И.Егорова — Кирбэй, Өлөөн оройуонун норуот маастардара Е.И.Николаева — Дьэлиҥдэ, М.К.Николаева – Ээйик персональнай быыстапкаларын арыллыытыгар Саха республикатын ситэриилээх былааһын 2023 сыллаах отчуотун туруора кэлбит бөлөҕө ыалдьыттаата. Кырдьык да биһиги талааннаах иистэнньэҥнэрбит үлэлэрин, Өлөөн Далбар Хотуттарын илиилэрин талааныгар сүгүрүйдүлэр, көрөн сөҕөн-махтайан, тутан-хабан дуоһуйан бардылар.
Ол кэннэ киэһэ 6.30 чаастан Российскай Федерацияҕа “Дьиэ-кэргэн”, Саха сиригэр “Оҕо-аймах”, Өлөөн оройуонугар эбэҥки сылынан “Мин дьиэ кэргэним – мин Республикам” нэһилиэктэринэн дьиэ кэргэн күрэҕин маҥнайгы түһүмэҕэ урикиттарынан туран, эбэҥкилии сиэринэн ыалдьыттары эбэҥки ыалын тускулун, эбэҥки ыала ыалдьытымсаҕын күндү көмүс көрөөччүлэрбитин айах тутан көрүстүлэр. Онтон концертнай залга киирэн күрэхпит “ Өбүгэ таҥаһа” үһүс түһүмэҕиттэн саҕаланна. Дьэлиҥдэттэн Виталий, Сандаара Протопоповтар, Кирбэйтэн Артем, Диана Антипиннар, Өлөөнтөн Айлен, Валентина Васильевтар, Солоҕоонтон Петр, Ньургуяна Степановтар кытыннылар. Күрэхпит саҥа көрүҥэ, түһүмэҕэ Өлөөн төһүү түөлбэтэ хантан силис тардан, кимтэн-хантан кииннээҕин “Төрүччү-өбүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ” буолла. Өбүгэ көмүскэлэ, күүһэ бэйэбит да билбэппитинэн биһигини араҥаччылыыр, харыстыыр. Эдэр ыалларбыт бэйэлэрин төрүттэрин үөрэтэ, билэ-көрө сатыыллар эбит диэн түмүккэ тэрийээччилэр хайҕаатыбыт. Манна даҕатан эттэххэ пандемия саҕана нэһилиэктэринэн төрүттэрбитин үөрэтэн саҕалаабыппын кыттааччыларбытыгар төһүү күүс буолла. Эбэҥки тылын сайыннарыыга туһулаан биир түһүмэхпит эбэҥки тылынан хоһоон ааҕыыта буолла. Хоһоон уус-уран тыл үрдүк чыпчаала, тыл илбистээҕэ, имэннээҕэ. Кыттааччыларбыт эттэригэр-хааннарыгар баара биллэн үчүгэйдик аахтылар. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаҕынан Дьэлиҥдэ эдэр ыала Виталий, Сандаара Протопоповтар буоллулар.
Кулун тутар 1 күнүгэр сиэр-туом ыытыллар ураһаҕа оройуоммут талааннаах иистэҥньэҥнэрэ норуот уус-уран араас оҥоһуктарыгар маастар кылаастар ыытылыннылар. Манна өбүгэбит быстыбат ситимин иҥиир сап хатыытын уонна һинньэ анньар оһуорун эдьийдии-балыстыы, табаһыт Степановтар сыдьааннара Розалия Томская, Мария Егорова эдэр кыргыттары үөрэттилэр, такайдылар. Эдэр кыргыттар Татьяна Гоголева, Федора Петрова, Сардана Корякина, Любовь Павлова, Людмила Кириллова, Евдокия Николаева, Матрена Николаева илиилэрин талааннарын, имигэстэрин, сатабылларын көрдөрөн дьон биһирэбилин ылыан ыллылар.
Кулун тутар 2 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан нэһилиэктэринэн сэлэлии хааман “Маҥан таба” скверигэр кэлэн сиэр-туом ыытан, ыраастанан, дьуохардаан баран, “Илкит” этнокултуурнай кииҥҥэ киирэрбитигэр “Нерупкан” түмсүү кыттааччылара VI маастардар форумнарын кыттыылаахтарын ыллаан-туойан көрүстүлэр, онтон 11чаастан форуммутун култуура салаатын салайааччыта Надежда Николаева үөрүүлээхтик арыйда, ол кэннэ оскуола оҕолоро иис-уус алыбын иҥэриммит норуоттан тахсыбыт эбээлэрин, эһээлэрин туһунан кэпсээн презентация көрдөрдүлэр. Людмила Бенчик “Дьылҕа ыйааҕа” Саха республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Өлөөнү аар-саарга аатырдыбыт Х.А.Бенчик туһунан, Дьэлиҥдэ орто оскуолатыттан Анита Евстафьева “Иис оһуор алыбыгар”, Камила Лавицкая – “Алтан уран тарбахтаах иистэнньэҥ Т.В.Кириллова”, Кирбэй нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһын, норуоттан тахсыбыт маастар, олоҥхоһут, тойуксут В.Н.Иванов- Сахаарча туһунан Хырайалаах орто оскуолатыттан, хос сиэнэ Юра Семенов, Солоҕоон нэһилиэгин Андрей Соломонов дьиэ-кэргэнин туһунан сиэнэ Эрсан Соломонов, Саха республикатын уус-уран оҥоһуктарын маастара З.А.Иванова туһунан Харыйалаахтааҕы модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Николида Николаева, Өлөөн орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Яна Сергеева – остуол оонньууларын, Кира Аммосова – хос эбээтин, Саха республикатын норуотун маастара А.Ф.Сергеева, Лера Васильева – Дьэлиҥдэ нэһилиэгин оһуорун баһылаабыт М.Г. Чемчоева, Аина Павлова – Саха республикатын норуотун маастара У.Д. Герасимова, Ева Струкина – бэйэбит киэргэлбит ойуута “Гагара”, Нели Павлова – эбэҥки киэргэлин натуральнай матырыйаалтан оҥоруу, Алина Солдатова – Саха республикатын норуот маастарын Надежда Колодезникова, Вика Христофорова – Саха республикатын уус-уран оҥоһук маастара М.Е.Игнатьева тустарынан сиһилии кэпсээн дьон биһирэбилин ыллылар. Эбиэт иннигэр форуммут үлэтэ түмүктэннэ.
Киэһэ күүтүүлээх «Алтама уняптун» (“Көмүс сүүтүк”) VII оройуоннааҕы иистэнньэҥнэр күрэхтэрэ саҕаланна, манна үөрэнээччи уонна уһуйааччы Дьэлиҥдэттэн Мария Павлова Евдокия Николаевалыын, Кирбэйтэн Симона Михайлова Валентина Бурнашевалыын, Өлөөнтөн Айла, Людмила Бенчиктар, Солоҕоонтон Уруйдаана Гаврильева Матрена Николаевалыын кыттан, Кэрэ куоларбыт бэйэлэрин талба талааннаах, иис-уус кистэлэҥин баһылаабыт, араас быыстапкаҕа кыттан, дьоҥҥо-сэргэҕэ бэйэлэрин үлэлэринэн биллибит уһуйааччы маастардар уонна кинилэр үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Саамай интэриэһинэй түһүмэҕинэн буолла норуот ырыатыгар доҕуһуоллатан, өбүгэлэрбит ыллаабыт матыыптарыгар уйдаран иҥиир сап хатааһына, манна кыттааччыларбыт биирдии утаҕынан сап оҥордулар. Урут эбэҥки дьахтара таба иҥиириттэн хатарыллыбыт сабынан иистэнэр этэ. Табаны сүллэхтэринэ иэнин иҥиирин быспакка этин сулуйан ылаллар, онтон хатараллар, кини уһун уонна көнө буолар, иҥиири сааһынан арааран, маҥнай синньигэс утахтары тобуктарыгар хаталлар, кыра сап утахтары кыыс о5о хатар, онтон ол синньигэс утахтары салгыы салгыы ийэлэрэ иистэнэр сабы хатар, маҥнай тобуктарыгар үөһээ диэки эрийэн хаталлар. Хатан бүтэн баран аллараа диэки төттөрү түргэнник эрийэ хаталлар. Сап уһуна араас 20-25 см. буолар, суона эмиэ араастаах. Көс олохтоох дьон буоларбытынан дьиэҕэ үлэлэрин “Матаҕа” тигиитин дьүүллүүр сүбэҕэ илдьэн туттардылар. Манна кыттааччыларбыт бэйэлэрин сатабылларынан, хайдах толкуйдуулларынан, киэргэтэн тигэн дьон дьүүлүгэр таһаардылар. Күрэхпит түмүгүнэн “Кыһыл көмүс сүүтүк” – Мария Павлова, Евдокия Николаева кыайыылааҕынан таҕысталар, онтон атын кыттааччылар анал ааттарынан “Үрүҥ көмүс сүүтүк” – Айла, Людмила Бенчиктар, “Боруонса сүүтүк”- Симона Михайлова, Валентина Бурнашева, “Алтан сүүтүк” – Уруйдаана Гаврильева, Матрена Николаева буоллулар.
Үрдүк сыанаттан талааннаах кыргыттарбытыга Валентина Бурнашеваҕа, Людмила Бенчиккэ уонна эдэр иистэнньэҥ Уруйдаана Гаврильеваҕа “Өлөөн оройуонун норуодунай маастара” үрдүк аат туттарылынна.
Өбүгэ саҕаттан бэриллэн, харыстанан кэлбити үйэтитэр, утуму салҕыыр, билэллэрин тарҕатар, көрдөрөр ытык иэс диэн дириҥ өйдөбүл баарын кырдьаҕас көлүөнэ умнубат. Ол иһин өбүгэ таҥаһын тигэргэ былыргылыы, быһыытын уларыппакка, баарынан оҥостон – тиктэн үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрэр маастардарбыт, өбүгэ таҥаһын үйэтитээччи, тарҕатааччы, салҕааччы Эһиги буолаҕыт.
Өлөөн уран тарбахтаах истэнньэҥнэрэ, Далбар Хотуттара! Бу күннэргэ буолбут тэрээһиннэрбит Эһиги олоххутугар умнуллубат дьоллоох түгэни хаалларбыта буолуо диэн эрэнэбин, олоххутугар үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Куруук эдэр эрчимнээх, нарын дууһалаах, кэрэ мөссүөҥҥүтүн ыһыктыбакка биһигини үөрдэ-көтүтэ сылдьыҥ! Эһиги баар буолан — олох салҕанар, олох кэрэтийэр, дьыл кэмэ тупсар. Хас биирдии үүнэр күҥҥүтүн үөрэ-көтө көрсүҥ, сырдыгынан сыдьаайан, ырааһы ыралааҥ, чөл куттаах, бигэ туруктаах, итии эркиннээх, иллээх-эйэлээх буолуҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Баҕарабын эйэлээх олох-кэрэ бэлэҕэ буолан үүммүт күнтэн үөрүүнү, ыарахаттан чаҕыйбакка инникигэ дьулуһууну, Ийэ сирбит, айылҕабыт чэбдик, дьэҥкир уулаах, ыраас салгыннаах буоллун, Аан дойдуга Ил-Эйэ эҥэрдэстин, дьол-соргу тосхойдун! Истиҥ-иһирэх сыһыаҥҥытын бар дьоҥҥо бэлэхтээҥ, сүрэххитин сылаанньытыҥ, үөрүүгүтүн үксэтиҥ, күҥҥүт санаа хоту ааһан саргыгыт салалыннын, өрөгөйгүт үрдээтин. Чугас дьоҥҥут сайаҕас сыһыаннарынан, санааларынан угуттанан этэҥҥэ сылдьаргытыгар баҕарабын!