Прокопий Павлов

Прокопий Павлов ыллыыр ырыалара

«Сир ийэ барахсан»

Михаил Амака тыллара,
Прокопий Павлов мелодията

Сарсыарда сиик көтөн ойуурга
Мутукча дьыр курдук сыттаммыт,
Сыһыыга сибэкки арааһа
Көрүөххэ кэрэтик да үүммүт.
Хос ырыата:
Сэбирдэх мутукча чэлгийбит,
Сибэкки кэрэ да өҥнөммүт.
Бу манна, ньургуһуннаах кырдалга
Ырыаһыт чыычаахпыт музыка түһэрбит,
Наймыҥныы күөгэҥниир талахтаах арыыга
Күөх баархат сэбирдэх тэллэйбит.
Хос ырыата:
Долгуҥнуу долгуйар үүнүүлээх алааска
Күөх от килбэҥнии оонньообут,
Сайыҥҥы сымнаҕас сөрүүн салгыҥҥа
Сардаана сибэкки дьэргэйэ тупсубут.
Хос ырыата:
Сир Ийэ чэчирии сиппитин
Кэҕэлиин кыттыһан күөрэгэй туойда,
Сиидэһи тэлгэппит кэриэтэ сирбитин
Үөһэттэн хаас үөрэ уруһуйдаан ааста.

Дорожка 1(Сир ийэ барахсан)


 

«Өлөөҥҥө фестиваль»

Прокопий Павлов тыллара уонна мелодията

Тапталлаах Өлөөнүм үрэҕин үрдүгэр
Сахалыы ырыаҕа түһүлгэ ыҥырар
Кулууп дьиэҕэ мустан ырыа-тойук тардан
Эдэр ыччат кэлиҥ, бар дьону уруйдуу.
Хос ырыата:
Фестиваль — Өлөҥҥө фестиваль
Ыҥырар эйиигин фестиваль.
Фестиваль — Өлөөҥҥө фестиваль
Ыҥырар эйиигин фестиваль.
Ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар
Төрөөбүт дойдубут туһунан ыллыаҕын.
Саргылаах сахабыт үлэһит норуотун
Кыайыыга дьулуурун биһиги чиэстиэҕиҥ.
Хос ырыата:
Тапталбын таайыытын, дууһабыт иэйиитин
Кэскилбит инники төлкөтүн туойуоҕуҥ,
Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ кэлбитин
Бу дьоро киэһэҕэ уһатан биэриэҕиҥ.
Хос ырыата:

Дорожка 4(Өлөөҥҥө фестиваль)


 

«Сайыны көрсүү»

Прокопий Павлов тылллара уонна мелодията

Хаар уулла күн тыган,
Ньургуһун тыылла сир ахсын.
Эн биһикки турабыт
Саас кэлбитин айхаллыы.
Хос ырыата:
Көрөөй, доҕоччуок,
Көрүүй тыгарын,
Көрүүй сырдыгын,
Сааһы аҕалбытын
Биллэрэн үөрэрин.
Биир чыычаах үөрэн ыллыырын
Дьон – сэргэ дуоһуйа истэр,
Ол аата саас кэлбит диэн
Эн биһи үөрэн ыллыбыт.
Хос ырыата:

Дорожка 7(Сайыны көрсүү)


 

«Сулустар»

Прокопий Павлов хоһооно, матыыба

Күөх халлааҥҥа былыт устар
Ол быыһынан сулус тыгар
Эн биһикки сиэттиһэн
Ону одуулаан хаамсабыт

Хос ырыата:

Сулустар, сулустар,
Сулустар тыгаллар
Мин эйиигин таптыырбын
Туоһулаан тыгаллар

Олох кэрэ бу кэмнэрин
Тапталынан бүөбэйдэниэх
Олох устун бииргэ үктээн
Доҕоччугуом хаамсыах иккиэн

Хос ырыата:

Эйиигин мин таптыырым
Күнтэн күн күүһүрэр
Итэҕэйбэт түгэҥҥэр
Сулустартан эн ыйытаар

Хос ырыата:

Дорожка 8(Сулустар)


 

«Эйиэхэ, ийэ»

Прокопий Павлов хоһооно, матыыба

Күн сиригэр төрөөммүт
Киһи буолан сылдьарбыт
Күндү киүи, Эн – ийэ,
Бу сиргэ баар буолан.
Мэлдьи саныы сылдьыахпыт
Эн үтүөкэн өҥөҕүн,
Баар суохпут ийэбит,
Күн тэҥэ киһибит.

Хос ырыата:

Эйиэхэ ийээ, баһыыбам миэнэ,
Эйиэхэ ийээ, бокулуонум миэнэ.

Сыллар – күннэр ааһаллар,
Ааҕар эмиэ оҕо саас.
Доҕоруом, эн умнумаар
Киһи гыммыт ийэҕин.
Эйиэхэҕэ махтал буоллун,
Эйиэхэҕэ хайҕал буоллун,
Эйиэхэҕэ уруй буоллун
Күн сирин үрдүгэр!

Хос ырыата:

Дорожка 10(Эйиэхэ, ийэ)


 

«Эһиэхэ эдэрдэргэ»

Прокопий Павлов хоһооно, матыыба

Бу бүгүҥҥү үөрүүлээх күнү
Үөрэ – көтө көрсүөҕүҥ,
Икки сүрэх биир буолуутун
Эҕэрдэлээн чиэстээн иһиэҕиҥ.

Хос ырыата:

Баҕарабыт эдэрдэргэ
Сырдык ыраас тапталы.
Олох суола эһиэхэҕэ
Арылынна бу киэґэ.
Баҕарабыт саҥа ыалга
Өрүү эдэр хааларга
Уонна өссө баҕарабыт
Куруук дьоллох буоларга.

Уруу – аймах мунньустан,
Сырдык, сылаас тыл этэн,
Сахабыт хаанын киллэрэн
Ыллааҥ, туойу, үҥкүүлээҥ.

Хос ырыата:

Дорожка 12(Эһиэхэ эдэрдэргэ)


 

«Дьэлиҥдэ»

Прокопий Павлов хоһооно, матыыба

Куонаапка үрэхпит үрдүгэр
Хонууга сибэккилии үүнэҥҥин,
Тарҕанан сытаҕын барахсан
Мин тапталлаах Дьэлиҥдэм.

Хос ырыата:

Дьэлиҥдэ, Дьэлиҥдэ, Дьэлиҥдэ
Эн бааргын мин дойдум, мин сирим
Эдэр саас, оҕо саас сылларбын
Эйиэхэ анаан ыллыыбын

Дорообо диэн, илиибин уунабын
Хонууга сибэккилии үүнэҥҥин
Тарҕанан сытаҕын барахсан
Мин тапталлаах Дьэлиҥдэм

Хос ырыата:

Табалаах, кырсалаах кыраайга
Үүнэҕин киэркэйэн мин дойдум,
Бу хоһуун, хорсун дьонноргор
Эн иккис ийэтэ буолаҕын.

Хос ырыата:

Дорожка 9(Дьэлиҥдэ)


 

Дата обновления страницы: 11.11.2021

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930