30 сентября прошёл осенний Бал пожилых «Мои года, моё богатство», посвящённый к Международному дню пожилых.
Өлөөн нэһилиэгэр а5ам саастаахтар Аан дойдутааҕы күннэрин арыйыы Өлөөннөөҕү оҕо музыкальнай оскуолатын преподавателлэрэ туруорбут “Полонез Огинского” музыканан уйдаран күһүҥҥү вальс үҥкүүнэн саҕаланар. Ол кэнниттэн култуура салаатын үлэһиттэрэ “Урэн Хоьуун дойдутун култууратын көмүс ааттара“ диэн бырайыагынан ССРС култууратын туйгуна, Саха республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Иннокентьевич Захаров төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт ахтыы түһүмэҕи саҕалыыллар. Сыанаҕа Алексей Николаев толоруутугар “Мин төрөөбүт Өлөөнүм”. Хас биирдии киьи бу олоххо туох эрэ туспа сыаллаах-соруктаах, дьонун-сэргэтин сурэ5иттэн, омоон суолун хааллараары кэлэр. Бугун биьиги а5ам саастаахтар аан дойдутаа5ы куннэригэр, Элеен оройуонугар култуура сайдыытыгар суолун-ииьин хаалларбыт киьибитин, норуокка ааттанарынан «Баянист Болуодьа», Владимир Иннокентьевич Захаров тереебутэ 85 сылыгар анаан ахтан-санаан, манна олорор биир саастыылаахтарын, кини до5уьуолунан ыллаабыт уелээннээхтэрин кытта ахтан-санаан ааьыахпыт, диэн суолдьут Вера Ларионова сагалыыр. Владимир Иннокентьевич Захаров улуу бөлүһүөктэр төрөөн-үөскээн, түөлбэлээн олорбут, талыы-талба Таатта сириттэн төрүттээх, народнай суруйааччы Эллэй сыдьаана. 1938 сыллаахха кулун тутар 30 күнүгэр Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа талыы-талба, кэрэ айылҕалаах Таатта сиригэр таалалаан ааспыта, 1962 с-ха Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищеҕа үөрэнэ сылдьан олоҕун доҕорун тыйыс тымныылаах, хоту дойдуттан төрүттээх Өлөөн нарын-намчы, кэрэ кыыһын Агашаны көрсөн, ыал буолан Өлөөн сиригэр күтүөт уол, баянист Володя тиийэн кэлбитэ, инньэ гынан 1962 сылтан Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитин Мария Афанасьевна Анисимова быһаччы салайыытынан анал култуура идэлээх исписэлиистэр, кэргэннии Захаровтар культура оройуоннааҕы дьиэтигэр айар үлэлэрин аартыгын арыйбыттара.
Өлөөммүт киэҥ, кэтит дуол Үгүс да ырыаны дьиэрэттиц
Ол кэмҥэ эн эрэ баяныҥ
Ыллыыра, ыҥырар буолара
Үлүскэн үҥкүүнү эргитэ…
Арыаллаһар аналын Агашатын, тапталын Көрсүбүтэ, булбута
Күндү күтүөт буолбута
Сылайарын билбэккэ
Ыйааһыннаах баянын
Элбэх сылга сүкпүтэ., диэн туран ахтыы тыл Захаровтар тапталлаах кыыстарыгар Наталья Владимировна Захароваҕа бэриллэр.
Саха киһитэ ыллыырын эбэтэр ырыа истэрин сөбүлүүр, ырыата суох сатаммат. Баянист Болуодьа баянын кылыгырас тимэхтэринэн, тыыннаах музыканы ситэрэн-хоторон доҕуһуоллаан норуот махталын ылыан ылара.
Баян долгутар тыаһыттан, баян эйээрэр доҕуһуолуттан ханнык да саха киһитин сүрэҕэ эппэйэ үөрэр, эдэр сааһын, кулууп кистэлэҥ кэтэһиилээх кэрэ киэһэлэрин санаан ааһар. 1971 сыллаахха Өлөөн оройуонун уус уран самодеятельноһын кыттыылаахтара саха биллиилээх суруйааччыта Николай Якутскай “Көмүстээх үрүйэ” романыгар олоҕуран “Өбүгэлэр кистэлэҥнэрэ” диэн уус-уран киинэ уһуллуутугар Душанбеҕа Таджикфильмҥа уһуллубуттара. 1973 сыллаахха Дьокуускайга буолбут фестивальга оройуон культуратыгар үҥкүү жанра сайдарыгар бастакы олугу уурбут үҥкүүһүт үөрэхтээх хореографтар Евдокия, Лидия Афанасьевалар туруорууларынан үҥкүүһүттэр бөлөхтөрө оһуор үҥкүүтүн толорбуттара. Кинилэр бу сылларга Москватааҕы эстраднай искусство маастардарын үөрэтэр мастарыскыайга үөрэнэ барбыттарыгар, Өлөөнүгэр аан бастаан үөрэҕин бүтэрэн кэлбит Маайа Иванова-Попова Уда5ан уцкуутун туруорбута. Бу уцкуунэн оройуон уус-уран самодеятельноьын кыттыылаахтара Иркутскайга уонна Дьокуускай куорат улахан сыаналарыгар толорон лауреат аатын ылбыттара. Бу уцкуулэри барытын Владимир Захаров до5уьуолунан бараллара.Талааннаах элбэх ырыаһыттардаах, үҥкүүһүттэрдээх Өлөөн оройуона 70-с
сылларга тэриллибит үҥкүү-хоровой кэллэктиибэ
бу күҥҥэ диэри дьоҥҥо-сэргэҕэ элбэх элбэх үөрүүнү, кэрэ түгэннэри
бэлэхтиир. Сыанаҕа көрсөбүт Өлеен
кулуубугар букатын кыра эрдэхтэриттэн үҥкүү кэрэ абылаҥар ылларан, кэлин
олохторун култуураны кытта ситимнээбит Саха республикатын үтүөлээх үлэһитэ, СР
культуратын туйгуна Надежда Николаева уонна Наталья Захарованы. Айар талааннаах Владимир
Иннокентьевич сурукка ккирбитинэн 4 ырыаны суруйбута. 70-с сыллар бүтүүлэригэр,
80-с сыллар саҕаланыыларыгар оройуоммут
эдэр ыччата республикаҕа ыҥырыы таһааран таба иитиитигэр күргүөмүнэн тахсар
кэмнэрэ этэ. Эдэр табаһыт ыччат туһунан
бу кэмҥэ элбэх ырыа суруллубута. Кини
оройуон гастрольнай биригээдэлэрин кытта өрүү таба ыстаадаларыгар
сылдьара. Араас тиэмэлэргэ дакылаат, лекция, диспут ыыталлара. Онно Владимир Иннокентьевич баянын туппутунан
кэлэн, оонньообутунан барара. Агитационнай-культурнай биригээдэ ыраах таба ыстаадаларыгар ырыа кэһиилээх күүтүүлээх
күндү ыалдьыт буолаллара. Ити сылларга
Владимир Иннокентьевич “Табаһыт доҕорбор” диэн ырыата күн сирин көрбүтэ. Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар алмаастаах Мирнэй куоракка
“Мирный поет о мире” диэн патриотическай ырыа фестивала тэриллэн, Өлөөн
ырыаһыт ыччатын куолаһа күүскэ иһиллибитэ. Владимир Иннокентьевич Кемероватааҕы культуура институтун бүтэрэн
кэлбит анал хоровик үөрэхтээх Евдокия Григорьеваны кытта эдэр исписэлиистэри,
ырыаһыт кыргыттары түмэн үөрэтэн, куоластарын оҥорон, доҕуһуоллаан бу
фестивальга кинилэр ситиһиилээхтик
кыттыбыттара. Бугун бэйэтин ахтыытын Ил
Түмэн депутата,Арктика уонна аҕыйах
ахсааннаах норуоттар боппуруостарынан дьарыктанар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена
Голомарева ахтыытын истиэ5иц.Сылайары билбэккэ
Ыйааһыннаах баянын
Элбэх сыл сүкпүтэ
Көлөһүнэ сүүрбүтэ Бастыҥ баянист ааттанан Кыайан-хотон кэлбитэ,
Баһыыбаны ылбыта
“Баянист Болуодьа”-дэппитэ.Ол кэмтэн ыла элбэх дьыл хаара уулунна, оройуоннааҕы культура
дьиэтигэр уус-уран самодеятельность
концертарын, фестивалларын үрдүк таһымнаахтык салайсан, нэһилиэнньэ сынньалаҥын
көхтөөхтүк тэрийэн, араас улуустарынан гастроллаан, республика тас өттүлэригэр
фестивалларга, уус-уран көрүүлэргэ кыттан үгүс үрдүк ситиһиилэммиттэрэ. 1997 сыллаахха Саха АССР утуелээх учуутала Мария Николаевна Акимова сценарийынан эбэцки норуотун уьуйээннэригэр оло5уран Саха иьитиннэрэр-кердерер компания Бутун Саха сиригэр, Россия5а биллибит «Легенда» диэн киинэтэ уьуллубута, ол киинэ5э Владимир Захаров киирии тылыгар биир сурун кэпсээнньит оруолун толорбута.Владимир Иннокентьевич Саха Сирэ Россия5а киирбитэ 370 сылыгар аналлаах бырагыраама чэрчитинэн «Играй, душа, гармонь Сибирская» диэн Дьокуускайга ыытыллыбыт региональной фестивальга ситиьиилээхтик кыттыбыта. Манна сыана ветерана Анна Егоровна Готовцевалыын бу фестивальга ситиьиилээхтик кыттыбыта.Владимир Иннокентьевич куннээҕи үлэтигэр эрэ буолбакка Өлөөн олохтоохторун араас үөрүүлээх күннэригэр , сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ, саҥа дьиэ малааһыннарыгар, ханнык баҕарар үөрүүлээх күннэригэр ыҥырдахтарына хаһан да аккаастаабат, сылайдым-элэйдим диэбэт үтүө майгылаах киһи этэ. Владимир Иннокентьевич баянын доҕүһуолунан араас көлүөнэ дьону мунньан дьыл ханнык баҕарар күнүгэр ырыа-тойук, үҥкүү киэһэлэрин ыытара. “В ту степь”, “Краковьяк”, “Фокстрот”, танго о.д.а үҥкүүлэри дьон астына үҥкүүлүүллэрэ. 50 сыл устата Өлөөн уус-уран самодеятельноһын барытын доҕуһуоллаан аакка-суолга киирбит баянист аатырбытын таһынан, бу угус сыллар тухары музыкальнай оскуолаҕа Өлөөн оҕолорун баяҥҥа оонньуурга үөрэппитэ.Өлөөнү ис сурэҕиттэн таптаабыт, Өлөөн эйэҕэс-сайаҕас, истиҥ, боростуой хоһуун дьонун кытта 50 сыл устата эн-мин дэһэн, биир санаанан салайтаран олох олорон ааспыта, баянист Болуодьа . Кини баяҥҥа оонньообут, нарын-намчы, эрчимнээх музыката ыллаабат да киһини ыллатыах, үҥкүүлээбэт да киһини үҥкүүлэтиэх курдуга. Кини баяҥҥа оонньоотоҕуна оннук киһи дууһатын манньытан, сүрэҕи ньүөлүтэн, санааны көнньүөрдэн, сүрэххэ илгийэн киирэр буолара. 2005 сыллаахха “Мин таптыыр Элеенум” Уйбаан Уйаандьын тылыгар Владимир Захаров суруйбут ырыата Элеен эбэцки оройуонун Ерегей ырыата буолан ылланар.Бу курдук а5ам саастаахтар дьон оройуоннаа5ы кырдьа5астар сэбиэттэрэ культура улэьиттэрин кытта тэрийбит сынньалац киэьэлэригэр керсен урукку кэмнэрин санаьан, дуоьуйа кэпсэтэн, баянист Ньургун Бурцев баянын до5уьуолугар ыллаан, уцкуулээн астынан тар5астылар.