Бастакы тирии имитиитин чемпионата

Аан бастакы “ Тирии имитиитин” чемпионата

Устар былыт буолан
Аастылар сыллар-хонуктар,
Арай төрүт уус оһуора-бичигэ
Сүппэт өйтөн-санааттан…
Өбүгэлэрбит таҥаһы таҥастааһыҥҥа, тигиигэ туттар үгэстэрин, ньымаларын төһө да илии үлэтэ ыараханын аахсыбакка илдьэ сылдьабыт, эдэр көлүөнэ ыччакка тиэрдэр соруктаахпыт. Үйэлэри уҥуордаан кэлбит өбүгэ ситимэ, хотугу аҕыйах ахсааннах норуоппут дьарыгын, өйүн — санаатын, таҥаһын-сабын, айар-тутар талаанын, ырыатын-тойугун, дууһатын иэйиитин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ, эдэр ыччакка билиһиннэрэн тарҕатыахтаахпыт, билиһиннэриэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит. Ол курдук, алтынньы ый 14 күнүгэр, иис-уус алыбын иҥэриммит, көмүс тарбахтаах Далбар Хотуттар Арассыыйаҕа норуоттар култуураларын үйэлээх баайын, Саха АССР төрүттэммитэ 100, Саха республикатыгар Ийэ, Өлөөн оройуонугар Аҕа сылларыгар аналлаах аан бастакынан “ Тирии имитиитин” чемпионатын күрэҕэ үрдүк тэрээһиннээхтик “Илкит” этнокултуурнай киин сиэр-туом ураһатыгар сарсыардаттан саҕаланна. Дьиэбитин-уоппутун ыраастаан, алгыс этэн, алҕаан баран күрэхпит саҕаланна. Чемпионаппыт кыттааччылара София Алексеева, Варвара Камерова, Марианна Винокурова, Ия Сергеева, Алина Попова.
Биэс кыттааччы оннуларын булан олороотторун бастакы түһүмэх “Кыһыах” — тирии кыһыахтааһына саҕаланна. Тириини дэхси сиргэ тэлгэтэн баран сугатын кыһыаҕынан кылбаччы кыһыахтаатылар. Тириибит имиллэрэ кыһыахтан тутулуктааҕын кыргыттар эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит буолан олох лигиччи олорон кыһыахтаатылар. Иккис түһүмэхпит “Тыаһатыы”- соҥуйарга аналлаах оҕус маска кыбытан туран соҥоһоонунан устатынан уонна туоратынан соҥуйдулар.Тириини үчүгэйдик соҥуйдахха кычыгыраан тыаһыыр буолар, итини тыаһатыы дииллэр. Тирии тыаһа бэйэтэ туспа иэйии, музыка. Үһүс түһүмэх “Эмэхтээһин” — тириибитин тэнитэ сытыаран кыһыл эмэҕинэн тэҥ гына тириини илиттилэр. Эмэхпитинэн тириибитин үчүгэйдик иҥэрэн бистэхпитинэ үчүгэйдик соҥуллан имиллэр.Ол кэннэ суулан баттата уурдубут. Төрдүс түһүмэх “Соҥуйуу” – тириини оҕус маска кыбытан баран устатынан, туоратынан күүскэ баттаан соҥуйабыт. Бэһис түһүмэх “Кэдэрээннээһин” — атаххынан тириигин тэбэн олорон кэдэрээнниигин эмиэ устатынан уонна туоратынан. Маны хас да төгул кууруор диэри кэдэрээнниигин. Тирии имиллибит бэлиэтэ – тардыалаатахха ууннаҥнаабат буоллаҕына имиллибит диэн буолар. Маннык имиллибит таҥас бөҕө буолар, сииги тардыбат, өҥө тырыта баран алдьаммат, түүтэ элэйэн бүтүөр диэри кэтиллэр. Холобур, мэхсэ түүтэ элэйэн түһэн сарыыта ордор, ону арбаҕас диэн биһиги эбэҥкилэр ааттыыбыт. Киэһэ алта чааска бары тириилэрин имитэн бүттүлэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ пенсионнай сулууспа ветерана, “Сокровища Севера” быыстапка кыттыылааҕа Розалия Ивановна Полуэктова, “Өлөөн” совхоз зоотехника Марина Христофоровна Николаева уонна култуура салаатын салайааччыта Надежда Прокопьевна Николаева таһаарыылаахтык үлэлээтилэр.
Бу тэрээһиҥҥэ иис абылаҥын имэриммит, норуоттан тахсыбыт иистэнньэҥ эбээлэрбит, эдьиийдэрбит ааттарынан кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, хос, хос-хос сиэннэрэ спонсордаатылар.
Маҥнайгы миэстэ Марианна Винокурова, киниэхэ “Өлөөн” нэһилиэгин администрациятын Аҕа баһылыгын солбуйааччыта Христофор Павлович Васильев уонна Республикатааҕы быыстапкалар хас да төгүллээх кыайыылааҕа, өбүгэ ииһин-ууһун иҥэриммит иистэннньэҥ Мария Константиновна Васильева аатыттан оҕолорун дьиэ кэргэттэрэ Васильевтар, Голомаревтар, Ивановтар туруордулар.
Иккис миэстэ илиитигэр талааннаах иистэнньэҥ Ия Сергеева, бирииһи олохтоотулар Кирбэй национальнай нэһилиэгиттэн төрүттээх Саха республикатын норуот маастара Ульяна Дмитриевна Герасимова сиэннэрэ, хос, хос-хос сиэннэрэ.
Үһүс миэстэ эдэр талааннаах кыыспыт Алина Попова буолла, бирииһи олохтоотулар Дьэлиҥдэ нэһилиэгиттэн төрүттээх ойуулуур-дьүһүннүүр искусство маастара Мария Гаврильевна Чемчоева оҕолоро уонна чугас аймахтара, Кирбэй нэһилиэгиттэн Саха республикатын норуотун маастара Надежда Павловна Колодезникова.
“Өбүгэ үгэһин тарҕатааччы” анал аат иҥэрилиннэ Софья Алексеевна Алексееваҕа, Кирбэй национальнай нэһилиэгиттэн төрүттээх, иис-уус алыбын иҥэриммит, оһуор ойууну тыска бастакынан тикпит Прасковья Филипповна Иванова аатынан бирииһи олохтоотуулар оҕолоро Василий Евдокимович уонна сиэнэ Платон Леонидович Васильев дьиэ кэргэттэрэ.
“ Өбүгэ ситимин салҕааччы” анал аат иҥэрилиннэ Варвара Семеновна Камероваҕа, Саха республикатын норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Елена Даниловна Александрова аатынан бирииһи олохтоотулар оҕолоро, сиэннэрэ Александровтар, Егоровтар.
“Кыайыыга дьулуурун иһин” анал аат тигистэ эдэр эрчимнээх, талааннаах кыыска Алина Поповаҕа. Кирбэй нэһилиэгиттэн төрүттээх, Республикатааҕы быыстапкалар хас да төгүллээх кыайыылааҕа, Саха республикатын норуотун маастара Христина Афанасьевна Бенчик аатынан бирииһи олохтоотулар сиэннэрэ Наталья, Людмила Бенчиктэр.
Бу тэрээһини ыытан бэйэм кыттыбыт саҕа сананным, дуоһуйдум, астынным. Түгэнинэн туһанан бу тэрээһин олоххо киирэригэр “ээх” диэн кыттыбыт кыргыттарга сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин, бокулуоннуубун, махтанабын. Куруук маннык көхтөөхтүк дьоҥҥо, ыччакка холобур буолуҥ диэн баҕа санаабын этэбин. Эдэр көлүөнэ өбүгэлэрбит үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын, култуураларын симэлитэн хаалларбакка, сүппэтигэр үлэлэһэн, умнубакка тарҕатарбыт сыанабыллаах.
Үлэни сөптөөхтүк аттарыныы — үчүгэй түмүгү ситиһии.
Толкуйгут тобуллан — таба суолу тайаныҥ!
Сатабылгыт сатанан-сайдар аартыккыт арылыннын!
Инники олоххут сырдыгынан эрэ сыдьаайдын!
Эрэлгит кыыма күөдьүйэ турдун!
Үрдүккэ, үтүөҕэ дьулуһуҥ!

Туруктаах олохтоох, чэгиэн доруобуйалаах, сайдар аналлаах, хас биирдии күнтэн үөрүөҕүҥ, дуоһуйуоҕуҥ!
Аан дойдуга ил-эйэ эҥэрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!
Сырдык санааны кытта сыдьаайа, үөрэ сылдьыаҕыҥ!

Аныгыскы чемпионакка көрсүөххэ диэри!

Ульяна Никифорова култуура салаатын экономиһа, күрэх тэрийээччитэ.

 

Дата обновления страницы: 28.10.2022

Декабрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031