XVI оройуоннааҕы «Ыллаа-туой уол оҕо!»- 2023

XVI оройуоннааҕы «Ыллаа-туой уол оҕо!»- 2023

 

Өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан 2000 сылтан, сана ХХI үйэни көрсө толкуйдаммыт тосхол автора Кэптэни орто оскуолатын фольклор куруһуогун салайааччыта, Саха-Бельгийскэй гимназия ырыаҕа учуутала, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уорэҕэриитин туйгуна – Зинаида Петровна Лугинова.

Бу тосхолу сэргээн, ис дууһатынан уол оҕону Ырыа эйгэтигэр уһуйууга, иитиигэ дириҥ суолталаа5ын өйдөөн «Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон» Культуураҕа салаатын салайааччыта, РФ Үөрөҕириитин туйгуна, Саха өрөсүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Николаева оройуоҥҥа тарҕатан «Ыллаа-туой уол оҕо!» — I оройуоннааҕы күрэх 2007 сылтан Өлөөн национальнай нэһилиэгэр ыытыллыбыта.

Бу дьыл Олунньу ый 10 күннэригэр XVI оройуоннааҕы уолаттарга аналлаах «Ыллаа-туой уол оҕо» ырыа күрэҕэ Өлөөн нэһилиэгэр Иванов А.С. аатынан «Илкит» этнокультурный кииҥҥэ буолан ааста. Тэрийээччилэр – Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон Культуураҕа салаата.

Бу күрэх «Музыка для всех» бырайыак чэрчитинэн, патриотическай иитии ыйынан, Арассыыйаҕа  Педагог уонна аҕа сүбэһит, Саха сиригэр Үлэ, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуоҥҥа Эбэҥки төрөөбут тылбытыгар аналлаах сылларыгар ананна.

Өлөөҥҥө 2 күн устата 4 нэһилиэктэн 8 салайааччы, 48 солист оҕо кытынна. Күрэххэ кыттарга икки айымньы толоруу ирдэммитэ: патриотическай, көнүл тиэмэҕэ ырыа.

Күрэх түмүгэ:

„КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ“ 6-7 сааһыгар дылы — Павел Тимофеев Чипичакан оҕо саадын уһуйаана (сал. Новгородова А.В., Өлөөн нэһ.)

„КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ“ 7-11 сааһыгар дылы — Леня Тимофеев Өлөөн орто оскуолатын 3           кылаас үөрэнээччитэ (кл. Рук Алексеева А.В., сал. Самбуева М.Б., Өлөөн нэһ.)

„КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ“ 12-14 сааһыгар дылы – Федя Васильев Харыйалаах орто оскуолатын 5    кылаас үөрэнээччитэ (сал. Кайдалова Е.Г., Кирбэй нэһ.)

„КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ“ 15-18 сааһыгар дылы – Юра Николаев Өлөөн орто оскуолатын 9           кылаас үөрэнээччитэ (кл. рук Иванова С.А., сал. Миронова Т.В., Өлөөн нэһ.)

Лауреат I үрдэлэ – Кадарий Гоголев 6-7 сааһыгар дылы (сал. Лебедева Т.М., Өлөөн нэһ.)

Андриан Николаев 7-11 сааһыгар дылы (сал. Дмитриева С.М.,Дьэлиҥдэ нэһ.)

Мирослав Николаев 12-14 сааһыгар дылы (сал. Титова П.П.. Дьэлиҥдэ нэһ.)

Анатолий Семенов 15-18 сааһыгар дылы (сал. Семенова Ф.Е., Ээйик нэһ.)

Лауреат II үрдэлэ – Артем Дмитриев 6-7 сааһыгар дылы (сал. Новгородова А.В., Өлөөн нэһилиэгэ)

Ян Корякин 7-11 сааһыгар дылы (сал. Дмитриева С.М., Дьэлиҥдэ нэһ.)

Саян Готовцев 7-11 сааһыгар дылы (сал. Кайдалова Е.Г., Кирбэй нэһилиэгэ)

Петр Николаев 15-18 сааһыгар дылы (сал. Дмитриева С.М.,Дьэлиҥдэ нэһ.)

 

 

Лауреат III үрдэлэ – Өркөн Романов 7-11 сааһыгар дылы (сал. Васильева В.В. Ээйик нэһ.)

Сарыал Полуэктов 7-11  сааһыгар дылы (сал. Дмитриева С.М., Дьэлиҥдэ нэһ.)

Бу курэҕи тэрийиигэ Өлөөн оройуонун иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэрин Ырыаҕа уһуйар үлэһиттэрэ Үтүө түмүктээх үлэлэрин бэлиэтээн туран сорох тэрилтэ хамнастаах уонна тустаах үлэһиттэрэ күлүккэ хаалан бу тэрээһиҥҥэ чуолаан Оҕону иитэр уһуйааннар, оскуолаларга кылаас салайааччылара, түөлбэлэр салайааччылара, культура тэрилтэлэрэ, дьиэ кэргэн нэһилиэктэрин чиэһин көмүскүүр, үүнэр күлүөнэни иитэр Ытык иэстэрин толороллоругар баҕарыа этибит. Үлэлиир киһи эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан Уолан уолаттар талааннарын арыйарга, дойдуларын туһугар айар-тутар, дэгиттэр талааннаах, «Патриоттары» иитэн-такайан таһааралларыгар баҕарабыт.

Түгэнинэн туһанан бу кэрэ ырыа киэһэтэ саҥа сүүрээнинэн ыытылларыгар дууһаларын ууран күүс-көмө, сүбэ-ама, спонсордаабыт дьоммутугар материальнай, моральнай өйөбүлгүт иһин истиҥ махталбытын тиэрдэбит: Өлөөн нэһилиэгин аҕа баһылыгар Василий Николаевич Романовка, Дьэлиҥдэ нэһилиэгин аҕа баһылыгар Александр Прокопьевич Егоровка, Кирбэй нэһилиэгин аҕа баһылыгар Владислав Васильевич Николаевка, Солоҕон нэһилиэгин аҕа баһылыгар Надежда Ивановна Васильеваҕа, Өлөөннөөҕү Иванов А.С. аатынан «Илкит»  этнокультурнай киин дириэктэригэр Юрий Семенович Ефимовка, Дьэлиҥдэтээҕи «Аарык» этнокультурнай киин дириэктэригэр Светлана Михайловна Дмитриеваҕа, Солоҕооннооҕу «Сандал» этнокультурнай киин дириэктэригэр Ньургуйаана Андреевна Степановаҕа,  Кирбэйдээҕи «Илькээни» этнокультурнай киин дириэктэригэр Оксана Егоровна Алексееваҕа, Өлөөн нэһилиэгин тутаах урбаанньыттарыгар Дора Владимировна Малгатаеваҕа, Валентина Христофоровна Волковаҕа уонна Алисафа Таптыг Оглы Алиевка.

Махтанан туран Уол оҕо барахсан күннүүн ситимин, бииртэн биир түгэннэрэ, олох олорууга күннэтэ туһаайылларын таба туһаныаҕыҥ, сыаналыаҕыҥ, бөҕөргөтүөҕүҥ, кыайыыны кынаттыаҕыҥ, барыта табылларын төрүттүөҕүҥ! — диэн туран аныгыскы XVII оройуоннааҕы «Ыллаа-туой уол оҕо!» күрэххэ көрсүөххэ диэри!!!

 

Управление культуры

Николаева У.И.

 

 

Дата обновления страницы: 17.02.2023

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930