Чаҕылхай суолу хаалларбыт учуутал» Мария Николаевна Акимова

Мындыр сүбэлэринэн, үтүө алгыстарынан сабыдыаллаабыт дьоҥҥо ытыктабыл, сүгүрүйүү бэлиэтэ күн-дьыл аастаҕын ахсын ордук күндүтүйэн, кэрэтийэн иһэр. Оройуон культурата сайдарыгар, айар тэрээһиннэри ыытыыга, кэрэ эйгэҕэ угуйууга биир умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт, Өлөөн дьоно ытыктыыр киһибит, педагог уонна уһуйааччы, Өлөөн орто оскуолатыгар өр сылларга айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбит бэтэрээн учуутал , РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», Аан дойдутаа5ы «Азия о5олоро фонда стипендиата» Мария Николаевна Акимова буолар.

Улуу Кыайыы күнүн көрсө Мария Николаевна өрөгөйдөөх 90 сыллаах үбүлүөйугэр анаммыт, кини сырдык аатын үйэтитэр «Чаҕылхай суолу хаалларбыт учуутал» диэн эдэр ыччаты, үөрэнээччилэри патриотическай тыыҥҥа иитиигэ сыаллаах, ыам Улуу Кыайыы 79 сылыгар, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо-аймах, Өлөөн оройуонугар Эбэҥки сылларыгар анаммыт «Акимовскай ааҕыылар» Х оройуоннааҕы хоһоон ааҕааччылар күрэхтэрин уонна түмүктүүр дьоро киэһэтэ буолан ааста.

Саха Далбар Хотуна, Күн Күбэй ийэ, эйэҕэс эбээ, өр сылларга саха тылын уонна литературатын учуутала, Кэрэ эйгэҕэ уһуйааччы диэн үрдүк ааттаах Мария Николаевна Акимова ааспыт үйэ 60-с сылларын саҕаланыыта Дьокуускайдааҕы пединституту ситиһиилээхтик бүтэрэн үлэтин Алдан куоратыгар, онтон ыраах Өлөөн орто оскуолатыгар уонна Саккырыыр орто оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэлээбитэ. Бу сылларга Мария Николаевна суруйбут «ТабаҺыт до5орум» диэн хоһоонугар кини үөрэнээччитэ Мария Самойлова мелодия айбыта. Бу ырыа табаһыттарсүлүөттэрин гимнэрэ буолан күн бүгүнүгэр диэри уостан түспэт ырыа буолан ылланар.

1971 сыллаахха Мария Николаевна кэргэнин дойдутугар ыраах Өлөөҥҥө көһөн кэлбитэ, кини учууталлыырын таһынан оройуоннааҕыкултуура дьиэтин иһинэн үҥкүү-ырыа кэллэктиибэ төрүттэнэригэр төһүү күүс буолбута. Ол кэмтэн ыла Мария Николаевна олоҕун доҕоругар Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Прокопий Игнатьевич Семеновка, онтон кэлин улахан кыыһыгар, аҕатын туйаҕын хатаран култуура эйгэтин талан айымньылаахтык үлэлии сылдьар, культура оройуоннааҕы салаатын үйэ чиэппэрин тухары салайар, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Николаеваҕа күүс көмө, үтүө сүбэһит буолбута. 1982 сыллаахха «Орончикан» эбэҥки национальнай ансамбль тэриллэригэр,репертуарын ис хоһоонун торумнааһыҥҥа, оҕолору кэрэ эйгэҕэ уһуйарга үлэлэспитэ, ансамбль билигин «Российскай Федерация норуотун айымньытын үтуөлээх кэллэктиибэ» ааты сүгэр.

Мария Николаевна аан маҥнайгынан өрөспүүбүлүкэҕэ эбэҥки тылын дорҕоонноохтук ааҕылларын ситиспитэ, хоһоон ааҕыытыгар кини бэлэмнээбит оҕолоруттан Өлөөн орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Саша Иванов Дьокуускай куорат опера уонна балет театрын урдүк уораҕайыгар «С эвенками Ленин” диэн хоһоону ааҕан ситиһиилэммитэ, кэлин Александр Степанович биһиги оройуоммут аҕа баһылыга буолбута, манна учуутала Мария Николаевна маннык патриотическай сыаллаах хоһоону ааҕыыга уһуйуута тирэх буолбута чахчы.

Улуу Кыайыы 79 сылыгар, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо-аймах, Өлөөн оройуонугар Эбэҥки сылларыгар анаммыт «Акимовскай ааҕыылар» Х оройуоннааҕы хоһоон ааҕааччылар күрэхтэрин Кылаан кыайыылааҕын 1 үрдэлэ үрдүк ааты Дьэлиҥдэ нэһилиэгиттэн Владимир, Алиса Евстафьевтар эдэр дьиэ кэргэнигэр МарияНиколаевна улахан кыыһа Надежда Прокопьевна Николаева дьиэ кэргэнэ олохтоото, Кылаан кыайыылаах II үрдэлэ үрдүк аат Солоҕооннэһилиэгиттэн дьиэ кэргэн – Николай, Ия Оленевтарга Мария Николаевна уолун дьиэ кэргэнэ – Евдокия Семенова туттарда, Кирбэй нэһилиэгиттэнСтепан, Евдокия Корякиннар дьиэ кэргэттэрэ Кылаан кыайыылаах III үһүс үрдэлэ ааты ылан Мария Николаевна орто кыыһа Валентина Прокопьевна Семенова дьиэ кэргэнэ анаабыт бириэмийэтин туттулар.

Ахтыы киэһэ түһүлгэтигэр Мария Николаевна бииргэ үлэлээбит коллегалара, кини суолун батыһан учуутал идэтин талбыт эдэр учууталлар, үөрэппит оҕолоро кэлэн умнуллубат сылларын ахтан-санаан аастылар.

«Учууталлар учууталлара Мария Николаевна кэрэ эйгэни эрэ буолбакка, чел олоҕу, спорду пропагандалаан, хас биирдии оҕону,үөрэнээччини кытары тэҥҥэ сүүрэн, аптаах тылынан саҥаран, оҕо баҕатын уһугуннарар ылыннарыылаах тыллаах учуутал этэ.Бу дьоро киэһэ маны сэргэ Мария Николаевна аатынан анал
бириэмийэлэр кинини кытта Мария Николаевнаҕа үлэлээбит үэрэммит, кини идэтин талан салгыыр учууталларга туттарылыннылар : «Наставник – А5а сүбэһит» анал бириэмийэни үөрэх оройуоннааҕы салаатын салайааччыта Мария Иванова олохтоото уонна Татьяна Федотоваҕа туттарда. «Чөл олоҕу, спорду пропагандалааччы кылаас салайааччыта» анал бириэмийэни Өлөөн орто оскуолатын 1982 сыллааҕы выпускниктар олохтоотулар, эдэр учууталга Наталья Амбросьеваҕа туттардылар. «Оҕону өйдүүр, өйүүр, ийэлии сыһыаннаах кылаас салайааччыта» бириэмийэ Өлөөн орто оскуолатын историяҕа учуутала Зоя Михайловаҕа ананна, бу бириэмийэни Мария Николаевна сиэнэ Айсена Николаева олохтоото. «Кэрэ эйгэни тарҕатыыга чаҕылхай суоллаах кылаас салайааччыта» анал бириэмийэни култуура оройуоннааҕы салаатын начальнига Надежда Николаева олохтоото уонна эдэр кэскиллээх учуутал Валентина Готовцеваҕа туттарда. Мария Николаевна бэйэтэ сахалыы тыыны өрө туппут Сунтаар улууһуттан төрүттээх, итиэннэ саха тылын учуутала буолан култуура тэрээһиннэрин ыытыыга элбэх сценарийы суруйан, биэчэрдэри ыытан дьон кутун туппута. Кинини утумнаан билигин араас дьоһуннаах политическай тэрээһиннэри, кэнсиэртэри ыытааччы — суолдьут Татьяна Готовцева буолар. Киниэхэ Мария Николаевна күтүөтэ, Саха республикатын култууратын туйгуна Алексей Николаев «Кэрэ эйгэни тарҕатааччы Өлөөн кийиитэ» анал бириэмийэни олохтоото уонна бу дьоро киэһэҕэ туттарда.

Бу курдук үтүө киһи аатын үйэтитэн ис сүрэхтэн тахсар эҕэрдэ тыл бастыҥын анаан, оҕолоро, уһуйбут үөрэнээччилэрэ анал бириистэри туруоран онус төгүлүн ыытыллар «Акимовскай аа5ыылар” күрэс суолтатын үрдэтэн, саҥалыы тыыннаан биэрдилэр.

Дата обновления страницы: 22.05.2024

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930