Өлөөнүм хоту мин дойдум – ааптарскай ырыа күрэҕэ

Бу дьыл атырдьах ыйын 16 күнүгэр ырыаһыт, ааптар-мелодист Тимур Корякин көҕүлээһининэн эдэр ыччакка бэйэтин ырыатын тарҕатарга, билиһиннэрэргэ, уостан түспэт буола ылланарыгар анаан “Өлөөнүм-хоту мин дойдум” күрэх тэрээһинэ буолан ааста.
Тимур Корякин туһунан кыратык билиһиннэрдэххэ 1995 сыллаахха Тиксиигэ күн сирин көрбүтэ, Өлөөҥҥө улааппыта. Оҕо эрдэҕиттэн ырыаны сөбүлээн, телевизорга көстөр ырыаһыттар ырыаларын тэҥҥэ түһэрсэн ыллыыра. Маны таба көрөн эдьиийэ Лена Тихонова бэйэтин учууталыгар Валентина Ивановна Кодоеваҕа аҕалан үөрэттэрбитэ, дьэ мантан саҕаламмыта кини сыанаҕа тахсыыта, ыллааһына, кинилэр чочуйан ырыаһыт бэрдэ оҥорон таһаарбыттара. Улаатан баран аны бэйэтэ хоһоон суруйан, мелодия айан саҥаттан саҥа ырыалар айыллан барбыттара, ол курдук “Үрэн Хоһуун”, “Үрэн Хоһуун дойдута”, “Кэргэним миэнэ”, “Уолчааным”, “Дьол үөрүү олоххо” уонна да атыттар. “Үрэн Хоһуун” ырыаны табаарыһа, көмүс куоластаах Саша Николаев хайдах курдук истиҥник, дойдутун таптыырын, дойдутунан киэн туттарын, иэйэн-куойан ыллыырын астына истэрбит, анаан минээн киниэхэ анаммыт ырыа диирбит… Тимур бэйэтэ элбэх оройуоннай, республиканскай сахалыы ырыа күрэхтэрин кыайыылааҕа, кыттыылааҕа. Ырыаны олох аргыһа оҥостон айбыт ырыаларын тиһэн, икки CD-альбом таһаартарбыта.
Ырыам мин кынатым
Ырыам мин кэскилим
Ырыам — дойдубар, дьоммор…
диэн сыалтан, эдэр ыччат ортотугар күрэх ыытарга былааннаан, олоххо киллэрэн, “Өлөөнүм-хоту мин дойдум” күрэх 11 кыттаачылаах буолла. Өлөөнтөн, Егор Николаев, Сайаана Скороходкина, Валентина Соломонова, Юрий Ефимов, Александра Комбагир, Айыына Борисова, Кирбэйтэн Мария Семенова, Христя Павлова, Спиридон Корякин, Дьэлиҥдэттэн Нарыйа Николаева, Ээйиктэн Руслан Винокуров күөн көрүстүлэр. Күрэҕи иилээн -салайан ыыттылар эдэр ыччат лидера Алексей Николаев уонна Өлөөн орто оскуолатын учуутала Карина Васильева.
Дьүүллүүр тойон сүбэ бэрэссэдээтэлэ куйаар ситиминэн култуура салаатын салайааччыта, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Н.П.Николаева, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, култуура бэтэрээнэ А.П.Николаева, оҕо искусствотын оскуолатын теория учуутала Татьяна Миронова, Тимуру ырыаҕа уһуйбут эдьиийэ Лена Тихонова уонна Тимур кэргэнэ, куйаар ситиминэн Александра Корякина.
Күрэх кыттааччылара олус үчүгэйдик бэлэмнэнэн, ис киирбэхтик ыллаан көрөөччү биһирэбилин ылыан ыллылар, бииртэн биир кэрэ куолас, саҥа ааттар, саҥа тыын биһиги оройуоҥҥа ырыа эйгэтэ күүскэ уонна сүппэттик сайдыбытын, толоруу таһыма үрдүү турара туоһулуур. Ырыа куттаах киһи — үөрүүнү — көтүүнү аҕалар, олоҕу бигэргэтэр, сүрэҕин сылааһынан угуттуур, сырдыгы, үтүөнү, кэрэни тарҕатар.
Дьүүллүүр тойон сүбэ быһаарыытынан “Кылаан кыайыылаах” – Валентина Соломонова, лауреат бастакы үрдэлэ – Сайаана Скороходкина”, лауреат иккис үрдэлэ — Егор Николаев, лауреат үһүс үрдэлэ — Спиридон Корякин, дипломант бастакы үрдэлэ – Мария Семенова, дипломант иккис үрдэлэ – Христя Павлова , дипломант үһүс үрдэлэ – Юрий Ефимов, Тимур Корякин анал бирииһэ “ Бастакы холонуу” – Нарыйа Николаева, “Иэйиилээх ырыаһыт” – Айыына Борисова, “Ымыылаах ырыаһыт” – Руслан Винокуров, “Ырыа куттаах ырыаһыт” – Александра Комбагир.
Тимур Корякин ырыалара иһирэх, истиҥ, тулатын таптыыр, харыстыыр Ийэ айылҕаны, дойдуну, ийэ итэҕэлин-иэйэр-куойар ис дьиҥин, ырыанан дьоҥҥо тириэрдэн эдэр ыччакка күрэх буолбута дьон биһирэбилин ылыан ылла, бу курдук ырыалары үөрэтэн, ыллаан дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэн, уостан түспэт ырыа буолан дуорайа турдун.
Бастакы оройуоннааҕы күрэх кыттаачыларыгар уонна көрөөччүлэрбитигэр Барҕа Баһыыба буолуохтун! Илгэни-быйаҥы түстүүр, көлүөнэни ситимниир, Дойду ахтылҕанын таһаарар, саҥа ааттары арыйыы, үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтиир Ыччакка аналлаах тэрээһини өйөөҥҥүт, дохсун ытыс тыаһынан, Өлөөммүт инникитигэр, кэлэр кэскилбитигэр, кэнчээри ыччаппытыгар сүҥкэн суолталааҕы иҥэрбиккитигэр махтанабыт!

Ульяна Никифорова, култуура салаатын үлэһитэ.

Дата обновления страницы: 23.08.2023

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930