Ырыа уонна Оһуохай

Үчүгэйиэн Ырыа күнэ –
Арахсыспат аргыс буолта,
Сахам сирин киирбэт күнэ –
Буолан дьоҥҥо
сырдаабыта!
А.С.Иванов аатынан «Илкит” этнокультурнай киин скверигэр ус туһулгэнэн төгүрүччү тутуһан  Өлөөн тэрилтэлэрэ Саха сиригэр Ырыа күнүн уонна быйыл аан бастакынан ыытыллар Оһуохай күнүн бэлиэтии тоҕуорустулар.
Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын эбийиэгин – саха төрүт үҥкүүтүн  «Оһуохайы» харыстыыр уонна тарҕатар соруктаах 2023 сылга Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев  ыам ыйын 25  күнүгэр  Оһуохай күнүн   олохтуур туһунан Ыйаахха илии баттаабыта.
Сахабыт сиригэр
саргыбыт сайыннын,
Дьол-соргу туһугар –
дойдубут тубустун!, диэн оһуохай тылын таһаарааччылар, биллиилээх оһуохайдьыттар төрөөбүт-үөскээбит оройуоннарыттан төрүттээх – Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх эдэр кийиит Владлена Винокурова, , Өлөөнү иккис дойду оҥостубут күтүөттэр Алексей Николаев, Дмитрий Яковлев, Василий Протодьяконов оһуохай тылын таһаарааттарын ус түһүлгэ оьуохайдьыттара  илии-илиилэриттэн сиэттиһэн, бэгэччэктэриттэн бигэһэн,  тоҥолохторунан  тутуһан, окумалларыттан олуйсан,   күн хаамыытынан наҕыллык дьалкытан хамсанан,оһуохай тылын   дорҕоонноохтук  хатылаан оһуохайдаан ойдулар,  эһиэкэйдээн эргийдилэр.

Бу курдук уһук хоту  Үрэн хоһуун дойдутун Туманнаах тубэтигэр саха норуотун   үйэлэр тухары умнуллубакка бара турар  умсулҕаннаах оһуохайа дуорайда. Ырыа уонна оһуохай күнүгэр биир үөрүүлээх түгэнинэн государственнай наҕараадалары туттарыы буолла. Саха республикатын үтүөлээх учуутала ааты Өлөөн орто оскуолатын начаалынай кылаастарга учуутала, “Учууталлар учууталлара” Вера Семеновна Соломоноваҕа, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитигэр, үөрэх оройуоннааҕы салаатын салайааччытыгар Мария Христофоровна Ивановаҕа оройуон баһылыгын солбуйааччы Альгис Семенович Сергеев туттарар.

Саха сиригэр 2012 сылтан   сыл ахсын ыам ыйын 21 күнүгэр Ырыа күнэ ыытыллар буолбута номнуо  12-с сылын ааста. Ырыа саха норуотугар сүҥкэн суолталаах. Биһиги курдук тыйыс айылҕалаах дойдуга олорор дьоҥҥо ырыа барахсан санаабытын уҕарытар, сүргэбитин көтөҕөр, олохпутун киэргэтэр. Дэлэҕэ “Ырыа – олох аргыһа, ырыа – сүрэх алгыһа” диэхтэрэ дуо?
Былыр эр киһи оһох иннигэр уһана олорон киҥинэйэн ыллыыр буолара, эбэтэр дьахтар иистэнэ олорон аргыый наҕыллык ыллаан унаарытара. Уолан киһи тапталтан сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүтүн эбэтэр кыыс оҕо тапталтан таала ууллубутун барытын ырыаҕа тиһэн хоһуйаллара, туойаллара.Оттон ырыа куттаах Өлөөн дьоно ырыа күнүн   аан бастаан   2012 сыллаахха  ыыппыттара. Өлөөн эбэ үрдүгэр турар  айылҕа  ураты кэрэ  миэстэтигэр    Өлөөммүт  “Өрөгөй” ырыатын 3 тылынан, сахалыы,эбэҥкилии,нууччалыы толорбуттара  чахчы да өрөгөй ырыата буолара   киһи  дууһатын,  санаатын ортотунан киирбитэ киэн туттуу санаатын сахпыта, олорорго, айарга-тутарга баҕаны үөскэппитэ, көстүбэт дириҥ иэйиини иҥэрбитэ, модун санааны барҕардыбыта.  Тыла, матыыба, чахчы да өрөгөй ырыата!
Бугун, ыам ыйын 22  күнүгэр,  хоту сирбитигэр сайыммыт барахсан салаллан кэлиитэ, Ньукуолун күнүгэр Ырыа уонна Оьуокай күнэ ыытыллыбыта мээнэҕэ буолбатах. Бу кэмҥэ киһи эрэ үөрүөх-көтүөх курдук. Айылҕа уһуктан, от-мас көҕөрөн эрэр, көтөр-сүүрэр кэлэн, олох өрөгөйүн уруйдаан, ырыа-тойук эгэлгэтин тардар…
Онон киһи сүргэтэ эмиэ көтөҕүллэр, айылҕалыын ситимэ күүһүрэр.
“Ыллыыр омук – эрэллээх, эйэлээх, кэскиллээх. Онон Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Ырыа күнэ  түстэммитэ.
Ырыа олоҕу кытта тэҥҥэ сайда турар норуот тыына, сомоҕолуур күүс, олох дьүөрэтэ уонна доҕуһуола. Өбүгэлэрбит барахсаттар, дэлэҕэ даҕаны этиэхтэрэ дуо: “Саха киһитэ былыр-былыргыттан оҕуһун мииннэ даҕаны ырыатын ыллаабытынан барар”, диэн. Оттон  биҺиги көс олохтоох өбүгэлэрбит  дьыбардаах туун табанан сындалҕаннаах   айаҥҥа    ис уйулҕа тойук ырыатын таһаараллара.

Ырыа күнэ чахчы даҕаны кэрэхсэнэр ырыа бырааһынньыгар кубулуйбута хас биирдиибитин үөрдэр,сэргэхситэр.

Дата обновления страницы: 24.05.2024

Ноябрь 2024
Пн Вт Ср Чт Пт Сб Вс
 123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930