“Ырыа – олоҕум аргыһа” — Анна Егоровна Готовцева

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха республикатыгар Оҕо, Өлөөн оройуонугар эбэҥки тылын сылларыгар аналлаах “Ырыа – олоҕум аргыһа” “Олоҕум кынаттара ырыаларым”  1959 сыллааҕы эдэр ыччат фестивалын лауреата, 2002 сыллааҕы “Играй, гармонь” российскай телевидение тосхолугар уһуллубут, “Сардаҥа” хаһыат редакциятын бэтэрээнэ, 1999 сылтан  “Дылган” түмсүү солиһа, оройуон бары тэрээһиннэрин тыынын, кутун-сүрүн тута сылдьар Анна Егоровна Готовцева 85- сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр аналлаах сааскы кэрэ киэһэ!

Киэн нэлэмэн туундара дойдулаах, кэс олохтоох хоту дойду Далбар Хотуна Анна Егоровна Готовцева ытык сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх күнүгэр анааммыт, олоҕун остуоруйатын умнуллубат түгэннэрин бэлэх уунан, кэпсээтэхпит буоллун !

Анна Егоровна 1939 с муус устар ый 25 кунугэр Ленинскэй – билиҥҥитэ Ньурба оройуонун , 1 Бордон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ кини 3 саастаагар 1942 сыллаахха Өлөөн оройуонун Соло5оон нэһилиэгэр көһөн кэлбиттэрэ. 1952 с Соло5оон нэһилиэгин кэһэрүллүүтэ буолбута. Бу кэмҥэ Анна Егоровна  10 саастаа5а, Солоҕоон олохтоохторо көһөрүү кэмигэр араас улуустарынан тар5аммыттара, Анна Егоровна төрөппүттэрэ Өлөөн киинигэр көһөн кэлбиттэрэ.

Онтон ыла, иккис төрөөбүт дойду оҥостубут Өлөөнүн сиригэр күлүмүрдээн аастылар  – оонньуур көрүлүүр о5о сааһа, эдэр эрчимнээх күөгэйэр күннэрэ, ыал буолуу, о5о төрөтүү, олох олоруу умсул5ана, үлэттэн дьоллонор дьоллоох кэмнэрэ !  Олох ыарахаттарыттан ча5ыйбакка , букатын эдэр сааһыттан,  үлэҕэ эриллэн, бастаан детсакка оһох оттооччуннан  үлэлээбитэ, Райпога поварынан үлэлээн  үгүс үтүө сылларын анаабыта , онтон кэлинни  сылларга,  олохтоох хаһыаппыт редакциятыгар курьерынан, кассирынан үтүө сынньалаҥҥа барыар диэри,  үгүс сыратын анаабыта.

Анна Готовцева төрүт өбүгэлэрэ үйэттэн үйэ5э илдьэ сылдьар баай туруктаах үтүө үгэстэрин, дириҥ силистээх культураларын о5о эрдэҕиттэн дууһатыгар иҥэринэн улааппыта.

1959 с Өлөөн талааннаах ыччата – Анна Готовцева  ыччаттар Аан дойдутаа5ы 2с  фестивалларыгар  кыттыыны ылан, лауреат үрдүк аатын сүкпүтэ.  Бу фестивальга кынаттаан ыыппыт үтүө мааны дьонноругар  – Прокопий Игнатьевич Семеновка, Мария Афанасьевна Анисимоваҕа, баянист Николай Степанович Ивановка санаатаҕын аайы, истиҥник махтанар.

Тус олоҕор – со5отох хаалбыт ийэ кыһалгатын күүстээх санаатынан , сиэрдээх майгытынан салайтаран , дьоһун-мааны дьиэ кэргэни сиэрдээхтик салайан , күн күбэй Ийэ буолан төрөппүт оҕолорун үөрэттэрэн – такайан , атахтарыгар туруортаан , олоххо дириҥ көрүүлээх , үтүө-мааны улэһит оҥортоон , билигин күүс-көмө, сүбэ-ама буолар – 15 сиэҥҥэ эйэҕэс эбээ, 18 хос сиэннэр – хос эбээ.

Анна Готовцева 60 сыл устата кэрэ нарын куолаһынан республика араас улуустарынан, Красноярскай кыраайынан гастроллаан, оройуоҥҥа ыытыллар фестивалларга, күрэхтэргэ ыллаан-туойан, үгүс элбэх көрөөччү биһирэбилин ылыан ылбыт Далбар Хотун, сцена ветерана.

Анна Егоровна бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор даҕаны, култуурнай ыытыллар тэрээһиннэргэ активнайдык кыттар, 1999 сылтан «Дылкэн» , ол эбэтэр  «Алгыс» эбээлэр түмсүүлэрин солистката.

2002 сыллаахха «Играй гармонь» Российскай телевидение тосхолугар Өлөөн бастакы мелодиһа , баяниһа, ССРС культуратын туйгуна, Саха республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Захаровтыын уһуллар чиэстэммиттэрэ. Владимир Иннокентьевич Захаров Анна Готовцева талаана сайдарыгар  элбэх сыл устата, дьарыктаан, үрдүк таһымҥа таһаарбыт биир ча5ылхай киһиннэн буолар.

Анна Егоровна дьон сэргэ ортотугар Кэрэ Эйгэни тириэрдэргэ ситимниир, билиһиннэрэр, биир бастыҥ пропагандист, республикатааҕы, улуустаа5ы уус уран самодеятельность хас да тэгуллээх  лауреата, 60 сыл устата улуус культурата сайдыытыгар тэҥҥэ хардыыласпыт киэн туттар, холобур оностор Ытык киһибит!

Дьоһун олоҕу олорбут, үтүөнү — кэрэни үксэппит, дьаныардаах үлэни анаабыт түгэннэрин туоһутунан буолаллар – үгүс элбэх махтал суруктар, бочуоттах грамоталар, «Ийэгэ албан аат» орден, «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл уо.д.а

Улуу Арассыыйа, Саха сирэ, төрөөбүт дойдубут култуурата сайдыытыгар сэмэй үлэтинэн, олоххо үтүө холобургунан кыттыыны ыла сылдьаргынан киэн туттабыт!

Сырдыгынан сыдьаайан,

Көмүс кыырпаҕынан күлүмнээн,

Суһумнуур сулус буолаҥҥын

Дьоро киэһэни бэлэхтээтиҥ!

Кэрэни кэрэһэлиир кэскиллээх тыллар сүргэни көтөхтүннэр,

Саастарыҥ халыҥ хаарыгар баттаппакка, олоҕуҥ очурдарыгар оҕустарбакка, дьылҕа бэлэхтэрин дьоһуннаахтык ылынаҥҥын сүүс сааскар дылы сүүрэ сылдьаргар баҕарабыт.

Аламай күн сылааһынан, Өлөөн Эбэ чэбдик салгынынан – алгыспытын ыытабыт! Чэгиэн – чэбдик доруобуйаны , оҕолорун, сиэннэрин тапталларыгар уйдаран уһун дьоллоох олоҕу багарабыт. Өрүүтүн эһиэхэ үөрүү-көтүү, дьол саргы , ил-эйэ эҥэрдэстин !

Дата обновления страницы: 18.05.2024

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930