«Айар үлэни сырдык сулус оҥостон»
ССРС култууратын туйгуна, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх улэһитэ Алина Ильинична Шишигина үбүлүөйүн бэлиэтээһин.
1967 сыл күһүнэ. Анал култуура үөрэхтээх эдэр специалист Алина Шишигина Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищены бүтэрэн ыраах хоту £лөөн оройуонугар Кирбэй нэһилиэгэр ананан кэлбитэ, киин оройуоҥҥа үөскээбит, улааппыт эдэр киһи олоҕор ыраах хоту сиргэ саҥа үктэли дабайарыттан эмиэ да долгуйа санаабыта. Эдэр буолан атын сири — дойдуну көрөр баҕа дуу, эмиэ да бииргэ төрөөбүт эдьиийэ ыал буолан олорбут дойдутугар баран, ийэтэ суох хаалбыт сурдьугар чугас буолар баҕаттан дуу, Алина Өлөөн Ытык сиригэр анал култуура үөрэхтээх специалист буолан үктэммитэ.
Бэстээх үрдүк мырааннаах, арыы чараҥ тыалардаах, айылҕаттан ананан айыллыбыт алаастаах, Мэҥэ Хаҥалас Хорообут нэһилиэгиттэн төрүттээх Алина сытыы – хотуу, барыны-бары билэр баҕалаах кыыс оҕо буолан олус эрдэ ааҕар буолбута, оскуолаҕа 6 сааһыгар киирбитэ. Бастакы кылааска үөрэнэ сылдьан «Кыым” хаһыаты уонна саха суруйааччыларын кинигэлэрин ааҕара. Алина Ильинична бииргэ төрөөбүттэрэ бары үрдүк үөрэхтээх дьон буолан үүнэн – сайдан Республика сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрсэ сылдьар үтүө үлэһит дьон буолаллар.
Ол сылларга оройуон культурата элбэх ситиһиилэммитэ, 1969 сыллаахха Ньурбаҕа республиканскай фестивальга кыттыыны ылан дипломант аатын сүкпүттэрэ, 1971 сыллаахха Эдьигээҥҥэ республиканскай фестивальга Ньургун Боотур олоҥхоттон быһа тардан инсценировка онорон көрөөччү сэҥээриитин ылбыттара. Ол кэмҥэ сценаттан түспэт артыыстарынан буолаллара кэргэннии Лукерья, Кирилл Павловтар, Тамара, Анатолий Христофоровтар, Эдуард Иосифович Семенов, Михаил Михайлович Острельдин, Степан Филиппович Николаев, Агафья Михайловна Петрова, Прасковья Николаевна Прокопьева, Мария Афанасьевна Анисимова, Юрий Николаевич Басыгысов уонна да атыттар.
Дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбыта Михаил Острельдин – Баачыка оруола, Кирилл Павлов – Кэччэгэй баайа, Ыналбата, Юрий Басыгысов – Наара суоҕа, Степан Николаев, Михаил Острельдин көр-күлүү ырыалара. Алина оччолорго сүрүн оруолу бэйэтэ оонньуура, дьон сценканы, пьесаны сүрдээҕин сөбүлээн, биһирээн көрөллөрө, ол быыһыгар чэпчэки, чэпчэкитик үктэнэн сцена ортотугар тахсаат, “сүүрбэ сэттэ мүнүүтэлээх сэлэһии, аҕыс мүнүүтэлээх антракт, тоҕус мүнүүтэлээх тохтобул, уон мүнүүтэлээх уоскуйуу кэнниттэн дьоро киэһэбит иккис чааһын саҕалыыбыт” — диэн хомоҕой тылынан концеры иилээн – саҕалаан ыытара, баай – хомоҕой тыл айылҕаттан бэриллибит, айдарыылаах талааннааҕа, уус — уран тылы өрө – таҥнары сыымайдаан сааһылаан, этэн тыынан бардаҕына ама ким сэҥээрбэт буолуой. Ол курдук уус – уран ааҕыылары, монологтары ис дууһатыттан иэйэн, абаран – сатаран, долгуйан, үөрэн туран, саала иһин итэҕэтэрдии, туттан – хаптан туран дириҥ эмоциялаах, интонация чуолкайын көрөөччүгэ тиэрдэрэ.
Алина Ильинична киһи быһыытынан ис эйгэтэ наһаа саҥаттан саҥаҕа, үрдүктэн үрдүккэ талаһар, ол тэҥэ билиитин – көрүүтүн куруут хаҥата сылдьар, олорон хаалбат, инникигэ тардыһыылаҕын бары бэркэ билэбит. Үрдүк үөрэхтээх үлэһит буолар баҕа баһыйан 2 саастаах Платонун кэргэнэ Леонид, эбэлэрэ Прасковья Филипповна көрө хаалан Алина Хабаровскайдааҕы култуура институтугар үөрэххэ киирэн, 1976 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн Өлөөнүгэр кэлэн оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр үлэтин салҕаабыта.
Култуура үлэтин элбэх ымпыгар-чымпыгар үөрэнэн кэлбит, баай уопуттаах киһи быһыытынан үлэ үөһүгэр түспүтэ. Уус – уран самодеятельность фестиваллара, күрэхтэрэ, концертара Алина Шишигина салайыытынан ыытыллан кэлбиттэрэ, сценаҕа арахсыспат тэҥҥэ концертары салайсар аргыһа Анатолий Филиппович Христофоров буолара. Кинилэр иккиэн да харахха быраҕыллар көнө уһун уҥуохтаах, саҥаран баран сценаттан түһээр диэбит дьоннор, төһөлөөх үгүс оройуоннай, республиканскай да таһымнаах тэрээһиннэри, кэнсиэртэри араас оройуоннарынан, куорат театрдарынан иилээн – саҕалаан ыыппыттара, дьон сүргэтин көтөхпүттэрэ, оройуон чиэһин, үрдүк үтүө аатын ааттаппыттара, ааспыт үйэ 70-80 сылларыгар республика араас улуустарыгар, Красноярскай кыраайынан гастролларга салайааччы буолан Өлөөн оройуонун култууратын, искусствотын тарҕатыыга сүҥкэн кылааты киллэрбитэ буолуой?
Алина Ильинична бастакы үлэтин саҕалаабыт дойдута Харыйалаах — дьолун биһигэ эбит. Манна үлэлии сылдьан “Первый парень села” дииллэринии олохтоох, экономист үөрэхтээх, ис киирбэх дьүһүннээх, көнө майгылаах Леонидын көрсөн, икки эдэр дьон сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, таптаһан ыал буолбуттара. Алина Ильинична Леонид Евдокимовичтыын үйэ аҥаара бииргэ олорбут көмүс буукубуннан суруллар Өлөөн оройуонун биир бастыҥ-мааны, сахалыы сиэрдээх, ньир-бааччы олохтоох ыала. Икки уол оҕолоохтор бэйэлэрэ номнуо орто саастаах, үлэһит ыаллар. “Ыал-аҕатынан” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Леонид Евдокимович дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Алина Ильинична үтүө тылын сиргэ түһэрбэккэ, иннин быһа сүүрбэккэ, күлүгүн быһа үктээбэккэ, кини санаатын саҥара илигинэ таайарын, эппитин тыл быһаҕаһыттан өйдүүр аҕа баһылык буоллаҕа, хардарыта өйөһөн, өйдөһөн олорор дьоллоох ыал, ол да иһин көмүс сыбаайбалаах Ытык мааны ыал аатын сүгэн Республика кинигэтигэр киирдэхтэрэ.
Алина Ильинична үлэтин таһынан бэйэтин кэмигэр солбуллубат тамада буолан элбэх эдэр ыаллары сүрэхтэрин холбуур, ыал буолар эппиэтинэстээх дьоро сыбаайбаларын алҕаан, арчылаан дьоллорун түстээтэҕэ, доҕоттор, аймахтар көрсүһүүлэрин, үбүлүөйдэри, олох үөрүүлээх түгэннэригэр хомоҕой алгыстаах тылынан, сиэдэрэй сэһэнинэн төһөлөөх эдэр дьон олохторун түстээбитин бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.
Алина Ильинична үтүөнү, кэрэни, сырдыгы бар дьоҥҥо тарҕатар аналлаах ананан төрөөбүт үтүө киһи, ол тэҥэ 90-с сылларга Өлөөн нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан 5 сыл нэһилиэнньэ олоҕо – дьаһаҕа тупсарыгар санаатын, дууһатын ууран үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн оройуон дьаһалтатын иһинэн Оҕо уонна дьиэ кэргэн салаатын сэбиэдиссэйинэн, загса отделын сэбиэдиссэйинэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар дылы үлэлээбитэ. Ону тэҥэ өр сылларга бу кэмҥэ дылы оройуон дьаһалтатын үлэһиттэрин рескомун профсоюһун солбуллубат бэрэссэдээтэлинэн эҥкилэ суох үлэлии сылдьар. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, Алина Ильинична бэйэтин эйгэтигэр — култууратыгар төннөн бу күҥҥэ дылы наставник, үтүө сүбэһит, дурда – хахха буолан үлэлии сылдьар.
Сахалыы Кириһиэнньэ таҥара чэчиэринньигэ күн – бу дьыл тохсунньу 18 күнүгэр ССРС култууратын туйгуна, Саха республикатын культуратын үтүөлээх улэһитэ, олоҕун үгүс аҥаарын оройуон культурата сайдыытыгар анаабыт, кэрэни, сырдыгы тарҕатар аналлаах Алина Ильинична Шишигина үөрүүлээх үбүлүөйүн Өлөөн дьоно өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Тохсунньу томороон тымныытын үтэйэн үөрүүлээх үбүлүөй кэлбит күнүн, арыылаах алаадьынан аал уоту айах тутан сиэр-туом толоруунан саҕаланар, улахан экраҥҥа Алина Ильинична олоҕун, үлэтин кэпсиир видеоролик көрдөрүллэр, аймах-билэ дьоно, оҕолоро сиэннэрэ Дьокуускай куораттан эҕэрдэ ыытан ийэлэригэр, эбэлэригэр күндү бэлэх ууналлар. Ол кэнниттэн оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Саввинов, Өлөөн нэһилиэгин баһылыга Василий Романов, Кирбэй нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Марианна Егорова, Солоҕоон нэһилиэгиттэн оройуон Сэбиэтин депутата Вадим Васильев, Өлөөн оройуонун социальнай көмүскэлин комплекснай киинин салайааччыта Туяра Колодезникова, үөрэх салаатын салайааччыта Мария Иванова, А.С. Иванов аатынан “Илкит” этнокультурнай киин директэрэ Юрий Ефимов, культура идэлээх союзтарын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василиса Михайлова, өр сылларга бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ Алексей Николаев, “Дуннэ” дуэт, оҕо музыкальнай оскуолатын онтон да атын ыалдьыттар үбүлүөйдээх ытык киһини эҕэрдэлээтилэр, киниэхэ анаан эҕэрдэ ырыаларын анаатылар.
Вера Ларионова, РФ журналистарын союһун чилиэнэ.