Стас Семенов

      Стас Семенов ыллыыр ырыалара

        «Мин таптыыр Өлѳѳнүм»

Мария Акимова тыллара
Стас Семенов мелодията

Дьиктилээх саас кэллэ,
Сир-дойду уhуктар,
Эйиигин Өлѳѳнүм
Тырымныы уруйдуур.
Хос ырыата: Мин таптыыр Өлѳѳнүм
                      Таас хайа биэрэгэр
                      Күүлэйдиир кэмнэрбит
                      Кэрэтиэн эбитин.
Өлѳѳнүм очуоһун
Одуулуу кѳрѳрбүн
Ньургуhун сибэкки
Тылларын кѳрѳбүн.
Хос ырыата: Мин таптыыр Өлѳѳнүм
                      Таас хайа биэрэгэр
                      Күүлэйдиир кэмнэрбит
                      Кэрэтиэн эбитин.
Айылҕам барахсан-
Кэрэчээн оҕото
Ситээхтээн, симэнэн
Киэргэйэн таҕыстын.
Хос ырыата: Мин таптыыр Өлѳѳнүм
                      Таас хайа биэрэгэр
                      Күүлэйдиир кэмнэрбит
                      Кэрэтиэн эбитин.

RIFFINFO_INAM (Мин таптыыр Өлөөнүм)


 

«САРГЫЛААНА»

Семен Данилов тыллара
Стас Семенов мелодията

Эйиигин короотун мин бүгүн
Санатыан ол ыраах сыллары
Махтана ньургуьун ууммутун
Тумулга кэҕэ чуор үорүүтүн
Припев: Саргылаана
Эйигин короотүн мин бугун
Үнкүүьүт биир кыыһы санаатым
Лыах буолан тэлээрэн киирэрин
Тэтиҥни чэпчэки бэйэтин
Припев: Саргылаана
Эйиигин короотүн мин бүгүн
Санатыан биир киилбик уолчааны
Бастакы таптал күлүмүн
Эппэтэх толоонноох тыллары
Припев: Саргылаана
Эйиигин короотүн мин бүгүн
Тоһо да кэм аастар хаар саптар
Бу таптал өлбөтүн өйдөөтүн
Хаһан да сүппэтин өйдөөтүн

RIFFINFO_INAM(Саргылаана)

RIFFINFO_INAM(Саргылаана ремикс)


 

«Уһугунна ньургуһунум«

Наталья Михалева-Сайа тыллара
Стас Семенов мелодията

Ыллыы илик ырыам дуу?
Ырыых-ыраах ырам дуу?
Тыллан кэллэ сурэхпэр,
Тырымнаата харахпар.
Уһугунна нарын иэйии,
Уһугунна Урун Айыы.
Уһугунна ньургуьунум,
Уһуганна күөх урсун.
Сардаҥарда сырдык мичээр
Үөрдэ-күллэ тулам сэлээр.
Махтанабын эдэр сааска,
Махтанабын кэрэ сааска.

RIFFINFO_INAM(Уһугунна Ньургуһунум)


 

«Эрэн«

Василий Саввин тыллара
Стас Семенов мелодията

Мин тиийиэм эйиэхэ эн эрэн
Мунчаарар хараастар тугэннэр
Доҕортон ду кимтэн хоргутан
Дууһан айманар кэмигэр
Тыал, бурҕа хатааһын кэнниттэн
Чаҕылхай ып-ыраас күн күлэр
Эмискэ доҕоруом баҕарыан
Эргиллиэн мин диэкки туох билиэй

RIFFINFO_INAM(Эрэн)


 

«Ол күн»

Стас Семенов, Стас Олесов,
Николай Антонов — тыллара уонна мелодията

Хайдах да таптыахпын билбэппин,
Куруутун өйбүттэн ааспаккын
Тапталым диэн сэмээр ахтыахпын
Эмиэ да миигиттэн ырааххын
Ол күн таайбыта сүрэҕим
Ол күн ньургуһун ууммутэ
Ол күн туойбута куөрэгэй
Ол күн сурэхпин уматтын. Уматтын.
Соҕотох эн эрэ истэннин
Бу ырыам тылларын өйдөөрүүй
Сурэхтэн тахсыбыт иэйитин
Эн бэйэн дууһаҕар иҥэриий

RIFFINFO_INAM(Ол күн)


 

«Арахсыы»

Леонид Попов тыллара,
Стас Семенов мелодията

Бырастыы бутэһик бырастыы
Быданнаах арахсыы туһаайда
Арахсыах баар этэ атастыы
Дьылҕабыт иккиэммит суолуйдаа
Ыраатан бэйэни сайыһан
ЫТАСПАТ Үөр күммүт үүннэҕэ
Саатар хаар туһэн сайыһан
Долгуннаах куөхпүтүн көмтөҕө.
Илиибэр эн илиин суох буолла
Сүрэхпэр сүрэҕин сылааһа
Бу курдук оргууйдук умуллар
Үйэлээх таптал да былаһа

RIFFINFO_INAM(Арахсыы)


 

«Бырастыы»

Катерина Андреева тыллара,
Стас Семенов мелодията

Бырастыы доҕоруом, бырастыы
Мин бардым барытын быраҕан.
Хааллардым доҕоруом, эйиэхэ.
Хомолто бу курус киэһэтин.
Хос ырыата: Санаама, доҕоруом санаама
                      Ааспыты эргитэ, санаама.
Олоххун аймаабат туһуттан,
Мин сүттүм сэгэриэм суолгуттан
Тапталбын сүрэхпэр сыһыаран
Мин устуом сэгэриэм холкутук.
Хос ырыата: Санаама, доҕоруом санаама
                     Ааспыты эргитэ, санаама.

RIFFINFO_INAM(Бырастыы)


 

«Эн кэлиий доҕоруом»

Екатерина Андреева тыллара,
Стас Семенов мелодията

Соҕотох турабын, тумаҥҥа сууланан
Санаабар эйиигин кэтэһэр курдукпун
Уу чумпу тулабар, ким да суох аттыбар
Долгуйбут сурэҕим эйиигин кэтэһэр

Припев:
Эн кэлиий доҕоруом, туманы бүрүнэн
Дьиктитик иһийбит киэһээни киэр үүрэн

Өйдүүбүн эн суоххар ахтылҕан иэйиитэ
Ааспакка буппэккэ кэмэ суох муннуурун
Эн бааргар тулабар туох бары тупсара
Бэт тымныы даҕаны дьыбара сымныыра

Припев:

RIFFINFO_INAM(Эн кэлиий доҕоруом)


 

«Хара харах»

Стас Семенов тыллара, мелодията

Припев:

Хара харах көмүһүм
Ханна бааргын билигин
Хаһан ханна көрөбүн
Хаарыаннаах бэйэҕин

Сүрэх ахтар, көһүтэр,
Сэргэ сылдьар кэммитин
Күлэн-үөрэн кэпсэтэр,
Кэтэһиилээх киэһэни.

Припев:

Хара харах көмүһүм
Ханна бааргын билигин
Хаһан ханна көрөбүн
Хаарыаннаах бэйэҕин

Субу баар диэн саныыбын
Сырдык хоһум иһигэр
Санаа курдук чугаскын
Сэгэр уолун сүрэҕэр

RIFFINFO_INAM(Хара харах)

RIFFINFO_INAM(Хара харах минус гитарный)

RIFFINFO_INAM(Хара харах плюс гитарная)


 

«Саҥа дьыл»

Наталья Михалева — Сайа тыллара,
Стас Семенов мелодията

Саҥа Дьылы көрсөр киэһэҕэ
Эн биһи иккиэбит, иккиэбит
Хас сулус үөрүүлээх тырымар,
Эн кэрэ мөссүөҥҥүн таайабын.

Сүрэхтэн алыптаах дорҕооннор
Сүрэххэ охсулла тардыллар.
Үйэ саас уостубат үөрүүтэ,
Үрдүктэн үрдүккэ тиэрдэллэр.
Саҥа Дьылы көрсөр киэһэҕэ
Эн биһи иккиэбит, иккиэбит
Хас сулус үөрүүлээх тырымар,
Эн кэрэ мөссүөҥҥүн таайабын.
Сүрэхтэн алыптаах дорҕооннор
Сүрэххэ охсулла тардыллар
Үйэ саас уостубат үөрүүтэ
Үрдүктэн үрдүккэ тиэрдэллэр

RIFFINFO_INAM(Саҥа дьыл)


 

«Хоһооннорум»

Виктор Хон тыллара,
Стас Семенов мелодията

Хоһооннорум тыллара
Ырыа буолан дьиэрэйиҥ,
Сүрэх истиҥ иэйиитин
Үтүө дьоммор тириэрдиҥ
Ырыам миэнэ күөрэгэй
Үөһэ күөрэй, дьүрүһүй
Ырыам миэнэ көҥүл тыал
Ыраах көтө, тэлээриий.
Туой оһуордаах кырдалы
Туой Сибэкки тылларын
Кырыымпалыы лыҥкыныы
Кыталыктыы кыҥкыныы.
Кэпсээ ыраас тапталы
Саас ньургуһун тахсарын
Хоһуй нарын мөссүөнү,
Кыыс суһуоҕар субуллан.

RIFFINFO_INAM(Хоһооннорум)


 

«О, кэрэ да сибэкки»

Мария Акимова тыллара
Стас Семенов мелодията

О, кэрэ да сибэкки
Турар сырдык түннүкпэр
Тугу эрэ сэһэргиир
Мин уйаҥ мин уйаҥ сүрэхпэр
Припев:
Эйиэхэ мин анаан ыллыам
Бу ырыам тылларын
Эн кэрэ дьүһүҥҥэр
Эн хара хараххар
О, кэрэ да сибэкки
Сирим дойдум симэҕэ
Сүрэх күндү бэлэҕэ
Миигин эн, миигин эн үөрдэҕин
О, кэрэ да сибэкки
Өйүм санаам аргыһа
Дууһабын долгутар
Махтана, махтана ыллыаҕым

RIFFINFO_INAM(О, кэрэ да сибэкки)


 

«Ньургуһун тылларын кэмигэр»

Аким Кондратьев тыллара,
Стас Семенов мелодията

Ньургуһун тылларын кэмигэр,
Эйигин көрсүбүт буоламмын.
Эриэкккэс эйэҕэс бэйэҕэр,
Эдэр саас иэйиитин булабын.
Күөрэгэй ырыатын кэмигэр
Эйигин көрсүбүт буоламмын,
Минньигэс мичээрин иһэрэн,
Ыралаах ырыаннан туолабын.
Өҥ – быйаҥ үүнэрин кэмигэр
Эйигин көрсүбүт буоламмын,-
Уйгуну уһансар илиигэр,
Тапталы күлүүһүн уунабын.

Semenov Stas -=- Nurguhun -=-(Ньургуһун тылларын кэмигэр)


 

«Хаарчааннар»

Стас Семенов тыллара уонна мелодията

Түннүгүм анныгар күп түүлү хаар ыhыллар
Хаарчааннар үҥкүүлээн дьиэрэҥкэй тэбэллэр
Харахпар араастаан күлүмнүү оонньууллар
Санааны ыраастан кылбаhа күрүүллэр
Хос ырыата:
Сулустар тулабар тохтоллор
Суhумнуу лыҥкыныы кыыдамныы
Халлааным кэрэтэ ый сырдыгын ырааhа
Хос ырыата:
Хаар сиргэ үөрүүнү арыаллан дьэ кэллэ
Сүрэҕим иhигэр ып ыраас чаҕылхай
Саҥа хаарым үөрэ уруйдуугун миигин
Угуйаҕын үөhэ сырдык иэйиибин

Саша Николаев-хаарчааннар(Хаарчааннар)


 

Дата обновления страницы: 12.11.2021

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930