“Өлөөн күөрэгэйэ” Агафья Михайловна Петрова өрөгөйдөөх үбүлүөйүн тэрээһинэ

Бу күннэргэ А.С.Иванов аатынан “Илкит” этнокультурнай кииҥҥэ Өлөөн общественноһа, култуура тэрилтэлэрэ, бииргэ үлэлээбит дьүөгэлэрэ, “Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун” култуурата сайдарыгар элбэх билиитин, күүһүн, талаанын ууран үлэлээбит, ырыа куттаах, ССРС культуратын туйгуна, Өлөөн култууратын ветерана Агафья Михайловна Петрова ытык мааны 85 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтилэр.
Агафья Михайловна 1957 сыллаахха Өлөөн орто оскуолатын бүтэрээтин Кирбэйдээҕи тыа кулуубун сэбиэдиссэйинэн ананан айымньылаахтык үлэлээбитэ. 1959-1962 сылларга Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар кыьаны үөрэнэн бүтэрбитэ. Кэлин Уус-Алданнааҕы культура дьиэтин инструкторынан, онтон Мүрүтээҕи орто оскуолаҕа ырыа учууталынан үлэлээн баран, төрөөбүт Өлөөнүгэр кэлэн оройуоннааҕы култуура дьиэтин уус-уран салайааччытынан, сүрүн методиһынан ананан 36 сыл бэриниилээхтик үлэлээбитэ.
Агафья Михайловна культуура эйгэтигэр үлэлээбит сылларын тухары дьоҥҥо кэрэ эйгэни тарҕатыыга, саҥаны-дьиктини айарга дьулуурдаахтык ылсыбыта, общественнай олоххо көхтөөхтүк кыттан нэһилиэнньэ ортотугар улахан ытыктабылы ылбыта. 70-с сылларга Өлөөҥҥө дьахталлар оройуоннааҕы сэбиэттэрин иһинэн (салайааччы А.Н. Васильева) “Подруга-75” диэн нэһилиэктэринэн дьахталлар түмсүүлэрэ дьиэ хаһаайкаларын, эдэр ийэлэр ортолоругар араас эйгэҕэ тэрийэр, иитэр-өйдөтөр, үөрэтэр, культурнай-маассабай үлэлэри ыыталлара. Манна Агафья Михайловна культураҕа дьон талаанын үһугуннарыыга, духовноһы үрдэтиигэ, араас куруһуоктары тэрийэн үлэлэтэрэ. Ырыа куттаах буолан бэйэтэ кэргэнин кытта Владимир Иннокентьевичтыын, бүтүн дьиэ кэргэнинэн, оҕолорунаан сыанаттан түспэт ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр этэ. Агафья Михайловна доруобуйатын туругунан уонна билигин дьаҥ элбэҕинэн кулууб дьиэҕэ кыайан кэлбэт буолан дьиэтиттэн олорон ВКС сибээһин нөҥүө бүгүҥҥү ытык сааһын туолар бэлиэ күнүгэр эҕэрдэлэри тутта.
Бу дьоро күн итинник айымньылаах олоҕу олорон, дьон ытыктабылын ылыан ылбыт күндү киһилэригэр элбэх үтүө тыллары анаатылар: Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Саввинов, оройуон депутаттарын мунньаҕын Сугулаан бэрэссэдээтэлэ Альгис Сергеев, культура салаатын начальнига Надежда Николаева, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрин аатыттан Василий Афанасьевич Христофоров – СР үтүөлээх бэтэринээринэй бырааһа, Дьокууускайтан культурнай-сырдатар үөрэх кыһатыгар бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ Галина Ильинична Местникова,Елизавета Степановна Попова, Кирбэй нэһилиэгин баһылыга Владислав Николаев,”Илкээнньи” этнокультурнай киин үлэһиттэрэ, А.С.Иванов аатынан “Илкит” этнокультурнай киин коллектива, директоры солбуйааччы СР культуратын туйгуна Василиса Михайлова о.д.а ыҥырыллыбыт ыалдьыттар.

 

Дата обновления страницы: 28.09.2022

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930