Бэс ыйын 20-21 күннэригэр XVII-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа Муона чараҥа айылҕа маанылаах миэстэтигэр буолбута. Биһиги бэс ыйын 18 күнүгэр Амма сиригэр айаннаабыппыт уонна хонукпутугар түһүөхтээх дьиэбитин булбуппут. Амма кэрэ миэстэлэрин көрө-билэ, билсиһэ экскурсия таҕыстыбыт, гражданскай сэрии түмэлигэр киирдибит, олус интэриэһинэй түмэли көрдүбүт, билистибит. Олус интэриэһинэй, киэҥ хабааннаах историяны биллибит, сөхтүбүт.
Түмэлгэ киирээти интэриэһинэй, киһи хараҕар быраҕыллар ыскаап уонна кырыымпа турар. Бу ыскаабы уонна кырыымпаны Егор Ильич Неустроев аҕата Ырыа Ылдьаа оҥорбут. Кырыымпаны оҥоро-оҥоро дьоҥҥо бэлэхтиир эбит.
Ф.Ф.Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Амма көмүс киистэлээх ураты буочардаах, айылҕаттан айдарыылаах, талааннаах дьонун быыстапкатын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Быыстапкаҕа Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна Николай Николаевич Рязанскай, норуот маастара, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Ньургуйаана Алексеевна Никифорова – Ойууна уонна норуот маастара, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Ульяна Михайловна Нохсорова үлэлэрэ көрдөрүүгэ турдулар. Худуоһунньуктар хас биирдии үлэлэрэ уратылар, туспа буочардаахтар, кэпсээннээхтэр.