IХ оройуоннааҕы «Сүрэхпин долгутан гитара тыаһыыр…» гитаранан ырыа күрэҕэ

2022 сыл, ахсынньы ый 2 күнүгэр Өлөөн Эбэ кэрэ туонатыгар Александр Иванов аатынан «Илкит» Этнокультурнай кииҥҥэ Дьэлиҥдэттэн төрүттээх, Өлөөн орто оскуолатын 1986 сыллаах выпускнига, I оройуоннааҕы «Өлөөн эбэ үрүгэр» сахалыы ырыа күрэҕин «Авторскай ырыа» номинация кыайыылааҕа, Республикатааҕы «Этигэн хомус» күрэх номинана, ырыа куттаах, истиҥ иэйиилээх ырыаһыт – автор – мелодист Станислав Семенов сырдык кэриэһигэр анаммыт IХ оройуоннааҕы «Сүрэхпин долгутан гитара тыаһыыр…» гитарнай ырыа күрэх бэйэтин тула өссө төгүл сомоҕолоон түмтэ.

Гитарнай ырыа күөн күрэҕин сыала-соруга:

  • Мелодист-автор Станислав Семенов аатын үйэтитии, айымньыларын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы;
  • Гитарнай ырыаны пропагандалааһын, сайыннарыы, саҥа талааннары арыйыы;
  • Өлөөн оройуонун мелодистарын айымньыларын, ырыаһыттарын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрии;

Күөн-күрэс ирдэбилэ:

  • Күрэххэ сааһыттан тутулуга суох гитара доҕуһуоллаах ырыаһыттар кытталлар;
  • Кыттааччыттан 2 ырыа ирдэнэр, биир хайаан да Станислав Семенов ырыата буолар, иккис саха мелодистарын патриотическай тыыннаах ырыалара ыллаатылар.

 

Күрэҕи бииргэ үөрэммит кылааһынньыга Сардана Николаева,  Станислав Семенов гитараҕа аан-бастаан уһуйбут күтүөтэ Алексей Николаев,  иккис уола Харысхан Семенов уонна Уруйдана Николаева иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Саалаҕа мустубут көрөөччүлэр, ыалдьыттар күрэх 11 кыттааччыларын дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээн көрүстүлэр, ол курдук, ыра санаалаах, ырыа куттаах ырыаһыттар кытыннылар:

  1. Петр Черемкин — ыраах Абый улууһа;

2.Айыына Борисова – Өлөөн;

3.Саргылаана Карпова – Дьокуускай куораттан;

  1. Афанасий Зоркин – Кирбэй;
  2. Петр Васильев — Уус-Алдан;
  3. Айаал Горохов – Дьэлиҥдэ;
  4. Сая Голомарева – Москва;
  5. Айталина Винокурова – Өлөөн;
  6. Василий Семенов — Чита уобалаһаыттан;
  7. Оксана Алексеева – Кирбэй;
  8. Айлен Васильев — Өлөөн.

Дьүүллүүр Тойон Сүбэҕэ:

  1. Ия Федорова — Саха республикатын физическай культуратын уонна спордун туйгуна, ис дьыала майора, бииргэ төрөөбүт кыра эдьиийэ, Дьүүллүүр Тойон Сүбэ бэрэсэдээтэлэ;
  2. Прокопий Павлов – Өлөөн оройуонун мелодиһа, Саха республикатын культуратын туйгуна, 70-80-90 сылларга республика араас улуустарынан бииргэ гастролларга айбыт – туппут үөлээннэҕэ;
  3. Елена Тихонова – VIII оройуоннаҕы гитарнай ырыа “Сүрэхпин долгутан гитара тыаһыыр” Кылаан кыайыылааҕа.

Күрэх икки түһүмэҕинэн ыытылынна, бастакы түһүмэххэ ырыаһыт-автор Стас Семенов ырыатын эбэтэр кини репертуарыттан ырыаны толордулар, иккис түһүмэххэ кыттааччы саха мелодистарын патриотическай тыыннаах ырыалара ыллаатылар.

Дьүүллүүр Сүбэ түмүк таһаарыар диэри Гитарнай ырыа түһүлгэтигэр күндү доҕотторбутун эҕэрдэлээтилэр  Станислав Семенов бииргэ алтыһан үөрэммит 1986 сыл выпуск Кэрэ аҥардара кинилэр толооруларыгар “Сардаана» үҥкүү, Саха республикатын Ырыа айааччыларын түмсүүтүн чилиэнэ Ньургун Бурцев толоруутугар «Эрэн» — Василий Саввин тыллара, Стас Семенов матыыба, көрөөччүлэр гитарнай ырыа түһүлгэтигэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр тыыннаах дорҕоон бөлөх толоруутугар «Хоһооннорум».

Кыайыылаахтары эҕэрдэлиир сиэри-туому ситэрэн – хоторон биэрдилэр Дьүүллүүр Тойон Сүбэ Ырыа күрэҕин түмүгэ уонна күрэх кыайыылаахтарын үрдүк аата иҥэрилиннилэр:

  • Кыһыл көмүс мэтээл хаһаайынын иҥэрилиннэ Петр Черемкиҥҥа — Абый улууһа;
  • Үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайынын үрдүк аата иҥэрилиннэ Айталина Винокуроваҕа — Өлөөн нэһилиэгэ;
  • Боруонса мэтээл хаһаайынын үрдүк аата иҥэрилиннэ Оксана Алексееваҕа — Кирбэй нэһилиэгэ;
  • I степеннээх лауреат үрдүк аата сүктэрилиннэ  Саргылана Карпова — Дьокуускай куорат;
  • II степеннээх лауреат албан аат иҥэрилиннэ Сайа Голомареваҕа — Москуба куорат;
  • III степеннээх лауреат албан аат хаһаайкатынан буолла Петр Васильевка — Уус-Алдан улууһа;
  • Дипломант I үрдэлэ албан аата иҥэрилиннэ Айлен Васильевка — Өлөөн нэһилиэгэ;
  • Дипломант II үрдэлэ иҥэрилиннэ Айыына Борисоваҕа — Өлөөн нэһилиэгэ;
  • Дипломант III үрдэлэ туттарылынна Афанасий Зоркиҥҥа — Кирбэй нэһилиэгэ;
  • “Кэскиллээх ырыаһыт” анал аат иҥэрилиннэ Василий Семенов – Чита уобалаһыттан;
  • “Истиҥ иэйиилээх ырыа иһин” үрдүк аат иҥэриннэ Айаал Гороховка – Дьэлиҥдэ нэһилиэгэ.

IХ оройуоннааҕы гитарнай ырыа күрэҕин тэрийэрбитигэр күүс-көмө буолбут амарах дууһалаах спонсордарбытыгар барҕа махтал тылларын аныыбыт:

  • Кыһыл көмүс мэтээл бирииһин олохтообут улахан эдьиийэ Надежда, күтүөтэ Алексей Николаевтар дьиэ кэргэттэригэр;
  • Үрүҥ көмүс мэтээл бирииһин олохтообут Станислав Семенов орто эдьиийигэр Валентина Семеноваҕа;
  • Боруонса мэтээл бирииһин олохтообут Станислав Семенов кыра эдьиийигэр Ия Федороваҕа уонна кини дьиэ кэргэнигэр;
  • Лауреат I үрдэлин бирииһин олохтообут Станислав Семенов кэргэнигэр Евдокия Семеноваҕа;
  • Лауреат II үрдэлин бирииһин олохтообут кыра эдьиийин Ия Прокопьевна оҕолоро Ая Гомзякова, Прокопий Федоров.
  • Лауреат III үрдэлин бирииһи олохтообут улахан эдьиийэ Надежда Прокопьевна кыыһа Айсена Николаева;
  • Дипломант I үрдэлин бирииһин олохтообут орто эдьиийэ Валентина Прокопьевна уолаттарыгар Сулустаан, Айаал Семеновтарга;
  • Дипломант II үрдэлин бирииһин олохтоото аймаҕа Семен Семенов;
  • Дипломант III үрдэлин бирииһин олохтоото «Илькээни» Этнокультурнай киин директоры солбуйааччы ихаил Карпов — Кирбэй нэһилиэгэ;
  • “Кэскиллээх ырыаһыт” номинация бирииһи олохтоото «Аарык» этнокультурнай киин директор Светлана Дмитрьева — Дьэлиҥдэ нэһилиэгэ;
  • “Истиҥ иэйиилээх ырыа” номинация бирииһи олохтоотулар Семеновтар сыдьааннара;

«Илкит» Этнокультурнай кииҥҥэ  сылын аайы бу курдук спонсордаабыккытыгар махтанабыт. Бука барыгытыгар санаабыт санааҕыт арчыланнын, ыра санааҕыт туолуохтун, инники олоххут сып-сырдык, ып-ыраас буолуохтун, дьолу тутуһан, дьоһун-мааны дьон буолуҥ диэн баҕаран туран эҕэрдэ бастыҥын хаһыат нөҥүө тиэрдэбит!

«Сүрэхпин долгутан гитара тыаһыыр…» IХ оройуоннааҕы күрэх кыттааччыларыгар,  проект-авторыгар Надежда Николаеваҕа, ырыаһыттары бэлэмнээбит:

  1. Культура салаатын Информационнай – Методическай киин салайааччытыгар Раиса Аммосоваҕа;
  2. «Аарык» Этнокультурнай Киин уус-уран салайааччы эбээһинэһин толорооччу Марфа Егороваҕа;
  3. «Илкээнньи» Этнокультурнай Киин салайааччытыгар Оксана Алексееваҕа;
  4. «Илкит» Этнокультурнай Киин хормейстерыгар Нюргуяна Игнатьеваҕа;

IХ оройуоннааҕы гитарнай ырыа күрэх ыытылларыгар күүс-көмө буолбут үтүө-мааны Дьүүллүүр сүбэҕэ, ырыанан-үҥкүүннэн киэргэппит талааннаах ыччаттарбытыгар  Махтал буоллун!

Аныгыскы гитарнай ырыа күрэҕэр көрсүөххэ диэри!!!

 

Балаһаны бэлэмнээтэ Уруйдана Николаева.

Дата обновления страницы: 26.12.2022

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930