Христина Афанасьевна Бенчик өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх 95 сааһа бэлитэннэ

 

Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит, Өрөспүүбүлэкэҕэ Үлэ, улууска Эбэҥки тылын сылларыгар аналлаах Өлөөн оройуонун Аҕыйах ахсааннаах төрүт эбэҥки норуотун чаҕылкай Далбар Хотуна, эбэҥки таҥаһын тигэн киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт, СР норуотун маастара Далбар Хотуна, РФ Худуоһунньуктарын Союһун чилиэнэ Христина Афанасьевна Бенчик өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх 95 сааһын  бэлиэтээтибит.

Христина Афанасьевна үйэ чиэппэриттэн ордук кэми сыралаах үлэтин төрүт Хотугу көс эбэҥки омугун төрүт культурата умнуллубакка чэчирии сайдан эдэр ыччакка быстыбат ситим быһыытынан сүдү кылааты хаалларбыта. Үлэлиир сылларын устата түҥ былыргы дьоммут тирии таҥаһы тацастыыр ньымаларын быраабыла быһыытынан харыстаан, кэлэр көлүөнэ күннээҕи олоҕор туттарыгар иис кистэлэҥэр үөрэтэлээн эдэр ыччаты уһуйбута. Маастар ол баҕа санаата туолан, бүгүн Өлөөн иистэнньэҥнэрэ тикпит ойуулаах-оһуордаах саҥыйахтарын, унтууларын, оҕуруоларын кэлбит ыалдьыт эрэ бары сөҕө-махтайа көрөллөр.

Эн иҥнэҕэр, сапкар тиһиллээри
Эгэлгэ оҕуруолар сырсаллар,
Киэргэл буолан көстө күлүмнээри
Кэрэлэрэ тымта сырдыыллар.

Оо, улуу оҺуордьут Киристиинэ!
Оҕуруолар ырыаларын дьиэрэттиҥ,
Аптаах сабыҥ, алгыстаах иҥнэҥ
Айар иэйиилэрэ бэрдин! – дэттиҥ.

Айдыҥ, эн музыканы
Айдыҥ, эн Оһуор симфониятын!
Степан Дадаскинов
“Оһуор симфонията”.

 

Дата обновления страницы: 15.12.2023

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930