Михаил Николаевич Семёнов-Амака сырдык аата

Арассыыйага уһуйааччы уонна А5а сылыгар, Өрөспүүбүлүкэ5э Үлэ, төрөөбүт улууспутугар Эбэцки тылын сылларыгар аналлаах Өлөөн эбэҥкилэрин биир чулуу уола Михаил Николаевич Семёнов-Амака сырдык аатыгар, төрөөбүтэ 90 сааһыгар аналлаах I оройуоннаа5ы «Амака аа5ыылара» дьиэ кэргэнинэн эбэҥкилии ньимнакааны уонна Амака хоһооннорун толоруу күрэ5э ыытылынна.

Сарыы таҥаһынан бүрүллэн, халлааҥҥа көтүөх курдук өрүкүйэн, өбүгэлэрим дьиэлэрэ – ураһа туундара  ортотугар турда5а. Үйэтигэр үтүмэни көрдө5ө, эдэр табаһыт үөрүүтүн, уот курдук таптал төлөнүн, ийэ буолар дьолу өйдөөтө5ө, уот умуллар тымныы суоһун, аас дьыл ыарахаттарын… «Илкит» этнокултуурнай киин фойетыгар өбүгэлэрбит ураһа дьиэлэрэ үтүмэн үйэлэри уҥуордаан билиҥҥи култуура5а холбоһон олохтоммут бэйэтэ туспа үөрэ5ин аныгы ыччакка кэпсии-ипсии турда.

Бүгүн  төрөөбүтэ 90-с сааһын туолар эбэҥкилэр тумус туттар киһибит, хоһоонньут, оройуоҥҥа бастакы эбэҥкилии хаһыаты таһааттарбыт, таҥара табаларын харыстыыр аналлаах бэтэринээр быраас Михаил Николаевич Семенов-Амака  аатын үйэтитэр, эдэр ыччакка кэпсиир, билиһиннэрэр тэрээһиммит  са5аланар. Эбэцкилэр былыр да5аны, билигин да5аны уьун кыһын устата таба мэччирэҥин батыһан көһө сылдьаллар. Дьэ ол кэнниттэн, саас тугуттар төрөөн, бороохтуйбуттарын кэннэ,  айыл5а уһуктуута, бэс ыйыгар  биир сиргэ мустан, а5а уустарынан көрсөн бырааһынньык тэрийэллэрэ. Ол бырааһынньык  ис хоһоонун  Кирбэй нэһилиэгин иһинэн «Илькээни» этнокултуурнай киин «Алакуо», » Дьүөгэ», Илкит» этнокултуурунай киин «Ньяруктэ», » Кийииттэр», «Алтама Уняптун» түмсүүлэрэ ыллаан-туойан, үҥкүүлээн итэ5этиилээхтик көрдөрдүлэр.

Дата обновления страницы: 07.12.2023

Октябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031