Сухаана нэһилиэгин төһүү дьонноро
Иван Иванович Иванов сыдьааннара
Алтынньы 11 күнэ 2021сыл “Илкит”этнокультурнай киин
Суолдьут: Хас биирдии киһи олоҕо, үлэтэ,олорбут түөлбэтин, нэһилиэгин,оройуонун, республикатын, олорбут-үлэлээбит кэрдиис кэмин, үйэтин быстыспат историята тыыннаах туоһута буолар.
Тиит мас силистээх – киһи төрүттээх, өтөх төҥүргэстээх.
Иванов Иван Иванович- Солоҕоон, Былаат-Ньылаар Уйбаан Солоҕоон удьуордарыттан төрүттээх көс ыал аҕа баһылыга. Кини үс оҕолоох Иванов Василий Иванович (1889с.т.) хос аата Баһырҕас 10 оҕолоох, Иванов Христофор Иванович –Чаҥайаа, 5 оҕолоох, Иванов Дмитрий Иванович(1904-1992) Куһаҕанчык кини биир оҕолоох.
Христофор Иванович Советскай былаас маҥнайгы сылларыгар бэйэтэ ааҕарага, суруйарга үөрэммит, киэҥ билиилэммит. Сотору кинини Сухаана нэһилиэгин Советын председателинэн быыбардаабыттара. Өр сылларга Сухаана нэһилиэгин эрэллээхтик салайбыта. Нэһилиэгэр түөрт кылаастаах оскуоланы, интернаты, медпууну арыйбыта. “Папанин” колхоһу тэрийбитэ. Оччотооҕу нэһилиэк бары хаһаайыстыбаннай боппуруостарын , араас тэрээһиннэри барытын соҕотох Совет председателэ быһаччы дьаһайара. Сухаана нэһилиэгэ оройуон кииниттэн ыраах, сибээс суох Совет үлэтигэр уустуктардаах, ыарахаттардаах этэ. Оройуон 10-чэкэ тонна аһа-таҥаһа пароходунан Сухаанаҕа кэлэрэ, таһаҕаһы сүөккээһин, харайыы, кэлбит таһаҕаһы оройуоҥҥа тиэрдии улахан сорук турара.
Христофор Иванович оройуоҥҥа буолар мунньахтарга кыһынын табанан, сайынын тыы соһуулаах өрүһү өксөйөн 60 көһү сатыы кэлэн нэһилиэк тутаах боппуруостарын кэпсэтэн, ситиһэн төттөрү болуотунан барара, оройуон социальнай-экономическай сайдыытыгар маҥнайгы олуктары оҥорбут оройуон маҥнайгы коммунистарыттан биирдэстэрэ.Кини оҕолоро, сиэннэрэ бары үөрэхтээх, эһэлэрин утумнаан республика, оройуон таһымнаах салалта үлэһиттэрэ, учууталлар, быраастар, научнай үлэһиттэр.
Улахан кыыс Татьяна Христофоровна – норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мирнэй, Өлөөн оройуонун бочуоттаах олохтооҕо. Кини өр сылларга кэргэнэ Винокуров иннокентийдыын (Лэкиэстиин) алмаас көрдөөһүнүгэр элбэх сыраларын, күүстэрин биэрбит каюрдар. Уоллара Иннокентий Иннокентьевич — медицинскэй наука доктора, Саха республикатын үтүөлээх бырааһа, Российскай федерацияҕа биллэр хирург, торакальнай хирургияны чинчийбит учуонай, суруйааччылар Союзтарын чилиэнэ, хас да кинигэ автора, кыыһа Евдокия иннокентьевна эмиэ быраас, Доруобуйа хзарыстабылын туйгуна, “СахаМедстрах” ГСМК директорын солбуйааччы.
Христофор Иванович иккис кыыһа Степанида Христофоровна аҕатын утумнаан дьону түмэр салайар дьоҕурдаах киһи этэ. Үлэтин Сухаана сельскэй кулубун сэбиэдиссэйиттэн саҕалаабыта.1961 сыллаахха Тыа кулууптарын Бүтү Рочссиятааҕы көрүүгэ Россияҕа маҥнайгы миэстэни ылан, оччотооҕу ССРС культуратын министра Е.Фурцева аатыттан кыһыл көмүс чаһыы уонна ССРС культуратын Бочуотунай грамотынан наҕараадаламмыта. Степанида Христофоровна аҕатын туйаҕын хатаран Сухаана, Кирбэй нэһилиэктэрин председателинэн эҥкилэ суох үлэлээбитэ, үлэтин өрө туппутунан куруутун тиэтэйэ, сүүрэ-көтө, тиритэ-хорута сылдьан эдэр сааһыгар олохтон туораабыта.
Христофор Иванович үһүс кыыһа Евдокия Христофоровна пенсияҕа тахсыар диэри бытовой комбинакка иистэнньэҥ бастыҥа. Олохтон хаалсыбат активнай позициялаах киһи. Республикаҕа, оройуоҥҥа ыытыллар тэрээһиннэр, быыстапкалар, фестиваллар активнай кыттааччыта. Олохтоох автор хоһоон суруйар, мелодия айар, “Дылкэн” ансамбыл кыттааччыта. Евдокия Христофоровна иван власьевичтыын 4 оҕолоох ытыктанар ыаллар. Оҕолоругар, сиэннэригэр эрэллээх тирэх, сүбэһит-амаһыт дьоннор.
Улахан кыыс Айталина Ивановна биир кыыстаах, сокуон үлэһитэ
Христина Ивановна – учуутал, Дьокуускай куоракка олорор, үлэлиир.
Христофор Иванович кэргэннэх түөрт оҕолоох, оройуон бастыҥ саахыматчыта, Эбии үөрэхтээһин салаатыгар үлэлиир
Юрий Христофорович
Христофор Иванович кыра кыыһа Анна Христфоровна Саха государственнай университетын бүтэрэн биология учууталынан Алдан куоракка үйэтин тухары үлэлээбитэ. Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, билигин пенсияҕа олорор.
Христофор Иванович уола Степан Христофорович Иванов оройуон социальнай – экономическай политика сайдарыгар бэйэтин билиитин, күүһүн сыратын биэрбит киһи. Үлэтин “Победаҕа” начальнай оскуола иитээччитинэн саҕалаабыт. Өлөөн, Дьэлиҥдэ оскуолаларыгар уопсайа 4 сыл үлээбитэ. Иллэҥ кэмигэр оҕолору кытта тэҥҥэ лапталаан, мээчиктээн, хаарынан сэриилэһэ онньуура, уруок аахтар кэмнэригэр сүбэлээн,быһааран биэрэрэ. Эдэр киһини таба көрөн, 1959 сыллаахха комсомол райкомун секретарынан талбыттара. Комосомол райкомугар 3 сыл үлэлээбитин кэннэ, салайар үлэҕэ дьоҕурдаах киһини ССКП райкомугар идеологическай отдел сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Онтон “Өлөөн” совхозка отдел кадыранан, рабочком председателинэн үлэҕэ анаабыттара. Кини үлэлиир кэмигэр сопхуос сүрүн салаалара – таба, булт үлэтигэр үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэрэ.
Степан Христофорович олоҕун доҕоро Анна Николаева Васильева кинилэр 4 оҕолоохтор.
Улахан уол Геннадий Степанович Өлөөннөөҕү коммунальнай хаһаайыстыбаҕа өр кэмҥэ начальниктаабыта, Дэс-кэ инженердаабыта, кэргэннээх икки оҕолоох, үс сиэннээх.
Орто уол Вадим Степанович бэйэтэ тэрилтэ тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьар, 3 кыыстаах үс сиэннээх.
Кыра уол Александр Степанович … оҕолоох, Төрөөбүт Өлөөнүн социальнай экономическай сайдыытыгар элбэх өрүттээх үлэни ыытан Өлөөн оройуона хотугу оройуоҥҥа инники күөҥҥэ сылдьар. Саха республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын экономикатын туйгуна, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун бочуоттаах олохтооҕо. Өлөөн оройуонун аҕа баһылыгынан үлэлии сылдьан эдэр сааһыгар соһумардык бу олохтон барбыта.
Соҕотох кыыаһа Лена Степановна оройуон дьаһалтатын баһылыга. Биир кыыстаах, икки сиэннээх.
Сухаана нэһилиэгин элбэх хоһуун, үлэһит, чулуу дьон үлэлээн-хамсаан нэһилиэк сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ.
Эдэр көлүөнэ ыччат! Сыал-сорук оҥостон, өбүгэ үтүө үгэстэрин үөрэтэн, сайыннаран төрөөбүт дойдубут, үлэһит дьоннорунан киэн туттарга олоххо, үлэҕэ көҕүлүүр суолталаах өбүгэлэргитин, сыдьааннаргытын үөрэтиҥ диэн ыҥырабыт!