Кулун тутар 22 күнүгэр Москуба уобалаһын Красногорскай куоратыгар
“Крокус сити” концертыыр саалаҕа киһи өйүгэр батан киирбэт иэдээннээх,
сүүһүнэн киһи өлүүлээх улахан теракт оҥоһуллан аан дойдуну аймаата. Бу
күн тугу да сэрэйбэккэ сынньана, бириэмэлэрин туһалаахтык атаара кэлбит
дьон олоҕун быстылар. Инники олохторугар былаан, сырдык ыра санаа
бөҕөтө… Ону барытын хара санаалаах дьон суох оҥордулар.
Россия Президенэ Владимир Владимирович Путин бар дьонугар туһулаан этиитигэр “террористическай акт толорооччулара, тэрийээччилэрэ,
сакаасчыттара накаастаныахтаахтарын биллэрдэ. «Билигин биһиги, фроҥҥа сылдьар бойобуой доҕотторбут, дойду бары дьонун уопсай иэспит —
сомоҕолоһуубут буолар. Эрэнэбин, оннук буолуоҕа, биһиги күүстээх санаабытын, түмсүүбүтүн, биһиги быһаарыныыбытын, эр санаабытын, Россия биир сомоҕо норуотун күүһүн ким да халбаҥнатыа суоҕа. Биһиги элбэх нациялаах уопсастыбабытыгар арахсыыны, уолуйууну, иирсээни ким да таһаарыа суоҕа. Россия ыарахан, сороҕор олус ыарахан олуурдары ааспыта, ити эрээри онтон өссө күүһүрбүтэ. Билигин да оннук буолуоҕа», – диэтэ.
Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун олохтоохторо бу куннэргэ дойду үрдүнэн кутурҕан күннэригэр дойдубут Президенин тула бииргэ буолан, кини
ыҥырыытыгар кыттыһан бары сомоҕолоһон, дойдубут инникитин туһугар биир сомоҕо буолуохтаахпытын өйдүүбүт.
СР Ил Дарханын Айсен Николаев ыйааҕынан кулун тутар 25 күнүн 00.00 чааһыгар диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн успуорт, култуура уонна да атын аралдьытар тэрээһиннэр тохтообуттара. Онон табаһыттар сүлүөттэрэ, кулун тутар 25 күнүгэр, бэнидиэнньиккэ ыытылынна. Сүлүөт аһылларыгар оройуон
дьаһалтатын сэргэ, култуура салаатын үлэһиттэрэ бэлэмнээһиннэринэн “Табаһыттар терроризмы утары” диэн политическай акция тэрилиннэ.
“Биһиги, табаһыттар, дойду экэнэмиическэй бөҕө туругун
сайыннарыыга үлэлиир дьон, эһэлэрбит, аҕаларбыт Аҕа дойду улуу сэриитин
сылларыгар үлэлэринэн-хамнастарынан биир да табаны энчирэппэккэ иитэн, Кыайыыга сүдү кылааттарын киллэрбиттэрин курдук, улэлиэхтээхпит”, — диэн этиллэр
“Табаһыттар терроризмы утары” акцияларын ынырыытыгар .
Семен Топоров, “Өлөөн” муниципальнай-унитарнай тэрилтэ таба иитэр ыстаадатын эдэр биригэдьиирэ: Биһиги эдэр табаһыттар терроризмы утарабыт. Арктика дьоно бары эйэ-дэмнээхтик олорбуппут, киэҥ сиринэн тайаан сытар туундарабыт, Арктикабыт дьоно өбүгэлэрбит ииппиттэринэн-үөрэппиттэринэн киэҥ көҕустээх, муударай буоларга, итини сэргэ ханнык да куһаҕан майгыны кытта
эйэлэспэт гына үөрэтэллэрэ.”
Бу буолбут иэдээн, барыта анал сыалланан норуоту эһэр туһугар күүстээх хамсааһын үлэтэ биһигини утары ыытылларын умнуо суохтаахпыт”диэн табаьыттар эттилэр, уонна терракт сиэртибэлэрин кэриэстээн саҥата суох биир мунуутэ сонньуйан турдулар.