Самаан сайын салаллан, үкэр куйаас сатыылаан, аар айылҕа силигилээн, чэлгийэн турар кэрэ кэмигэр, болдьообут курдук эргиччи күннээх, итии куйаас күн Туманнаах Түбэ олохтоохторун самаан сайыны көрсөр, алгыс ылар дьоһун күнэ, ыһыах бэс ыйын 25 күнүгэр бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Быйылгы ыһыах Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр ИЙЭ, Өлөөн эбэнки национальнай оройуонугар АҔА сылларыгар аналлаах сыл чэрчилэригэр анан ыытылынна. Ыһыах култуурунай программатыгар Өлөөн эбэнки национальнай оройуонун Үрүҥ тунах ыһыаҕар оройуоннааҕы дьиэ кэргэн «ЫАЛ – ҮТҮӨ ҮГЭС СИТИМЭ 2022» күрэҕэ ыытылынна.
Ыһыах ыһар Ытык Сир арчыламмыт Тойон түһүлгэтигэр, «МИН ДЬИЭ КЭРГЭНИМ – МИН РЕСПУБЛИКАМ” ыҥырыылаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи «ДЬИЭ КЭРГЭН — 2022» күрэҕин чэрчитинэн ыытылынна. Күрэх 4 түһүмэхтээх, сыала – соруга Кылаан кыайыылаах дьиэ кэргэн Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Дьиэ кэргэн – 2022” түмүктүүр күрэххэ кыттыыны ылар быраабы ылан, Өлөөн оройуонун чиэһин көмүскүөҕэ.
Күрэх сыллата ыал статуһун бөҕөргөтөр, кэргэннии сыһыаны, чөл олоҕу, дьиэ кэргэн үгэстэрин уонна ыал буолууга, оҕону төрөтүүгэ эппиэтинэстээх сыһыаны көҕүлүүр сыалтан ыытыллар.
Бу айгыр — силик Аан Ийэ дойдуга оҕо төрөтөн, алаһа дьиэ тэринэн, иитэр сүөһүнү күрүөлээн олоруу, айыы киһитин ытык иэһэ. Олох бары үөрүүтүн, кэрэтин билэн, үйэни моҕоон, хаан-уруу аймаҕы тэнитии барыбыт аналбыт уонна дьолбут. Дьиэ кэргэн айылҕатын анала – чэбдик оҕону төрөтөн, саҥа келүөнэни иитэн — үөрэтэн таһааран омук барҕарыытын хааччыйыы.
Ыһыах үөрүүлээх дьоро дьоро түһүлгэтигэр өрө көтөҕүүллүүлээх фанфар музыка доҕуһуолунан Дьиэ кэргэн күрэҕин иилээн – саҕалаан ыытааччылара, элбэх оҕолоох биир бастыҥ ыал Саргылаана, Василий уонна кинилэр уоллара Никон Протодьяконов киирэннэр, бэрт хомоҕойдук, ыпсаран көрөөччүгэ тиийимтиэ гына сахалыы уус тылларынан күрэҕи саҕалаатылар. Дьиэ кэргэнинэн күрэҕи салайан ыытыы кэрэхсэбиллээх, бу бэйэтэ эмиэ ыал үгэһин ситимэ. Түгэнинэн туһанан оройуоннааҕы култуура салаатын аатыттан Саргылаана, Василий, Никон Протодьяконовтарга барҕа махтал!
Дьиэ кэргэн күрэҕин маннык састаабтаах Дьүүллүүр Сүбэ үлэлээтэ.
Дьүүллүүр Сүбэ пред. – Сергеев Альгис Семенович – оройуоннааҕы депутаттар сэбиэттэрин «Суглан” бэрэссэдээтэлэ.
— Александрова Людмила Васильевна — Муниципальнай оройуон Баһылыгын общественнай сэбиэтин председателэ, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ.
— Иванова Мария Христофоровна – оройуоннааҕы үөрэҕирии салаатын салайааччыта, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна
— Соломоновтар дьиэ кэргэттэрэ — Татьяна Аркадьевна Өлөөннөөҕү многофункциональнай киин салайааччыта, Спиридон Андреевич Өлөөннөөҕү экология салайааччыта.
Дьиэ кэргэн күрэҕэ маннык түһүмэхтэринэн ыытылынна
- Бэйэни билиһиннэрии
- Сахалыы национальнай танас
- Дьиэ кэргэн үгэстэрэ
- Талба талаан
Дьиэ кэргэн күрэҕэр кытыннылар – Кирбэй нэһилиэгиттэн Валентина Васильевна, Василий Иванович Степановтар, Надежда Павловна, Конон Кононович Колодезниковтар, Өлөөн национальнай нэһилиэгиттэн эдэр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр Саргылана Анатольевна, Василий Анатольевич Харабаевтар, Мария Иннокентьевна, Дмитрий Афанасьевич Струкиннар.
Күрэх бастакы түһүмэҕэр «Национальнай таҥас” күрэҕэр кыттааччы — дьиэ кэргэттэр, саха маанылаах таҥаһын, ыһыах күнүгэр сайбаччы кэтэн, күөх хонуу устун сэгэччи үктэнэн хааман наскылдьыһан киирэннэр, дьиэ кэргэн маанылаах — Далбар Хотуттара уонна толуу көрүнээх, эр бэртэрэ, холоонноох доҕордоро, эркин курдук эрэнэр эрэллээх, тапталлаах кэргэттэрэ дьэ уонна сүрэҕи манньыта, дууһаны үөрдэ эмдэй – сэмдэй, күҥҥэ тэҥнии көрбүт көмүс чыычаахтара – оҕолоро көрдөрдүлэр.
— Элбэх оҕолоох эдэр ыал Саргылаана, Василий Харабаевтар — эдэр ыал быһыытынан олоххо сэмэйдик хардыылаан, олох суолугар күннэтэ санаттан саҥа сүүрээни үөрэтэн, билэн – көрөн олоххо киллэрэргэ дьулуһар эдэр ыаллар. Эмдэй – сэмдэй элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн быһыытынан оҕолорун иитиигэ утумнаахтык, бэйэлэрин сиэрдээх майгыларынан дьарыктыыллар, Оройуон общественнай олоҕор активнайдык кыттар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн.
— Кирбэй нэһилиэгин бастын мааны элбэх оҕолоох, күндү мааны сиэннэрдээх Колодезниковтар дьиэ кэргэттэрэ. Иллээх дьиэ кэргэн Далбар Хотуна Надежда Павловна Саха республикатын норуотун маастара, иис – уус алыбын баһылаабыт, талааннаах иистэнньэҥ, дьиэ кэргэн Аҕа Баһылыга Конон Кононович саха улуу бөлүһүөктэрэ уутуйан олорбут Талба талыы Тааттаттан төрүттээх күтүөт, Кирбэй нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын специалиһа.
— Дьоһун мааны, удьуор табаһыт элбэх оҕолоох, күндү мааны сиэннэрдээх Степановтар дьиэ кэргэттэрэ. Дьиэ кэргэн Далбар Хотуна Валентина Васильевна өр сылларга чуум хаһаайкатынан үлэлээн, таба иитэр ыстаадаҕа үлэлээбитэ, дьиэ кэргэн Аҕа баһылыга Василий Иванович тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Степановтар дьиэ кэргэттэрэ өбүгэлэриттэн ситимнэнэн кэлбит удьуор табаһыттар, тыа хаһаайыстыбатын сүрүн дьарыгынан табаны иитииннэн дьарыктанар, сайынын өҥүрүк куйааска, кыһынын чысхаан тымныы, буурҕа быыһынан, айылҕа ханнык да кэмигэр туруулаһан үлэлээн бэйэлэрин үтүө холобурдарыгар төрөппүт оҕолорун сиэрдээхтик иитэр Кирбэй национальнай нэһилиэгин биир бастын ыаллара.
— Элбэх оҕолоох эдэр ыал үһүс түөлбэ олохтоохторо, нэһилиэк олоҕор активнайдык кыттар эдэр ыаллартан биирдэстэрэ — Мария, Дмитрий Струкиннар. Эдэр ыал сэмэйдик бэйэлэрин ис кыахтарынан, сайдам санааларынан олоҕу тэҥҥэ хардыылаһан, күҥҥэ көрбүт көмүс чыычаахтарын оҕолорун ийэ аҕа тапталынан, бэйэлэрин тус холобурдарыгар иитэллэр. Эдэр ыал ийэлэрэ Мария Иннокентьевна учуутал, аҕалара Дмитрий Афанасьевич олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба оператора.
Күрэх 2-с түһүмэҕэ. “Бэйэни билиһиннэрии”.
Күрэхпит 3-с түһүмэҕэ “Дьиэ кэргэн үгэстэрэ”, бу түһүмэххэ ыал — дьиэ кэргэнинэн өбүгэттэн ситимнэнэн, уһуйуллан олоҕурбут үгэһин туһунан билиһиннэдэ.Ханнык баҕарар дьиэ — кэргэн бэйэтэ үтүө үгэстэрдээх, холобур буолар духовнай сыаннастардаах буолар. Толору дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит оҕо, олоххо бөҕө тирэхтээх ситиһиилээх буола улаатар. Бу түһүмэх сыала — соруга бигэ туруктаах, тулхадыйбат өбүгэттэн силистэнэн, ситимнэнэн кэлбит үтүө үгэстэри тутуһан ыччаттарыгар уһуйан ситиһиилээх буолуу төрүтүн олохтооһун, сиэрин бигэргэтэзһин.
Өлөөн эбэнки национальнай ороуонугар быйылгы сыл Аҕа сылынан биллэриллибитэ. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга — Аҕа диэн мээнэҕэ эппэттэр. Аҕаттан айыллыбыт Алаһа дьиэ холумтана уостубат уоттанар, Аҕа диэн дьиэ кэргэн Аҕа баһылыга, дьиэ кэргэн тапталын чыпчаала, дьол – соргу уйата — Дьиэ кэргэн эрэллээх эркинэ. аҕаны мэлдьитин үрдүктүк тутабыт. Бу үһүс түһүмэххэ дьиэ кэргэттэр Аҕа баһылыктара өбүгэ ситимин уһуйааччылар, иитээччилэр, тарҕатааччылар, сүрэхтэригэр иҥэринэн тута сылдьааччы буолалларын өссө төгүл бигэргэттилэр.
Күрэх 4-с түһүмэх “Талба талаан”. Күрэххэ кыттааччы дьиэ кэргэттэр бары да дэгиттэр талба талааннаахтарын биһирии көрдүбүт.
Дьүүллүүр Сүбэ түмүгүнэн күрэххэ кыттыбыт дьиэ кэргэттэри «Ыал -үтүө үгэс ситимэ 2022” күрэххэ кыттыыны ылбыттарыгар барҕа махтал тылларын туһаайан туран “Өлөөн эбэҥки муниципальнай оройуон” МР анал бириистэрин Дьүүллүүр Сүбэ “Кылаан кыайыылаах дьиэ кэргэн 2022” үрдүк ааты ылбыт Саргылана Анатолий Харабаевтарга уонна күрэххэ кыттыыларын иһин анал бириистэри Надежда Павловна, Конон Кононович Колодезниковтарга, Валентина Васильевна, Василий Иванович Степановтарга, Мария, Дмитрий Струкиннарга үөрүүлээх, долгутуулаах быһыыга харчыннан бирииһи туттартаатылыр.
Долгутуулаах, үөрүүлээх күрэх түмүктэннэ, кыайыылаах, анал бириистээх дьиэ кэргэттэри өссө төгүл үрдүк ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит!
Бүгүҥҥү күрэххэ кыттыыны ылбыт күрэх ыытааччыларыгар, Дьүүллүүр сүбэҕэ, кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ алгыспытын аныыбыт толкуйдаабыккыт тобуллан, туолан истин. Санаабыккыт сааһыланан, баҕа санааҕыт барҕара туруохтун! Туппуккут тупсан, Оҥорбуккут үйэлээх. Үлэҕит, үөрэххит тахсыылаах, ситиһиилээх буоллун! Аймах билэ дьоҥҥут, оҕоҕут – уруугут доруобай, дьоллоох буоллуннар!
Дьиэ кэргэҥҥитигэр ил – эйэ, таптал, дьол арыаллаатын, чэгиэн, чэбдик буолун!
Ыстатыйаны суруйда Валентина Боекова
Култуура салаатын методиһа
28.06.2022