Николай Прокопьев ырыалара
«Өлөөн үрэҕин үрдүгэр»
Леонид Попов хоһоонугар,
Николай Прокопьев матыыба
Үп-үрүҥ үүт туман буоламмын
Мин Өлөөн үрэҕин үрдүгэр
Өрүүтүн чаҕылла турдарбын
Үчүгэй да буолуо, үчүгэй.
Хос ырыата:
Үргэл дуу, чолбон дуу буоламмын,
Мин Өлөөн үрэҕин үрдүгэр
Өрүүтүн чаҕылла тыктарбын
Үчүгэй да буолуо, үчүгэй.
Үтүөкээн болбукта буоламмын
Мин Өлөөн үрэҕин үрдүгэр,
Өрүүтүн долгуйа үүннэрбин
Үчүгэй да буолуо, үчүгэй.
Хос ырыата:
Кырса кыыл кылбайар налыытын,
Кыыл таба кыырайар алыытын,
Муустаах хаар үөскэппит үрэҕин
Өлөөнү таптаата сµрэҕим.
Хос ырыата:
10-Дорожка-10
«Өлөөн үбүлүөйүн ырыата»
Николай Чуор хоһоонугар,
Николай Прокопьев матыыбыгар
Үтүөкээн даҕаны күн үүннэ
Үбүлүөй ырыата дьиэрэйдэ
Үчүгэй Өлөөнүм дойдута
Үөрүүлээх күҥҥүнэн эҕэрдэ
Хос ырыата: О, дойдум Өлөөнүм барахсан
Барбаппын бу мантан арахсан
Дьүкээбил оһуордаах кыраайым
Табалаах, кырсалаах, аларым
Бу манна төрөөбүт дойдубар
Тапталбыт кутаата күөдьүйэр
Биэбэйдээн көччүппүт аларбар
Доҕоруом долгуйар, көһүтэр
Хос ырыата:
Оҕоҕут, уруугут ууһуоҕа
Олоххут уйгулаах буолуоҕа
Кэнчээри ыччаппыт кэлиэҕэ
Өлөөнүм кэскилэ кэҥиэҕэ.
01-Дорожка-1