Дьокуускай куоракка, Тохсунньу ый 18 күнүгэр *Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон* Муниципальнай тэриллии Представительствотыгар оройуон Баһылыга Лена Степановна Иванова, Култуура салаатын салайааччыта Надежда Николаева уонна Дьокуускай куоракка бу салаа бэрэстэбиитэлэ Евдокия Семенова
көрсөн 2023 сыл түмүгүн, кэлбит 2024 сылга буолуохтаах сүрүн тэрээһиннэри, чуолаан быйылгы ыытыллыахтаах үлэ хаамыытын былааннаатылар.
Сүрүн болҕомтону, кулун тутар, атырдьах ыйдарыгар ыытыллар тэрээһиннэргэ, култуура үлэһиттэрэ сүрүн жанырдары сайыннаран, чуолаан Театральнай искусство таһымын үрдэтэн, араас темалары хабан, сытыытык ылсан үлэлииллэригэр бэйэтин баҕа санаатын тиэртэ.
Өлөөн оройуонун духуобунай култууратын таһыма үрдүүрүгэр үгүс үлэни ыытарга Лена Степановна сүбэлээтэ.
Ону тэҥэ, итэҕэстэргэ, былаан туолуутугар, билиҥҥи кэм ирдэбиллэригэр олоҕуран, араас таһымнаах грантовай өйөбүлү ылыыга улахан үлэни Культура салаатын Информационнай-методическай Киин уонна оройуон культуратын тэрилтэлэрин дириэктэрдэрэ ыыталларын ыҥырда.
Саамай тыын боппуруос кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ, үөрэттэриигэ, чуолаан Кирбэй нэһилиэгэр үөскээбит ситуация, Культура эйгэтигэр киирбит Профстандартка, биир да үөрэхтээх кадр суоҕа дьиксиннэрэр, аныгы үйэ ирдэбилигэр, чуолаан билиҥҥи кэмҥэ эппиэттээбэт. Олоххо миэстэлэрин була илик, муна-тэнэ сылдьар, атын эйгэ үлэһиттэрин үөрэттэрии, олохсутуу, нэһилиэнньэни патриотическай тыыҥҥа иитии курдук сытыы боппуруостар турдулар.
Надежда Прокопьевна культура тэрилтэлэрин былааннарын, көрөөччү тэрээһиннэргэ сылдьыытын хааччыйыыга Пушкинскай картаны, 14 саастарыттан 22 сааһыгар диэри ыччаттар культурнай-маассабай тэрээһиннэргэ сылдьыыларын хааччыйыыга күүстээх үлэ барыахтааҕын билиһиннэрдэ.
Ааспыт сыл Өлөөн культуратын эйгэтигэр 20 сылы айымньылаахтык үлэлээбит «АЛАКО» этнофольклорнай ансаамбыл кыттыылаахтарыгар, чуолаан бу ансаамбыл төрүттэнэригэр салайааччынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит Надежда Колодезниковаҕа уонна Любовь Лыскаеваҕа, үрдүк ааты көмүскүүллэригэр күүс-көмө буолбут Кирилл Игнатьевка Культура салаатын аатыттан истиҥник махтанабыт.
2023 сылга «народнай» ааты сүкпүт «Алако» этнофольклорнай ансаамбылга 2024 сылтан айар үлэтин саҕалыырыгар идэтийбит, үрдүк үөрэхтээх, фольклорист идэлээх, уус-уран салайааччы үлэлиирэ бириэмэ ирдэбилэ буоларын өйдүүр наадалааҕын бэлиэтээтэ.
Лена Степановна үүммүт сылга ити итэҕэстэри туоратыыга сүрүн үлэ барыахтааҕын ыйда.
Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон*
Культуураҕа салаатын уонна бары Культуура эйгэтин үлэһиттэрин иннигэр Лена Степановна Х.М. Николаев аатынан Өлөөн Орто оскуолатын үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр күһүн, алтынньы ыйга ыытылларын туһунан торумнааһын барда, саҥа ис хоһоонноох тэрээһиннэри культура эйгэтин үлэһиттэрэ үбүлүөй тэрээһиннэрин толкуйдаан, үүнэр көлүөнэҕэ, ыччаттарга туһуланан ыытыллыахтаахтарын туһунан туһаайан бэлиэтээтэ.
Өлөөн оройуонун өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрин көрсө тэрээһиннэри эрдэттэн торумнаан бэлэмнэнии үлэлэр саҕалана туралларыгар Лена Степановна баҕа санаатын эттэ уонна Дьокуускай куоракка Саха эстрадатын сулустара Өлөөн туһунан ырыалары үөрэтэн, фонограммаларын оҥорторон Өлөөн өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр аналлаах Улуу Туймаада хочотугар, киин куораппыт саамай улахан түһүлгэтигэр Өлөөн ырыаларын Дьоро киэһэтин тэрийэргэ сүбэлээтэ уонна да атын сытыы боппуруостары быһаарыыга болҕомтону уурарга — диэн тарҕастылар.
«Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон» Культуураҕа салаата.