Анатолий Филиппович кини саастыылаахтара, бииргэ үлэлээбит дьоно билэллэринэн сүрүн эппиэттээх үлэтин таһынан кулууп сыанатыттан түспэт испэктээкиллэргэ оонньуур артыыс, кэнсиэртэри ыытааччы суолдьут, конферансье этэ. Кини оройуонун инники сайдыытыгар элбэх үтүөтүн-өҥөтүн ахтан-санаан туран, бүгүн ахтыы киэһэ иккис түһүмэ5эр кини конферансье оруолун арыйан «Өлөөн көмүс куолаһа» бастакы оройуоннаа5ы ыччат ортотугар, суолдьуттар, ыытааччылар күрэхтэрэ ыытылынна.»Өлөөн көмүс куолаһа» күрэххэ нэһилиэктэртэн 8 эдэр уолан уолаттар кыттан, 5 түһүмэххэ бэйэлэрин талааннарын, уус-уран тылга дьо5урдарын, төрөөбүт дойдуларыгар оройуоннарыгар тапталларын, бэриниилээхтэрин, айыл5аларынан, Өлөөн кэрэ сирдэринэн, эбэҥки буолалларынан киэн тутталларын уонна инникитин суолдьут, ыытааччы буоларга бэйэлэрин холонон көрөргө, инники олорон ааспыт көлүөнэ ытык дьоммут оло5ун суолун билээри, онтон холобур ылаары, патриотическай тыыҥҥа иитиллээри, сайдаары кытынныбыт диэтилэр.