Александр Степанович аатынан сквер арылынна

«…Дойдуҥ дьоно эн ааккын суруйуо, Таас хайа үрдүгэр, килбэтэн туруоруо…” Бээһээ, Өлөөммүтүгэр биир бэлиэ, умнуллубат долгутуулаах күн тосхойдо. Тапталлаах Өлөөммүт биир чаҕылкай, хоһуун ыччата эбэҥки норуотун чулуу уола, патриот, өрүү саныы сылдьар убаастыыр салайааччыбыт, Александр Степанович Иванов аатынан сквер үөрүүлээхтик аһыллыыта буолла.

Сквер аһыллыытын туоһулуур аалай кыһыл лиэнтэни быһар чиэс бэриллэр СР Бочуоттаах тутааччыта, үлэ ветерана, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон Бочуоттаах олохтооҕо Иван Власьевич Атаковка, Василий Васильевич Христофоровка – Александр Степанович коллегатыгар, соратнигар, бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэр Платон Гаврильевич Семеновка. Бу кэмҥэ Саха норуодунай поэта Леонид Попов тылларыгар “Өлөөн эбэ үрдүгэр” хоһоонунан айыллыбыт ырыаны Өлөөн эдэр ыччатара Александр Степанович сырдык кэриэһигэр анаан ыллыыллар. Александр Степанович дойдутун Өлөөнүн олус таптыыра, дьонунан-сэргэтинэн киэн туттара, эбэҥки буоларын үрдүктүк тутара. Өлөөн гимнэ толорулуннаҕына хайдах курдук киэн туттан, иһиттэн өрө көтөҕүллэн туран ыллаһара бу харахпытыгар көстөн кэлэр. Александр Степанович аатынан сквер аһыллыытын миитинэ Российскай Федерация,Саха өрөспүүбүлүкэтин, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун өрөгөй ырыаларынан доҕуһуолланар. Александр — Азока оҕо сылдьан 1986 сыллаахха Опера уонна балет театрын үрдүкү сыанатыттан аахпыт эбэҥкилии “Ленин Гарпалин” хоһоонун мустубут дьоҥҥо иһитиннэрэн ааһаллар, уонна кини олоҕун салгыыр Ивановтар кэнчээри ыччаттара сыанаҕа тахсаннар хоһоон ааҕаллар.
Өлөөн оройуона Александр Степанович салайар кэмигэр сайдыы үрдүк таһымыгар тахсыбыта, инники кэскилгэ бигэ акылаат ууруллубута. Улууспут социальнай-экэнэ-миичэскэй сайдыытын былаанын бары хайыскалара олоххо утумнаахтык киллэриллибиттэрэ.
Ханнык баҕарар киһи дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабыла кини үлэтинэн-хамнаһынан, олоҕунан-дьаһаҕынан, киһи киһиэхэ сыһыанынан сыаналанар. Ону туоһулуур Александр Степанович таһаарыылаах үлэтэ, дьон махтала, ытыктабыла.
Александр Степанович барыта үчүгэй эрэ өрүттээх киһи быһыытынан өйбүтүгэр-санаабытыгар хаалар. Кини туһунан истиҥ-иһирэх тылларын Өлөөн саамай аҕа саастаах, бары сүгүрүйэр убаастыыр киһибит Николай Иванович Николаев, өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегата Людмила Васильевна Александрова уонна бу кини аатынан бэртээхэй сквери тэрийэн туттарбыт оройуон кылаабынай архитектора Айталина Николаевна Винокурова эттилэр.
Александр Степанович олоҕунан, үлэтинэн төрөөбүт улууһугар туһалаабыта үүнэр көлүөнэҕэ, эдэр дьоммутугар үтүө холобур буолуоҕа. Кини үтүө аатын үйэтитии биһиги Өлөөн дьонун бары ытык иэспит.
“Александр эһэтэ Иванов Христофор Иванович Папанин аатынан холхуоһу салайбыта, аҕатын бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Степанида Христофоровна эбэҥкилэртэн бастакы дьахтар сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Оттон аҕата Иванов Степан Христофорович эдэр ыччат, хомсомуол лидерэ этэ. Ийэтэ Анна Николаевна үтүөлээх учуутал, дьахталлар хамсааһыннарын салайааччыта этэ. Кини ити курдук удьуорун ууһуттан бары үчүгэйи барытын иҥэринэн улааппыта, үөрэҕи ылыныгас, элбэҕи билэр-көрөр, ааҕар, мэлдьи туйгун үөрэнээччи, кыра эрдэҕиттэн октябренок, пионер, комсомол кэккэтигэр иитиллэн тахсыбыт актыыбынай позициялаах оҕо этэ, бүгүн кини аатын сүгэр сквербит ыччаттарбытыгар мэлдьи кини туһунан санатыа, холобур буола туруоҕа” диэн Людмила Васильевна үөрэнээччилэргэ уонна мустубут дьоҥҥо туһаайан этэр. Бүгүн арыйар сквербит уонна кини пааматынньыга бу биһиги оройуоммутугар аан бастакы буолар кэрэхсэбиллээх түгэн, Александр Степанович биһиги Өлөөммүт оройуона Арктикаҕа саамай бастыҥ, сайдыылаах, өссө түргэн сайдыылаах оройуон буолуохтаах, диэн кини дьоҥҥо амарах санаатын, ыра санаатын олоххо киириитин туоһута.
Салгыы баһылык Лена Степановна Иванова Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун аатыттан сквери бырайыактаабыт архитектордарга, кылгас кэм устата сквери тутан таһаарбыт тутааччыларга наҕараадалары туттарар. Ол кэнниттэн Александр Степанович Иванов пааматынньыгын арыйарга МР кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлигэр Николай Михайлович Стручковка, оройуон баһылыга Лена Степановна Ивановаҕа, нэһилиэк баһылыгар Василий Николаевич Романовка, Александр Степанович кыра уолугар, Өлөөн орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитигэр Гена Ивановка бочуоттаах быраап бэриллэр. Ол кэмҥэ Александр Степанович ыччаттарга, инники Өлөөнү салгыы тутар, сайыннарар ыччаттарга туһаайан эппит этиитин иһитиннэрэллэр.
Александр Степанович олоҕунан, үлэтинэн төрөөбүт улууһугар туһалаабыта үүнэр көлүенэҕэ,эдэр дьоммутугар үтүе холобур буолуоҕа. Кини үтүө аатын үйэтитии биһиги Өлөөн дьонун бары ытык иэспит.



Вера Ларионова

Дата обновления страницы: 20.09.2022

Октябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031