Муус устар 18 күнүгэр култуура бэтэрээнин , элбэх көлүөнэ ыччат ырыаҕа уһуйааччытын Евдокия Михайловна үбүлүөйдээх күнүн “Илкит” этнокултуурнай киин сиэри-туому ыытар ураһаҕа бэлиэтээтибит. Талан ылбыт идэтинэн, бу эйгэҕэ төрөөбүт Өлөөммүт сайдыытыгар өр сылларга үтүө суобастаахтык салайааччынан, уһуйааччынан бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар дылы үлэлээбитэ. Эдэр сааһыттан Кэрэ Эйгэтин кытта ыкса алтыһан, култуурнай тэрээһиннэр нэһилиэнньэҕэ кэрэхсэбиллээхтик ыытыллалларыгар сэмэйдик кыттыһан, Өлөөн оройуона дириҥ силистээх култууратын, духуобунай баайын, ис тыынын, кутун-сүрүн эдэр сааһыттан ис кутугар иҥэрэн үҥкүү- ырыа коллективын кытта алтыһан, кини сайдыытыгар, үрдүк чыпчааллары дабайарыгар сэмэй кылааты киллэрсибит, киэҥ эйгэҕэ тарҕатааччы буоларынан киэн туттабыт, махтанабыт!
Убаастыыр киһибитин, Евдокия Михайловна, бу үөрүүлээх күн үүммүтүнэн өссө төгүл махталбытын Өлөөн сирин култуурата сайдарыгар сылайбакка өйөбүл буолбуккутугар, аламай Күн сылааһынан, Өлөөн Эбэ чэбдик салгынынан алгыспын ыытабыт.
Чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, баай-талым олоҕу Эһиэхэ баҕарабыт!