Өлөөн эбэҥкилэрин биир чулуу уола Михаил Николаевич Семёнов-Амака сырдык аатыгар, төрөөбүтэ 90 сааһыгар аналлаах I оройуоннаа5ы «Амака аа5ыылара» дьиэ кэргэнинэн эбэҥкилии Ньимнакааны уонна Амака хоһооннорун толоруу күрэ5э ыытылынна.
Мэнду Айамамал бэел гиркил ирэмэл! Кыыдаан кыһын сайа5ас киэһэтинэн Өбүгэ тыынын иҥэринэ сылдьар күндү көрөөччүлэрин суолдьуттар сахалыы, эбэҥкилии э5эрдэлээн Дьиэ кэргэн Ньимнакаан күрэҕин арыйаллар.
Эбэҥкилии Нимнаканнары оройуон нэһилиэктэрин урикиттарыттан 4 дьиэ кэргэн кытыннылар. Ыраах Дьэлицдэ нэһилиэгиттэн Татьяна, Гаврил Быкановтар уонна оголоро эбэцкилии остуоруйа, АМАКА «Тугутчаан» хоһоонунан, Соло5оон нэһилиэгиттэн Анастасия, Николай Романовтар оголорунаан видеонан кытыннылар. Өлөөн нэһилиэгиттэн түөрт урикит дьиэ кэргэттэрэ Татьяна, Александр Гоголевтар, Надежда, Андрей Пахомовтар, элбэх о5олоох дьиэ кэргэн Наталья, Алексей Федоровтар, Кирилл, Евдокия Колодезниковтар оголорунаан кыттан көрөөччүлэри сэргэхситтилэр. Эбэҥкилии Нимнакаан кыттааччылара Дьиэ кэргэттэртэн «Кылаан кыайыылаах» ааты 4 урикит олохтоохторо Наталья, Алексей Федоровтар дьиэ кэргэттэрэ ылан, кыттааччылар бары анал номинацияларга тиксэн, эбэҥки буолар үрдүк аналларын сүгэн, онон киэн туттан, өбүгэлэрин үгэстэрин тар5атан маннык үтүө дьоро киэһэни бэлэхтээбиттэригэр махтал буолуохтун.