Сүгүрүйэбин Эйиэхэ Иистээх эбэҥки дьахтарыгар Көнө дьикти сииккинэн Аатыҥ ааттана турарыттан… Бииртэн биир кэрэни Иэйииҥ тыынын иҥэрэн иистэн, ай тут өссө да…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин сорудаҕынан иис-уус алыбын иҥэриммит Далбар Хотуттар Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун картатын икки нэдиэлэ устата оҕуруонан симээн тиһэҕэр тириэрдэн, бэс ыйын 5 күнүгэр куоракка ыыттыбыт. Бу картаны сыта-олоро толкуйдаан, сүбэлэһэн, материалбытын сакаастанан үлэбитин саҕалаабыппыт.
Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун тарбахтарыгар талааннаах, иис-уус алыбын иҥэриммит кыргыттар, төрөөбүт дойдуга, ийэ айылҕаҕа тапталы ойуулуур-дьүһүннүүр, хотугу норуот олоҕун-дьаһаҕын, ииһин-ууһун кэпсиир эскиһи Лена Александрова оҥорон, араас өҥү наардаан санааларын кыбытан, иис ураты илбиһигэр доҕуһуоллатан, ситтэрбэтэх ыра санааларын илбиһигэр ойуу-дьарҕаа түһэрэн, кини сэргэх сэһэнигэр абылатан, бэйэлэрин талааннарынан, айылҕаларынан иистэнэр, оҕуруоһут кыргыттарга бастаан кыра деталларбытын оҥортоон, уруһуйдаан биэрбитин Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун норуотун маастардара Сардана Петрова, Ия Сергеева, Алина Попова, Лариса Игнатьева, “Кыһыл көмүс сүүтүк” иистэнньэҥнэр күрэхтэрин кыайыылааҕа Саргы Боягир уонна мин тигэн саҕалаабыппыт.
Умсулҕаннаах оҕуруо симиитэ, илии үлэтэ туттуҥ да бүтүөр диэри олороҥҥун тигэҕин, үлэбит түмүктэнэн картабыт оһуора-бичигэ ситэн тахсыбытыгар бэйэбит да астынныбыт, үөрдүбүт. Маннык групповой үлэҕэ кыттан оҥорор наһаа үчүгэй, сэргэх үлэ эбит. Күндү кыргыттарым! Өрүү ханна сырыттаргыт, үчүгэйгэ тардыһа сылдьыҥ, ханнык да түгэҥҥэ санааҕытын түһэрбэт буолуҥ. Дьон-сэргэ махталын ылаҥҥыт үтүө суобастаахтык үлэлээҥ, олох тутулун тутаҥҥыт инники күөҥҥэ сылдьыҥ. Сырдык санаанан, сайаҕас мичээринэн дьоҥҥо үөрүүгүтүн бэлэхтээн, кыраттан кынаттанан үөһээ диэки дабайыҥ!
Айар аартыккыт алгыстаах буоллун, Ылбаҕай оһуордары ыпсара туруҥ, Төрөөбүт Өлөөммүт үүнэ, чэчирии сайдарын туһугар Үлэни-үөрэҕи баһылааҥ, Уйгулаах олохтоох, Чөл туруктаах, дьоллоох буолуҥ!