Нөрүөн нөргүй, Олоҥхо дойдута Сунтаар сириттэн кэлбит ытык-мааны ыалдьыттарбыт, диэн Сунтаар улууһун «Алгыс» ветераннар түмсүүлэрин кыттыылаахтарын кулун тутар 22 күнүгэр А.С.Иванов аатынан “Илкит” этнокултуурунай кииҥҥэ оройуоннааҕы култуура үлэһиттэрэ уонна нэһилиэк ытык ветераннара, “Ньяруткан” аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ Үрэн Хоһуун дойдутугар эҕэрдэлии көрүстүлэр. Чичипкаан аннынан арчылаан, арыылаах алаадьынан айах тутан, Өлөөн эбэ сүүрүгэ үйэлэр тухары анаан чочуйбут үүттээх тааһынан оҥоһуллубут харысхал бэлэҕи Сунтаар тан төрүттээх Өлөөн олохтоохторо туттардылар. Эбэҥкилии ураһа саала5а итии үүттээх чэй иһэ-иһэ ирэ-хото кэпсэттилэр. Бу иннинэ ытык-мааны ыалдьыттарбыт Кирбэй нэһилиэгин түмсүүлэрин кытта эмиэ көрсүьэн, үлэлэригэр уопут атастаһан ааспыттара.
“Эһиги олоххо көхтөөх сыһыаҥҥыт, саҥаны-сонуну билэр-көрөр баҕаҕыт, санааҕыт күүһэ сүүһүнэн көстөөх айаҥҥа сирдээн, дьулуурдаахтык, тулуурдаахтык тиийэн кэлбиккитин сөҕө-махтайа, киэн тутта көрөбүт. Биһиги хотугу кэрэ дойдубут, үлэһит, дойдунаат санаалаах (патриотическай санаалаах) дьоммут, үйэлэри уҥуордаан кэлбит култуурабыт, хотугу хоһуун дьоммут Эһиэхэ үтүө өйдөбүлү, сырдык санааны хааллардахтара диэн эрэнэбит”,- диэн култуура салаатын салайааччыта Надежда Николаева көрсүһүүнү арыйар.
Бу курдук тэҥ саастаах оройуоммут ытык кырдьаҕастарын кытта атах тэпсэн олорон сэһэн-сэппэн буолан, былыргы норуот уостан түспэт ырыаларынан эҕэрдэлэһэн, туһалаахтык, көхтөөхтүк сынньаннылар.
Күндү ыалдьыттарбытыгар дьиэ кэргэҥҥит сылаас, истиҥ сыһыаныгар угуттанан, өр сылларга этэҥҥэ олороргутугар, бу курдук көхтөөхтүк, тутуспутунан сылдьан өссө да элбэх айан аартыктарын арыйаргытыгар, сырыыгыт сыыдам, ситиһиилээх буоларыгар баҕарабыт, диэн Өлөөн култууратын үлэһиттэрэ, кырдьаҕастара, түмсүүлэрэ баҕа санааларын эттилэр.
Чэгиэн доруобуйа, дьол-саргы, Эһигини арыаллаатын, диэн Алгыс тылбытын этэн хааллыбыт.