Надежда Докалова ыллыыр ырыалара
«Орончикан»
Анна Мыреева тыллара,
Надежда Докалова мелодията
Эвенкиткэр куҥакар
Эҥнэкэнэ ичэрэн
Аявдяран нуҥанман
Мэнты килмэ эриллэн.
Эрдэрэн
Туркарук
Орончикан урунчо
Уркарин топ-топ-топ.
Орончикан гудейкэн
Эген мэгдук нэлэрэ
Гага матал гиркиткэ
Этэн синэ бирэрэ.
Эрдэрэн
Туркарук
Орончикан урунчо
Уркарин топ-топ-топ.
Эһэй-һоп-һоп
Һоп-һоп.
Эбэҥкиибит уолчаана
Тугутчааны бу көрдө
Таптыы-таптыы кинини
Эйэ5эстик ыҥырда.
Ыҥырара
Тууһун тыаһа
Тугутчаана ымсыырда
Туйахтара коп-коп-коп.
«Сайын кэллэ»
Е.Олбутцева тыл.
Н.Докалова мел.
Сайын кэллэ сайа көрдө
Салгын сыта саба биэрдэ
Самаан сайын салаллыытын
Турар турбат уруйдаата.
Оҕо аймах оонньуу сырсар
Ордук көрдөөх кэмэ кэллэ
Көтөр бииһэ көрүлээтэ
Араас чыычаах айхаллаата
Ынах сүөһү маҥыраата
Кулунчукпут ойуолаата.
Оҕо аймах оонньуу сырсар
Ордук көрдөөх кэмэ кэллэ
Паду паду падудадудам
Паду паду падудадудам
Паду паду падудадудам
Паду паду падудадудам
Оҕо аймах оонньуу сырсар
Ордук көрдөөх кэмэ кэллэ
Сайын кэллэ сайа көрдө
Салгын сыта саба биэрдэ
Самаан сайын салаллыытын
Турар турбат уруйдаата.
Оҕо аймах оонньуу сырсар
Ордук көрдөөх кэмэ кэллэ
«Эбэҥки эбиппит»
Степан Дадаскинов хоһоонугар,
Надежда Докалова матыыба
Оо былыр кэпсииллэр
Эбэҥки аймахтар
Үнкүүлээн күөрэннии
Тиҥилэх ньиргийэ
Гасигор, гасигор
Гасигор гор, гор
Гасигор, гасигор
Гасигор гор, гор
Эй чэйиҥ, эдэрдэр
Эргийэн тураммыт
Эбэҥки омукпут
Эҥсиилээх баай тылын
Гасигор, гасигор
Гасигор гор, гор
Гасигор, гасигор
Гасигор гор, гор
«Дьүөгэлэрим»
Евдокия Иванова хоһооно
Надежда Докалова матыыба
Дьүөгэлэрим барахсаттар
Күлэн-үөрэн мичилийэн
Эдэр сааһы эргитэн
Көрү-нары тардыаҕын.
Хаһан этэй, ханна этэй
Оҕо сааспыт оонньуулара
Тэбэнэттээх бэйэбит
Тэйэн ааспыт кэмнэрэ.
Ийэ, эһээ түбүгүттэн
Иллэҥсийэ түһэммит
Саптан сапка тиһэммит
Сэһэргэһэн ылыаҕын
Хаһан этэй, ханна этэй
Оҥой соҥой көрөн истэн
Лэппиэһиннээх баттахтаах
Лыаҕы тута сырсарбыт.
Оскуолаа үөрэнэр
О5о сааспыт сыллара
Үөрэх суолун тутуһан
Үөрэр-хомойор чаастарбыт.
Хаһан этэй? Ханна этэй?
Килбик, тоҥуй уолчааммыт
Кистии саба көрөр-истэр
Кэрэкэчээн кыысчаана.
Ырыа-тойук аргыстаах
Ырай олох са5ана
Үлэ-Бочуот диэн ааттаах
Үүнэр ыччат са5ана.
Хаһан этэй? Ханна этэй?
Хара харах, уһун суһуох
Сэмэй нарын дьүөгэбит
Сэмээр күүтэр таптала.
Дьүөгэлэрим барахсаттар
Мэлдьи маннык күлэ – үөрэ
Дьоллоох ийэ-эбээ буолун
Үйэлэргэ олорун!
Кырдьар диэни билинимэҥ
Кырасыабай кыргыттар!
Кэхтэр диэни билимэн
Кэрэ намыын дьүөгэлэр.