Саха республикатын уус-уран оҥоһуктарын маастара, Өлөөн оройуонун бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Васильевна Винокурова бу дьыл атырдьах ыйын 29 күнүгэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха республикатыгар Оҕо, Өлөөн оройуонугар эбэҥки тылын сылларыгар аналлаах “Дылкэн” түмсүү кыттыылааҕа өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтээтибит. Айылҕа хатыламмат көстүүтэ, күһүҥҥү сайаҕас кэмҥэ, киэҥ нэлэмэн туундара дойдулаах, көс олохтоох хоту дойду Далбар Хотуна “Дылкэн” түмсүү кыттыылааҕа, өбүгэ таҥаһын үйэтитээччи, тарҕатааччы, салҕааччы, уһуйааччы Евдокия Васильевна Винокурованы уруйдуу, уран тарбах уйан дууһата, уустук үлэ уоскулаҥа, толкуй тобуллар тойуга, талааннаах тарбахтаах иистэнньэҥ харах хайгыыр кэрэтин, сүрэх үөрэр көстүүтүн, ойуу-бичик сэһэнин айан таһаарар талааннаах иистэнньэҥ Евдокия Васильевна үбүлүөйдээх дьоро киэһэ түһүлгэтин төрүттээн, аймах-билэ дьоно аат ааттаан айхаллаан атаардыбыт.Айыы дьоннорун сиэринэн ытык мааны Далбар Хотун үөрүүлээх үбүлүөйүн күнүгэр эйэҕэс тыллаах эҕэрдэлэр олоҕун кэрчигинэн буолла. Маҥнайгынан эйэҕэс эҕэрдэ тылын Евдокия Васильевна бииргэ үөрэммит доҕотторуттан, үөлээннээхтэриттэн ааттарыттан — Анна Егоровна Готовцева. Өлөөн оройуонун Иис-уус алыбын иҥэриммит, талааннаах Далбар хотун үлэтин Тыа хаһаайыстыбатыттан — Ветстанция лаборанынан үлэтин кэрдииһин саҕалаабыта эҕэрдэ бастыҥын ветстанция үлэһиттэрэ долгуйан туран эҕэрдэлээтилэр. Эдэр сытыы –хотуу кыыһы, эдэр ыччат түмсүүтүн мунньаҕар 1961 сыллаахха Ленинскэй комсомол райкомолун иккис сэкэрэтээринэн талаллар, манна үлэлии сырыттаҕына Коммунистическай Партия Киин комитета – “ Эдэр ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар – бары күүһү” ыҥырыы таһаарар, манна эдэр ыал, эдэр ыччат бу ыҥырыыны ылынан Николай, Евдокия Винокуровтар “Дьэлиҥдэ” совхозка бэтэринээринэн ыстаадаҕа үлэлии тахсаллар. Үчүгэй үлэлээх эдэр дьиэ кэргэни 1963 сыллаахха Винокуровтары Солоҕоон нэһилиэгэр ветеринарнай биэлсэринэн аныыллар. Солоҕоон нэһилиэгэр таба ыстаадатыгар, ынах ферматыгар, сылгы базатыгар үтүө суобастаахтык үлэлиир. Нэһилиэнньэ дьоҕурдаах кыыһы таба көрөн Солоҕоон сэбиэтин сэкэрэтээринэн үлэлэтэллэр. Манна олорон Евдокия Васильевна кэргэнэ Николай Винокуров “Ээйигим төрөөбүт мин дойдум” диэн ааттаах хоһоонугар табаарыһа Николай Оленев ырыа матыыбын суруйбута билигин Өрөгөй ырыата буолан ыллана, дьиэрэйэ сылдьар. Онтон 1970 сылларга Евдокия Васильевна дьиэ кэргэнинэн Солоҕоон нэһилиэгиттэн оройуон киинигэр көһөн кэлэллэр. Манна уопуттааах кыыс райсовет сэбиэтин бухгаалтырынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Оройуоҥҥа ыытыллар араас тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттан, дьахтар комитета, култуура салаата тэрийбит “Подруга-75” ансаамбылга бастакынан киирэн араас фестиваллар кыайыылаахтара буолбуттара. 20-с үйэ бүтэһик сылларыгар оройуоннааҕы сибээс тэрилтэтигэр суотчутунан бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри үлэлээбитэ. Бэйэлэрин эҕэрдэлэрин, ис сүрэхтэн тахсар иэйиилэрин Өлөөннөөҕү “Почта России” салайааччыта Туяра Степанова уонна сибээс бэтэрэннэрин ааттарыттан Тамара Ниманова ытык кырдьаҕаһы эҕэрдэлээтилэр. Ойуу-оһуор тылынан кэпсэтэргэ үөрэнэн, араас өҥү наардаан санааларын кыбытан, иис ураты илбиһигэр доҕуһуоллатан ситтэрбэтэх ыра санааларын илбиһигэр ойуу-дьарҕаа түһэрэн, кини сэргэх сэһэнигэр абылатан, араас дьэрэкээн дьүһүннээх ковриктары тигэн дьэргэтэр. Ону таһынан биһиги Евдокия Васильевнабыт илиитигэр талаана сымнаҕас сабынан күрүчүөгүнэн баайар эмиэ биир кэрэ дьарыктаах. Бу таҥастарын Евдокия Васильевна бэйэтэ үөрэппит, такайбыт кыргыттара Анна Николаева, Сардана Петрова, Ия Сергеева сыанаҕа хааман көрдөрдүлэр. Өлөөммүт киинигэр үһүс “Давдын” түөлбэ олохтоохторо араас таһымнаах тэрээһиннэргэ кырдьаҕастарбыт, былаахтарбыт Евдокия Васильевна, Анна Егоровна буолаллар. Көхтөөхтүк, иллээхтик кыттан, инники күөҥҥэ сылдьан эдэр ыччакка холобур буолалЛар. Эдэр ыччат сүбэһиттэрэ, орто саас доҕотторо буолаллар. Бу дьоро күҥҥэ үөрэн-көтөн эҕэрдэлээтигэр норуот талбыт депутаттара Илья Типянов, Туяна Прокопьева, Виктория Федорова. Дьокуускай куораттан куйаар ситиминэн эҕэрдэлээтилэр Ил Түмэн депутата Елена Голомарева, сиэннэрэ Марианна Игнатьева, Алгыс Семенов. Бу үөрүүлээх дьоро киэһэҕэ Евдокия Васильевнаны өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлии, ыраас сырдык тыллары анаатылар: Муниципальнай оройуон администрацията, оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбата, Өлөөн нэһилиэнньэтин Социальнай көмүскэлин комплекснай киинэ, нэһилиэктэр баһылыктарыттан, култуура салаата уонна иис-уус алыбын иҥэриммит оройуон маастардара. Ытыктабыллаах Евдокия Васильевна, эн олоххо уопутуҥ, билииҥ– көрүүҥ, аптарытыатыҥ, дьон – сэргэ ортотугар Өлөөн култууратын аатын үрдэтиигэ оройуоҥҥа ыытыллар култуурунай тэрээһиннэргэ, баай ис хоһоонноох, айымньылаах духуобунаһа барҕара сайдарыгар, оҕо – ыччат, дьон – сэргэ үрдүккэ, кэрэҕэ үйэлээххэ уһуйулларыгар дьоһун кылааккытын киллэрэ сылдьаргынан махтанабыт, сыаналыыбыт, киэн туттабыт!
Баҕарабыт, Эйиэхэ, чэгиэн – чэбдик доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр баай талым олоҕу, оҕолор сиэннэр тапталларыгар уйдаран доруобай, сэгэччи сылдьан үйэҕит уһаатын, этэҥҥэ буолуҥ!