Бүгүн Өлөөн улууһун делегацията ыалдьыттаата. Улууска инвестиционнай бырагыраамаҕа киириэхтээх тутуулары кэпсэттибит.
Улуус култууратын салаатын салайааччыта Надежда Прокопьевна Николаева, Өлөөн улууһугар элбэх үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын кэпсээтэ. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ аҕыйах ахсааннаах норуоттарын табаһыт ыччат сүүрүүтэ буолбута, онно 12 улуустан кэлэн кыттыбыттар. Киэн туттар Табаһыттар бырааһынньыктара, Тугунок күнэ ыытыллар.
Маны таһынан улууска айылҕаны харыстааһыҥҥа, ыччаты сиэргэ-туомҥа иитиигэ, экологическай хайысхалаах үлэ күүскэ барар.
Өлөөн эбэҥки улууһа Дьэһиэйи кытта урукку сибээстэрин сөргүтэн, уус-уран хайысхалаах тэрээһиннэри, шефтэһиини олохтуулларыгар баҕа санаабын эттим.