“Утум ситимэ” –“Амтыл хоктолитын”  быыстапка арылынна

 

Бу дьыл алтынньы ый 12 күнүгэр  Александр Иванов аатынан «Илкит» Этнокультурнай Кииҥҥэ Российскай Федерацияҕа «Дьиэ кэргэн», Саха Сиригэр оҕо-аймах, Өлөөн оройуонугар эбэҥки сылларыгар, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун статуһун ылыммыт, Өлөөн орто оскуолата 90 сыллаах үбүлүөйдээх сылларыгар аналлаах   иис-уус, уруһуй алыбын баһылаабыт Александровтар сыдьааннарын “Утум ситимэ” –“Амтыл хоктолитын”  (тропою предков) быыстапката үөрүүлээхтик арылынна.Өбүгэ саҕаттан бэриллэн, харыстанан кэлбити үйэтитэр, утуму салҕыыр, билэрбитин тарҕатар, көрдөрөр, билиһиннэрэр ытык иэспит буолар. Өбүгэ таҥаһын үйэтитээччи, тарҕатааччы Саха республикатын уус-уран оҥоһуктарын маастара  Елена Даниловна Александрова салҕааччылара оҕолоро сиэннэрэ буоллалар.  Ииһи сэргиир, кэрэни  кэрэһэлиир, айылҕаттан талааннаах Анна, Лена Александровалары уонна эдэр талааннаах художник кинилэр оҕолорун, сиэннэрин оҥоһуктара быыстапкаҕа турда.

“Утум ситимэ” –“Амтыл хоктолитын” Александровтар сыдьааннарын быыстапкатын үөрүүлээх арыллыытын сиэрин-туомун, аалай лиэнтэннэн арыйдылар: Елена Даниловна улахан кыыһа Анна Егорова,  сиэнэ Елена Егорова уонна Саха республикатын үтүөлээх үлэһитэ, Өлөөн оройуонун норуодунай маастара Галина Христофоровна Долгунова.  Үөрүүлээхтик лиэнтэ быһыллааатын  ыалдьыттар сиэри-туому ыытар ураһаҕа киирээттэрин  түһүлгэни ыраастааһын, арчылааһын саҕаланна. Айыы дьоннорун сиэринэн Аал уокка сүгүрүйүү сиэрин туомун  толорордо Анна Егорова.    Үтүө санаа ситимин, үүммүт күн үтүөтүн, кэрэ тыл кэрэмэһин ууннулар Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон олох-дьаһах хааччыйыытын сүрүннүүн баһылык солбуйааччыта Туяра Егоровна Павлова,  Елена Даниловна үөрэнээччитэ , Өлөөн оройуонун норуодунай маастара, элбэх оҕолоох күн күбэй Ийэ Ия Сергеева.

Бу үөрүүлээх күн истиҥ иһирэх тыллары анаан  туран Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун культураҕа салаатын салайааччыта Надежда Прокопьевна Николаева Лена Александроваҕа “ Саха республикатын култууратын туйгуна” знагы үөрүүлээхтик туттарда. Даҕатан эттэххэ  Лена Николаевна 2005 сыллаахха Өлөөн оройуонун Гербэтин уруһуйдаан, Сугулаан депутаттара   бигэргэппиттэрэ, кинигэ уруһуйун открытталары оҥорбута, онтон 2021 сыллаахха “Өлөөн оройуонун норуодунай маастарын” знагын уруһуйдаабыта бигэргэтиллэн, билигин биһиги маастардарбыт туспа түөскэ иилинэр бэлиэлээхпит.

Өлөөн эбэҥки национальнай оройуона Александровтар сыдьааннарынан киэн туттабыт, төрөөбут дойдубут дьонун болҕомтотун тардан, өй-санаа өттүнэн байан, кэҥээн, дириҥээн, уос номоҕор, кэрэ кэпсээҥҥэ киириэххит, Өлөөҥҥут аатын аатырдарга, суон сураҕырдарга үлэ араас салааларын баһылаан дойдубут социальнай-экономическай сайдыытыгар олоххутун аныаххыт диэн бигэтик  эрэнэбит, ситиһиини, сып-сырдык санааны баҕарабыт, үөрэ-көтө сылдьыҥ, эрчимнээхтик, эрэллээхтик саҥа хардыылары, саҥа сүүрээннэри саҕа туруҥ! Өбүгэ күүһүн иҥэринэн, итэҕэллээх, сиэрдээх буолуоҕуҥ! Иэримэ дьиэбит ичигэһинэн, алаһа дьиэбит сылааһынан сыдьаайдын, Бука  бары этэҥҥэ олоруоҕуҥ, сырдык санаабыт сыдьаайа турдун, үүнэр-сайдар ыччаттарбыт дьоллоохтук, дьоһуннаахтык олордуннар! — диэн баҕарабыт.

Үрдүк Айыылар көмөлөрүнэн сырдыкка тардыһан,

Ыарыыга ылларбакка, чөл олоҕунан сылдьан,

Кэнчээри ыччаттарбытын тэнитэн

олохпутун сайыннаран иһиэҕиҥ.

Өбүгэ үгэһин тутуһан, удьуор ситимин салҕаан

сиэри-туому тутуһан, айылҕалыын алтыһан этэҥҥэ буолуоҕуҥ!

Дата обновления страницы: 17.10.2024

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930