Аан дойдутааҕы XIX-c төгүлүн ыытыллар  “Хоту сир баайа. Арассыыйа маастардара уонна худуоһунньуктара” быыстапка-дьаарбаҥка

 

Бу дьыл муус устар 29 күнүттэн ыам ыйын 3 күнүгэр дойдубут тэбэр сүрэҕэр, Москва куоракка  Аан дойдутааҕы XIX-c төгүлүн ыытыллар  “Хоту сир баайа. Арассыыйа маастардары уонна худуоһунньуктара” быыстапка-дьаарбаҥка дьон бары биһирии көрөр, аныгылыы тутуулаах “Москва Сити”- Экспоцентрыгар буолла.  Бу тэрээһин туһунан кылгастык сырдаттахха, Сибиир уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын, традицийаларын, фольклордарын, традиционнай астарын-таҥастарын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, сырдатыы суоллаах –иистээх тэриллэн ыытыллар эбит. Уопсайа 20 регионтан 600 –тэн тахса кыттааччы кэлбит. Саха сирин павильонун тэрийээччилэр “Аборигенка” общественнай түмсүү салайааччыта Ия Кимовна Герес, Саха сирин норуотун маастара Антонина Степановна Христофорова,  Арктика уонна а5ыйах ахсааннаах норуоттар дьыалаларынан дьарыктанар Министерства специалиһа Дайаана Анатольевна Егорова салайан илдьэ сырыттылар уонна экспозиция күрэҕэр Саха сирэ иккис бириистээх миэстэ буоллубут. Хас биирдии регион тэрээһиннэрэ олус интэриэһинэйдэр, бары оҥостон кэлбиттэр. Саамай элбэх кыттааччылаах Ямала-ненецкэй автономнай уокурук. Хас биирдии регион маастардара бары маастар кылаас ыыттылар, көрөргө-үөрэнэргэ олус интэриэһинэй.   Биһиги үс буолан Мария Николаевна Агаева, Ия Яковлевна Сергеева уонна мин улахан тэрээһиҥҥэ кыттан Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун аатырдан, ситиһиилээх кэллибит. Оройуонтан уопсайа 12 маастар үлэтин илдьэн быыстапкаҕа туруордубут. Ол курдук,  хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар этническай национальнай таҥаска “ Полярный стиль” муода күрэҕэр Ия Сергеева үһүс бириистээх миэстэ, Людмила Бенчик “Вышивка и меховая мозаика” үһүс бириистээх миэстэ, онтон Мария Егорова, Розалия Томская кыһыҥҥы таҥаска анал бириис уоннааҕы маастардар үлэлэрэ Лауреат үрдүк аатын сүктүлэр.  Маннык улахан тэрээһиҥҥэ кыттан  ситиһии үктэллээх дойдубутугар кэллибит. Хас биирдии оҥоһугу дьүүллүүр сүбэҕэ хайдах тигиллибитин, тугунан имиллибитин, ханнык сабынан тигиллибитин кэпсээн улахан үлэни аастым. Саамай интэриэһиргээбиттэрэ сиэгэн түүтүн, тоҕо маннык тигэллэрий диэн. Кыра эрдэхпититтэн көрөн улааппыт буолан, кырдьаҕастар кэпсэтэллэрэ бэйэбитигэр иҥэн билигин бу туһалыы сырыттаҕа. Өбүгэбит ииһэ омук дьонун сөхтөрдө, күүспүтүгэр күүс, кыахпытыгар кыах биэрдэ.  Араас симэхтэри, харысхаллары, иҥиир сап хатыытыгар маастар кылаас оҥордубут, олус интэриэһиргээн тувиннар, буряттар, ямаллар үүттээх тааспытын сэргээн харысхал оҥостон бэйэлэригэр бэлэх ыллылар. Биһиги да хаалсыбакка бары ыытар маастар кылаастыргар сылдьан үөрэннибит, көрдүбүт.  Онтон Мария Николаевна тикпит оҥоһугун сэргээтилэр, интэриэһиргээтилэр, тутан –хабан көрдүлэр, заказ биэрдилэр.    Российскай Федерация аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциациатын Президенэ Г.П. Ледков бэйэтинэн кэлэн көрсөн, оҥоһукпутун интэриэргээбитигэр үөрдүбүт, дуоһуйдубут. Үйэлэргэ хаалар өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт. Бу аҕыйах хонукка иис-уус алыбын иҥэриммит Далбар хотуттары кытта билистибит, оҥоһуктарын көрдүбүт, атах тэпсэн олорон кэпсэтэн, алтыһан астынан кэллибит. Хотугу норуоттар иис-уус алыбын иҥиэриммит дьоммут үлэлэрин киэҥ араҥаҕа таһаарыы, сырдатыы буолар, ону тэҥэ дьон үлэтин илэ харахпытынан көрөн элбэххэ үөрэннибит, билистибит. Саҥаны айарга, кэрэҕэ талаһарга кыахпытын, санаабытын ууран өссө үчүгэйдик үлэлиэхпит, айыахпыт, сырдыкка талаһыахпыт. Бу быыстапкаҕа турбут экспонаттарбыт барыта Өлөөн оройуона  тугунан тыынан, таҥнан олорорун көрдөрдө.  Кэлэр ыччакка бэйэбит омукпут таҥаһа-саба, туттар тэрилэ сүппэтин туһугар  пропагандалыыр үлэни култуура салаата  буоларын умнуо суохтаахпыт.

Ульяна Никифорова,  култуура салаатын уус-уран оҥоһуктарыгар специалиһа

Дата обновления страницы: 18.05.2024

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930