Балаҕан ыйын 23 күнүгэр А.С.Иванов аатынан “Илкит” этнокультурнай кииҥҥэ «Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон» култуураҕа салаата Арассыыйаҕа норуоттар култуураларын үйэлээх баайын, Саха АССР төрүттэммитэ 100, Саха республикатыгар Ийэ, Өлөөн оройуонугар Аҕа сылларыгар, Оройуоннааҕы культура дьиэтин Үҥкүү-Ырыа коллективын төрүттэммитэ 50-сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах “Сахам сирин таптыыбын” айар куттаах Эр Хоһууттар дьоро киэһэлэрэ буолан ааста.
аҕы биэрбит Ырыа, Үҥкүү абылаҥар ылларбыт, дьарыктаммыт баай дууһалаах дьон буолан норуоппут культуратын саргытын түстэспит, духуобунаһы
көтөхсүбүт үтүө мааны Эр Хоһууттары, салайааччыларга күүс-көмө эпсиһэн, өйдөрүн санааларын өрө күүрдэн, Өлөөн эбэҥкилэрин култууратын сайдарыгар өйөбүл буолбут үтүөлэрин сыаналаан күүстээх
аҥардарбытыгар, кинилэр Үтүө ааттарыгар махтанныбыт. Ол курдук, Саха сирин араас улуустарынан гастролга, республиканскай фестивалларга кыттан Өлөөммүтүн ааттаппыт, суон сураҕырдыбыт Эр хоһууттарбытынан, ол курдук Саха республикатын култууратын үтүөлээх үлэһиттэрин П.И.Семеновы, В.И. Захаровы, Н.Н.Прокопьевы, Саха республикатын култууратын туйгунун Э.И.Семеновы. Сыанаттан түспэт ырыаһыттары Иван Федоровы, Григорий Анисимовы, Николай Саввиновы, Стас Семеновы, Николай Антипины, 1972 сыллаахха ырыа-үҥкүү коллектива тэриллиэҕиттэн солбуллубат суолдьут, ырыаһыт Анатолий Христофоровы, нуучча тылын уонна литературатын учууталын, элбэх
көлүөнэни ырыаҕа уһуйбут Николай Кудрявцевы, Эдуард Николаевы-Карповы, Гоша Никифоровы уонна да атыттары ахтан-санаан аастыбыт.
Бу ахтыы киэһэтигэр бэйэлэрин эт куоластарынан Алексей Николаев, Николай Николаев, Александр Васильев ыллаан көрөөччүлэри сэргэхситтилэр. Онтон Михаил Мигалкин уонна Максим Аммосов куйаар ситиминэн эҕэрдэ ырыаларын ыллаатылар. Эдэр көлүөнэ ырыаһыттарбытын, дьон кутун туппут Александр Николаевы, Николай Готовцевы кэрэ куоластарын иһиттибит, сонньуйдубут. Билигин ыллыы сылдьар ырыа куттаах ырыаһыттар Алик Николаев, Василий Харабаев, Мичил Боеков, “Үргэл” вокальнай ансамбыл уолаттара дьон махталын ыллылар. Онтон биһиги биир дойдулаахпыт Леонид Суздалов дойдутуттан ыраах да сырыттар ырыанан дьону үөрдэн ыллыырын куйаар ситиминэн көрдүбүт, уолбутун көрөн астынныбыт. Үтүө тылтан үөрүү үөскүүр, күүстээх санаа күүһү эбэр уолбутугар Леняҕа муунтуйан ыгылыйбакка, санаата булгуруйбакка, ыарахаттартан чаҕыйбакка этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр арчылыы баҕара хааллыбыт.
Ырыа куттаах доҕотторбут, сырдыгы-кэрэни тарҕатааччылар Өлөөн Эр Хоһууттара! Кэрэ эйгэни, айар үлэни тарҕатыыга, үлэҕитигэр-хамнаскытыгар, дьулуургутун, общественнай олоххо көхтөөх кирбиигитин, айымньылаах сыһыаҥҥытын, тобуллаҕас толкуйгутун, саҥаны-дьиктини айарга дьулуургутун, дьоҥҥут-сэргэҕит ытыктабылын, биһирэбилин ылыаххытын ыллыгыт.
Баҕарабыт Эйэлээх олох-кэрэ бэлэҕэ буолан үүммүт күнтэн үөрүүнү, ыарахаттан чаҕыйбакка инникигэ дьулуһууну, Ийэ сирбит, айылҕабыт чэбдик, дьэҥкир уулаах, ыраас салгыннаах буоллун, Аан дойдуга ил-эйэ эҥэрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!
Модун санааҕыт булгуруйбатын, Муунтуйан ыгылыйбатын, Эрэлгит өссө эрчимирдин! Кыһалҕаны кыайар кынаттаах ыраланыҥ, Ыараханы баһыйар ыйдаҥалаах санааланыҥ, Сырдык санааны кытта сыдьаайа, үөрэ сылдьыҥ!
Ульяна Никифорова